Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун - Галина Нельбисова страница 4
Аны өйүгэр-санаатыгар киирэр көрүүлэрин, санаатын-оноотун барытын, тиһиллэн кэлэр хоһооннорун блокнокка түһэрэргэ дьулуспут. Дьүөгэлэрэ киниэхэ анаан-минээн аҕалар литератураларын ааҕар, билсэр эбит.
Мин сылайдым ыалдьартан,
Дохсун сүүрүк утары
Устабын өксөйө бытааннык,
Чэбдик турукка талаһа.
Ыарыыттан үөрэнним
Тулуурдаах буоларга,
Эппин-сииммин кытта
Биир тылы буларга.
Сырыы аайы кыһаллан,
Үрдүккэ, кэрэҕэ талаһа,
Туһалааҕы оҥорорго
Кыһамньылаах буоларга.
Ол эрэн сылайдым
Дьон нэгэй сыһыаныттан,
Сэнии көрөрүттэн,
Эрэл кыымын сүтэрэриттэн.
Өйдөөҥ-төйдөөҥ, толкуйдааҥ,
Санаа кулута буолумаҥ,
Ыарыыны хасыһа сатаамаҥ,
Чөл турукка айаннааҥ…
Саахарымсах сахсырҕа,
Күөх истээх сахсырҕа
Дыыгынаан бүт,
Киһини утут.
Күөх искин да кыаммакка
Тото-хана аһаабыккын,
Утуйар сир көрдөөн
Көтөн дыыгыныыгын.
Онно олорон көрөҕүн,
Манна өйөнөн көтөҕүн,
Тугуҥ табыллыбат,
Туох дьэ уоскуппат?
Туох соруктаах эн
Бу сиргэ олороҕун,
Сытыйбыты сиэри дуу,
Дьаҥы-дьаһаҕы тарҕатаары дуу…
Ыарыы… Ыарытыйыы…
Ыар турук…
Ытарчаҕа ылларбыттыы
Ыбылы ылар,
Ыпса, кэккэлэһэ
Ыбылы кууһар.
Ыбыс-ыараханнык,
Ыарыылаахтык ынчыктатан,
Ыарыы хам ылар,
Ыксатар ырайга,
Ыарахан сиргэ…
Ыл, тэй миигиттэн.
Ырааһыр, өйүм-санаам,
Ыалдьыма, этим-сииним…
Санаатарбын эрэ мин,
Сайа охсор салгыҥҥа,
Сиэлэ, сүүрэ оонньуохпун,
Сымнаҕас хонууга
Күөлэһийэ мэниктиэхпин баҕарабын.
Санаам туолбатыттан
Санаарҕаан дуу,
Хамсаабат, бөһүйбүт
Атахтарбар оргууйдук
Санаам иэйиилэрин
Сыыйа алҕаан ыытабын…
Сүр дьиктитик иһийэ,
Сипсийэ, эрэннэрэ:
«Күүт, кыратык тулуй,
Сыыйа санааҥ хоту сүүрүөм,
Сиэлиэм-хаамыам
дьоһуннук» диэн
Сипсийэ былаастаан,
Сэрэнэн-сэрбэнэн,
Хамсаабат буолбут атахтартан
Санаа ситимин тутабын.
Кыланар мин дууһам,
Ыалдьар этим-сииним,
Оргуйар мин хааным,
Тохтуур сүрэҕим тэбиитэ…