1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу 1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин

Скачать книгу

СГУ физика-ахсаан кылааhыгар киирэллэригэр сүбэлээбитэ, ол кыаллыбатаҕына СПТУ-ну булаарыҥ диэбитэ.

      – Хайа, уолаттаар, түүн тоҥмотугут дуо? Бөлүүн балай да хаhыҥнаабыт быhыылаах. Мантан инньэ таhырдьа утуйарга тымныы буолара дуу? Аны дьиэҕэ да утуйуо этигит. Хайдах эмэ сааhылаhан, сыҕарыйсан син миэстэ таhаарыллыа этэ, – дии тоhуйда Иван Данилович. – Бүгүн үөрэххит дьыалата быhаарыллар ини, ама доҕор! Бачча уhуннук күүттэрэн-күүттэрэн баран, аккаастаан кэбистэхтэрэй?!. Дьиэлээх хаhаайкабыт эрдэ туран университетыгар барбыта. Дьэ, бүгүҥҥүттэн ыла бурҕалдьытын кэтэр, түбүгэ-садьыга элбиир буолуохтаах.

      Степалаах үгэстэринэн сатыылаан, уон биир чаас лаппа иннинэ Белинскэй уулуссаҕа университет үөрэх-лабораторнай куорпуhугар тиийэн, парааднай аан үрдүк кирилиэhин модьоҕотугар өйөнөн, саҥата суох арбы-сарбы буолан турдулар. Устудьуоннар быыстала суох киирэллэр-тахсаллар, бука бары тиэтэйбит-саарайбыт, ханна эрэ, туохха эрэ ыксаабыт курдуктар. Степалааҕы ким даҕаны билбэт, таба көрбөт.

      «Ээ, кырдьык, бүгүн быhаарбатахтарына… дойдулаатахха да тугуй?» – дии санаата Степа эмискэ уонна өрө тыынан кэбистэ… Уhуннук да эрэйдээтилэр! Бэйэ дойдутугар сылдьан үөрэммит быдан үчүгэй буоллаҕа дии… Хата, киэhээҥҥи трамвайынан уҥуор туоруохпут, туох эмэ айан массыынатыгар түбэhэн барыллар ини… Уол дойдутугар, дьиэтигэр-уотугар, бэйэтин дьонугар тиийэрин санаан, сүрэҕэ өрө эппэйдэ. Онтон сиэттэрэн, эбиллэн, дойдутун ахтыбыт санаата өрө көбөн, ордук күөдьүйэн, өрүкүйэн таҕыста. Ол курдук ахтылҕаныгар тартаран, туймаарбыт курдук турдаҕына, хараҥа халлааҥҥа эмискэ сулус сүүрэрин кэриэтэ, соҕотох, биир «Күннэй!» диэн тыл өйүгэр күлүм гынна… Оо, Күннэй, Күннэй! Күҥҥэ тэҥнээх күндүттэн күндү киhитэ Күннэй Сивцева! Хас киэhэ аайы санаабытынан утуйар, сарсыарда санаабытынан уhуктар кэрэттэн кэрэ киhитэ Күннэй! Өрүү тыыннаах тырымныыр сибэккитэ, ыраахтан ыраахха, үрдүктэн үрдүккэ, сырдыктан сырдыкка ыҥырар уоттаах сулуhа Күннэй! Дьэ, ол кэннэ тоҕо Күннэй курдук Күн Куо киhититтэн тэйэн, быстан, араҕан барыахтааҕый? Тоҕо?..

      Куорпустан бөлөх‑бөлөҕүнэн субуhан испиэскэ, буор буолбут таҥастаах кыргыттар таҕыстылар. Арай кинилэри кытта Степа саҥаhа Саргылаана Семеновна тахсан, аллара диэки ааста, уолаттары өйдөөн көрбөтө.

      Дьэ, лоп бааччы уон биир чааска уолаттар, сүрэхтэрэ бүллүгэрэччи тэбэ-тэбэ, этээстэр кирилиэстэрин эт атахтарынан дабайбытынан барбыттара. Алтыс этээскэ чопчу 614‑с нүөмэрдээх кэбиниэти туhаайбытынан хаамсан эрдэхтэринэ, кэннилэриттэн саҥа иhилиннэ: «Таскин, Бояров, тохтооҥ эрэ!»

      Степа дьик гынан, сүрэҕэ ытырбахтаан ылла – РФМШ дириэктэрин үөрэх чааhыгар солбуйааччы Анна Петровна, сааhырдар да, бэрт хоhуун, эрчимнээх дьахтар, кэннилэриттэн бу хааман-сиимэн кудулутан иhэр эбит:

      – Эhиги бирикээскит илии баттанна. Билигин машинкаҕа бэчээттээн аҕалыахтара, күүтэ түhүҥ, – дии-дии, уолаттары аhара түhэн, кэбиниэтин аанын тэлэйэ баттаата.

      Ити

Скачать книгу