1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу 1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин

Скачать книгу

дьон кэлбиттэрин бэлиэтиэҕиҥ! – дии-дии, Ганя арыгытын кутуталаары ыстакааннарын иннигэр уурталаабыта. – Чэйиҥ, уолаттаар, биhиги ытык үгэспит, ким кими даҕаны букатын сыҥалаабат, иhиэн баҕарбат киhини күүhүлээбэппит. Киhи бэйэтин үтүө көҥүлэ. Ол кэннэ эhиги, саҥа дьон, өйдөөҥ кэбиhиҥ – бу аата ханнык да арыгылааhын буолбатах, көннөрү олохсуйбут үгэhи тутуhуу буолар. Куттанымаҥ, биhиги арыгы испэппит, биирдэ эмэтэ маннык мэниктиибит эрэ. Уонна бу түгэммит түөрт истиэнэбит нөҥүө букатын тахсыа суохтаах. Биhиги хоспут сибэтиэй сокуона оннук!

      – Арыгы ханна да куотуо суоҕа, биhиэхэ да бириэмэтэ кэлиэҕэ, – диэбитэ Илья. – Этэргэ дылы, биhиги өссө даҕаны ситэ илик, күп-күөх, сиикэй буоллахпыт дии.

      Атын уол – Миша Чемезов ыстакаанын түгэҕин сабар-саппат куттарбыта. Степалаах Илья кылыгыр ууну куттубуттара.

      Аан бастаан бука бары доруобуйаларын туhугар диэн ыстакааннарын тыастаахтык охсуhуннаран халыр гыннарбыттара. Онтон хаппыт килиэптэрин кытта балык кэнсиэрбэтин убаҕас чэйинэн үттэрэ, наҕылыччы сэhэргэhэ, ардыгар хардарыта хаадьылаhа олорбуттара. Ганя, гитаратын ылан, тыаhата-тыаhата, ханнык эрэ саҥа ырыаны ыллаабыта.

      – Ээ, биhиги кылааска үчүгэй аҕай кыргыттар суохтаар, – диэн Миша Ильяҕа кэпсиирэ иhиллибитэ. – Икки-хас син ничего кыргыттар бааллар даҕаны, занятайдар. Арай эhигини, быйылгы тохсустары, көрөр инибит? Эмиэ занятайга түбэhэммит саайыллан хаалабыт дуу? Эчи, куттала да бэрт!

      – Һэ‑hээ, кырдьык! Миша-а, быйыл баҕас сэрэнээр эрэ… эмиэ босхо «моднай» ачыкы кэтээйэххиний? – диэн баран, Ганя Степаҕа ол Миша былырыыҥҥы сырыытын туhунан кэпсээри оҥостон эрдэҕинэ, эмискэ хосторун аанын тардан көрөн баран, тоҥсуйан лигийбиттэрэ.

      Сонно: «Уолаттаар, аhыҥ эрэ, убайгыт, мин кэллим!» – диэн саҥа иhиллибитэ.

      – Тараас табаарыспыт быhыылаах, – диэт, Ганя арыгылаах бытыылкатын оронун төбөтүнэн кистии уура охсубута. – Аhан биэрэ тардыҥ, аны халҕаны алдьатыаҕа.

      – Күндү көмүс бырааттар, хайа туохтааххытый?.. Миэхэ өссө кыра тиийбэт, өссө баара буоллар, – Тараас токуруччу туппут сөмүйэтинэн куолайын тоҥсуйан ылар уонна остуолга турар ыстакааннар диэки минньигэс баҕайытык көрбөхтүүр. – Бу тугуй, буокка дуу, уу дуу?

      – Ылан амсайан да көр, уу буолбакка! – Ганя бэйэтин ыстакааныгар чаанньыктан уу куттар.

      – Баар-суох, собус-соҕотох сөбүлүүр убайгытын дьыл баhыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ саныах да эбиккит, – Тараас туран эрэ иэҕэҥниирэ, байааттаҥныыра элбээн барар.

      – Ээ, билигин дьыл баhа да, атаҕа да буолбатах ээ.

      – Буоллун… син биир убаасы гыныахтааххыт, күндүлүөхтээххит баар-суох убайгытын эрэйдээҕи… Мин эhиэхэ, бэйэ бырааттарыгар, ону-маны көмөлөhүөм‑ ньымалаhыам этэ. Куруутун маннык дьалкыйан, буккуллан сылдьар диэтэххит дуу? Бу бүгүҥҥүбүн көрүмэҥ, сарсын соноҕос арҕаhыгар биирдэ баар буола түhүөм! Уол оҕо сорсуннааҕа диэн оннук буолуохтаах.

      – Чэ, сөп, кырдьык, биирдэ эмэтэ

Скачать книгу