.
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу - страница 10
– Ыччаттарбыт күүстэринэн көҥү көтөн, быhа анньан кэбистилэр, билиэккэ син тииhиниэх дьону… – Ханан даҕаны бэрээдэк суох… барыта бардаак!
Ити курдук үс-түөрт дьахтар саҥа таhааран мөҕүттэ турдахтарына, автовокзал иннигэр өссө биир оптуобус, күлтэйэ устан кэлэн, тохтоото. Сонно сорохтор таhырдьаны былдьастылар.
Иван Данилович, билиэттээх дьон, үгэс курдук үтүрүhэ-үтүрүhэ, оптуобуска киирэллэрин билиэккэ тииhиммэтэхтэрдиин эрэҥкэдийэ көрөн туран баран, Харбалаахтыыр суол төрдүгэр барда. Хата, ол саҕана ардах түhэрэ мөлтөөтө, халыҥ былыттаах халлаан арҕаа саҕаҕа дьайҕарыах курдук сырдаан эрэр.
Кини суол төрдүгэр соҕотоҕун турда. Хас даҕаны таhаҕастаах массыыналар кэлэн аастылар – кэбиинэлэригэр бары дьонноохтор. Аны суол төрдүгэр турааччылар үhүөлэстилэр – икки эдэр уол кэллилэр. Өссө чаас курдук хороhон турбуттарын кэннэ, цистернатын ойоҕоhугар «Огнеопасно» диэн суруктаах массыына багдаhыйан кэлэн, оруобуна Иван Данилович иннигэр хорус гына тохтоото. Сонно Иван Данилович, ыарахан үрүксээгин сүкпүтүнэн массыына аанын тутааҕар илиитин тиэрдэн эрдэҕинэ, кэбиинэ аана бэйэтэ урутаан аhылла биэрдэ. Суоппар оройуон киинин ааhан илин диэки салгыы айанныыбын диэтэ. Кини бэрт кудуххай айаннаах, онно эбии элбэх саҥалаах-иҥэлээх, уол оҕо сытыыта-хотуута буолан биэрдэ. Кэпсэтиилэрэ бастаан булт-алт туhунан буолла.
– Дьэ, бу испэр ыксаан, тиэтэйэн аҕай иhэбин. Хайдах эмэ этэҥҥэ айаннаан тиийбит киhи сарсын сарсыардаттан саа сүгэн көрүллүө этэ, – дии-дии, суоппар уол, хаҥас өттүнэн элэгэлдьийэн ааhар сэндэҥэ тыа диэки хараҕын быраҕан ылар. – Бу ардах биhиги суолбутун мыыла оҥордоҕо… онно тиийэммин эрэйдэнэрбин санаатахпына, бирээмэ сүрэҕим ыалдьар. Бука, аакка киирбит Абааhылааҕым сыырын кыайан тахсыбакка, бу түүн сиргэ хонор киhи буоллаҕым буолуо… Чэ, бэйи, ол эрээри олус эрдэттэн санааны түhэрэр сатаммат! Мин да өлүү куобахтарым билигин ханна эрэ сырса сырыттахтара.
– Быйыл эhиги диэки куобах хайдаҕый? Дьон төhө бултаан эрэллэрий? – Иван Данилович туоhуласта.
– Син баар быhыылаах… эдэр уолаттар түүн-күнүс кыайаллар дэhэллэр. Сарсыҥҥыттан маассабай күрэх буолар, турар-турбат барыта турунар, көтөҕүллэр күннэрэ. Бэйэтэ туспа бырааhынньык курдук… – суоппар уол нөрүс гынан кэбиинэтин инники тааhынан халлаан диэки хантас гынан ылла. – Ардахпыт бу манан астан, тохтоон хаалара буоллар, өссө эбэн түспэтэр ханнык!
Массыына кумаҕынан,