1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу 1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин

Скачать книгу

курдаттыы Күннэйгэ тартаран сылдьарыттан түөhүн иhэ хайдах эрэ кубус-кураанах, көҥдөй курдук буолла. Хас сарсыарда аайы санаабытынан уhуктар, киэhэтин санаабытынан утуйар, кэрэттэн кэрэ киhитэ тыаттан кэлэр кэмин тулуйбакка-тэhийбэккэ күүтэр да күүтэр.

      ҮҺҮС БАҺА

      – Дьэ, аттанан көрүүм, – диэтэ Иван Данилович, улахан үрүксээгэр тобус-толору өйүө аhын, таҥаhын-сабын, ботуруонун симэн баран, таҥнан тахсаары туран. – Хайа, хотун доҕорум, миигин алгыы хаалыаххын дуу, Баай Байанай мичик гыннын диэн, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлээр диэн… – Ээ, чэ-чэ, этэҥҥэ сырыт эрэ диибин, сааҕа‑сэпкэ кытаатан сэрэнээр дуу диибин… саамай кылаабынайа ол буоллаҕа дии! – Саргылаана, быар куустан туран, өрө тыыммыта. – Айаҥҥар төhө эрэ эрэйдэнэҕин, онно-манна кэтэhэн-манаhан, үтүhэн-анньыhан муҥнанаахтыыгын! Эчи, бу сүгэhэриҥ да ыарахана сүрдээх, лиhийэн түhэн. Сорох сороҕуттан көҕүрэтэ түhүөххүн сөп эбит.

      – Төрөөбүт дойдум, хаан аймахтарым тардыылара күүстээх, онон аара кыратык эрэйдэнэри улахаҥҥа уурбаппын. Кылаабынайа, хайдах эмэ гынан Орто Эбэбин буларым буоллар… – Чэ, эн туох да диэн түөрүйэлээ, адьаhын сыыспыккын – биир эмэтэ бэйэтэ массыналаах киhини булсуоҥ этэ. Эрдэттэн оннук тэриммэккэҕин. Оччоҕо быдан сынньалаҥнык сылдьыаҥ этэ, – дии-дии, Саргылаана кэргэнин куондардаах бэргэhэтин таҥас ыйыыртан ылан биэрдэ.

      – Ну, ни-ча-буо! Хайдах эмэ сылдьыллыа. Былырыын бэлэм транспорга, халыҥ хампаанньаҕа да барсаммын улаханнык абыраммакка кэлбитим дии?!

      – Оннук баара да… – Саргылаана үрүксээги аҥаар быатыттан өрө тардыhан Иван көхсүгэр сүгэригэр көмөлөстө. – Аата, лиhийэн түhэн ыараабытын! Мин оптуобус тохтобулугар диэри илдьиhэбин дуо? Икки өттүттэн туттахха чэпчэки буолуох этэ? Аны сааҥ баар ээ… Илистэриҥ буолуо.

      – Саргылаанам саргылаах айаҥҥа сахалыы алҕаабыта, самнан-охтон биэриэм суоҕа диэн санаа аргыстаах таҕыстаҕым, – диэт, Иван хаатыгар угуллан сылдьар саатын ылан, дьиэтин халҕанын тэлэйэ баттаата.

      Күhүҥҥү бүтэй былыттаах, эмиэ да убаҕас туманнаах сарсыарда сөрүүн, чэбдик салгына сайа биэрэн, түөhүн иhигэр кутуллан киирбитэ дьикти үчүгэй этэ. Бэйэтин дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр сылдьан бултуурун саныы-саныы, хас эмэ хонуктааҕыттан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, сүрэҕэ күүрэн тэбиэлиирэ, сүhүөҕэ мөхсөрө. Өбүгэлэрин куттарын-сүрдэрин иҥэриммит төрөөбүт-үөскээбит төрүт сирин-уотун ураты тардыылаах, умсулҕаннаах буоларын Иван Данилович ол сарсыарда дьиэтиттэн тахсарыгар билэн сөҕө санаата. Кини дойдутугар сылдьыбатаҕа биэс-алта сыл буолан, кэлин хайдах эрэ тэйэ быhыытыйан барбыта. Сайын биирдэ эмэтэ кэргэттэрин илдьэ сир астыы таарыйа Орто Эбэҕэ тахсыан санаталаан ылара даҕаны, айаннарыгар эрэйдэнэллэриттэн саллан, Саргылаанатыгар ол туhунан биир да тылы быктарбата. Бэйэҕэр тырааныспара суох буоллуҥ да, хаста-хаста суол төрдүтүгэр, айан аартыгар хас ааhар массыынаҕа үҥэ‑сүктэ «куоластыырыҥ» чуолкай буоллаҕа эбээт! Аны хаhан, туох массыынаҕа түбэhэн, хайдах айанныырыҥ эмиэ биллибэт.

      Иван

Скачать книгу