Биһик. Дмитрий Пономарев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһик - Дмитрий Пономарев страница 3
Бу этиллибит тыллар бэйэлэрэ да ыар олохтон сырдык диэки үүт-хайаҕас булбакка муҥурдарыгар тиийээхтээбит кырдьаҕас дьону, оҕону, дьахталлар муҥнаахтары төрүкү да отуойкаларыттан таһаарбыта. Утарылаһан быстахха эрэ былдьамматах киһи диэн саныы олорбуттара. Көһөрүүгэ эдэриттэн-эмэниттэн, тулаайаҕыттан, ыарыһаҕыттан тутулуга суох бары баралларын, антах барыта бэлэмҥэ тиийиэхтээхтэрин тоһоҕолоон эттэ. Балыктааһыҥҥа туттуллар тэриллэрэ, олорор сирдэрэ көһүтэн турарын, нуормалаах ас-үөл көрүллэрин, бэл диэтэр, үлэҕэ кэтиллэр таҥас бэриллэрин туһунан эттэ-тыынна.
Хаһыс да сылын аччыктааһын кыһалҕатын, эрэйин билбит, тыыннаах хаалар туһугар мөхсө сылдьар сорох муҥнаахтар төһө да дойдуларыттан тэйэн, билбэт дойдуларыгар көһүөхтэрин баҕарбаталлар, кылгас кэмҥэ үчүгэй аһылыктаах сиргэ, кыайыы туһугар үлэлии да түһэн кэлэр сөп этэ диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Сорохтор барыахтарын баҕарбаталлар да, утары тугу да булан этэр кыахтара суоҕа, Өрүүнэ олор истэригэр баара.
Көһөргө диэн сөбүлэҥи биэрэр куоластааһын саҕаламмыта. Араатардыыр киһи кэннигэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Мэхээлэ Боппуоктуун турбут милииссийэ иннин диэки тахсан били боломуочунайы кытта сэргэстэһэ чыначчы туттан турунан кэбиспитэ, курун көннөрүммүтэ, бэстилиэттээх хобураатын туппаҕалаабыта. Араатар тылыттан самнан олорор олохтоохтор үрүҥ харахтарын өрө көрбөтөхтөрө. Куоластааһын түмүгүнэн сүүс бырыһыан көһөргө диэн буолбута. Боломуочунай бу да кэннэ тыла сымнаабатаҕа, үс хонук иһигэр хомунан көһөҕүт диэн кытаанахтык дьаһайбыта. Куоластааһын бүтэн көһүү туһунан кэпсэтиилэр саҕаламмыттара. Өрүүнэ, кыра оҕолоох киһи быһыытынан, ынахпын илдьэ барабын, оҕолорбун аһатыам диэбитин бэрэссэдээтэлэ «сүөһүлэргин заготпууҥҥа туттар, оҕолоргор холкуос сүөһүтүн үүтүттэн өлүүлүөхпүт» диэн уоскутан, хаалларар буолбута.
Мунньахтара уһаан, киэһэ буолуор диэри тардыллыбыта. Өрүүнэ төһө да көһөбүн диэн илиитин ууннар, уйулҕата улаханнык хамсаабыта, туора дойдуга тиийэн тугу аһаан сылдьыахтарын, тугу үлэлээн кыайыыны уһансыан өйө хоппотоҕо. Бу куура хаппыт, күһүн кэлиэн инниттэн күрэҥсийбит, атын ханна да сылдьан аҕыйах хонуктан уһаабатах (ону да Дьокуускайтан ырааппатах) киһиэхэ дойдута олус күндүтэ. Мантан ордук сир-дойду баара буолуо диэн санаатыгар да оҕустарбат этэ. Хайдах киһи буолбут үтүөкэн дойдутун хаалларан ханна эрэ ыраах, харахтаан да көрбөтөх, санаан да тиийбэтэх сиригэр-уотугар барыан ис кута олох буолумматаҕа. Сүрэҕэ туох эрэ көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэрин курдук нүөлүйбүтэ.
Көһүү тэрээһинэ Өрүүнэлээх курдук ыалга улахан туох да сүпсүгүрүүнү таһаарбатаҕа. Элбэх малы-салы ылары боппуттара, киһи баһыгар уон алта киилэ таһаҕас көҥүллэнэрэ, онно төһө бэйэлээҕи ылыаххыный. Ол-бу хаһаайыстыбаҕа туттуллар наадалаах диэбит тэрилин ылбыта. Ордубут таҥаһын-сабын барытын хомуйан ампаарыгар укпута. Хас биирдии малы кытта олоҕун быстыспат өйдөбүлэ хараҕар көстөн кэлбитэ, аны хаһан төннөн кэлиэҕин санаан сонньуйан,