Биһик. Дмитрий Пономарев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһик - Дмитрий Пономарев страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһик - Дмитрий Пономарев

Скачать книгу

Аҕыйах эр киһилээхтэрэ мас кэрдэн, оҕо-дьахтар кыанар өттүлэрэ хастыы да буолан кэрдиллибит титириги быалаан соһон, били өтөхтөр баҕаналарын туһанан, балаҕан туттан барбыттара. Эркин быыһын-хайаҕаһын лабыктанан, муоҕунан бүөлээн, былыыгы ириэрэн сыбаан, муус түннүк олордунан дьиэ-уот тэриммитэ буолбуттара.

      Балык туттарбыттарга эрэ нуорма бурдук бэриллэр диэн, били эрэннэрбит аһылыктарын быһан кэбиспиттэрэ, эгэ, балыктыыр тэрил кэлиэ дуу, курдары үрэр чысхааҥҥа кэтэр тас таҥас кэлиэ дуу? Туох да бэлэмэ суох сиргэ, өлөр өлүү айаҕар аҕалан укпуттара. Тыыннаах хаалар туһугар туруулаһыы тиийэн кэлбитэ. Туох эмит үчүгэйдээхтэрин, сыаналаах соҕустарын: иһити-хомуоһу, иистэнэр массыынаны, сылабаары, баахыла тимирин, киэргэл туома баарын барытын олохтоохтору кытта бурдукка, андаатар этигэр, бытархай балык дуомугар атастаһан сиэн бүтэрбиттэрэ, олохтоохтор да атастаһаллара аҕыйаабыта, хоргуйуу саҕаламмыта. Кыанар өттүлэрин биригээдэ тэрийэн балыкка анаабыттара, дойдуларыттан илдьэ кэлбит муҥхалара, илимнэрэ бу дойду күөллэригэр дьүөрэтэ суоҕа, инньэ гынан балык бултаабакка дьоннорун аһатыахтааҕар бэйэлэрэ хоргуйан барбыттара.

      Өрүүнэ уолунуун дьүөгэтэ Марыыналааҕы уонна өссө икки ыал буолан биир балаҕаҥҥа симиллэн олороллоро. Булбутун сыыһын Сэмэнчигэр хадаҕалыы сатыыра, бэйэтэ дэлби ырбыта. Ыарахан олох, санаа баттыга эмэн аҕыйах кэм иһигэр арылхай киэҥ харахтара уола чөҥөрүспүттэрэ, сыҥааҕын уҥуохтара чочоруһан тахсыбыттара. Барыта ааһыа, сэрии бүтэн Өндөрөйүм кэлиэ, кыыһым Аанчыгым көстүө, дойдубутугар төннөн нус-бааччы олоххо тиийиэхпит диэн эрэлин кыыма эрэ сарсыарда аайы оронуттан туруорар буолбута.

      Көс дьон олоҕор хоргуйуу кэлбитэ, санаалара «тугу эрэ булан сиэбит киһи» диэн этэ. Манна эбии тымныйан, сыыстаран ыалдьыы элбээбитэ, өлүү-сүтүү эҥээрдэммитэ. Оҕо-дьахтар бу бытархан тымныыга тоҥ буору хаһан өлүктэри кистиир кыахтара суоҕа, инньэ гынан балаҕан эркинигэр титирик маһы өйөннөрөн хахха оҥорон, өлбүт дьону өрбөххө суулаан үрүт-үрдүлэригэр дьаарыстаабыттара. Өрүүнэ таһынааҕы балаҕаҥҥа кини кыыһыттан эрэ мэнэкэ оҕолоох эдэркээн дьахтары аһынара. Сэниэтэ суоҕунан ытаан ыҥырҕыыр оҕотун, баҕар, туох эмэ сүмэһин тахсаарай диэн, кур аччык ийэтэ уһун күнү супту эмтэрэ сатыыра. Ону көрөн, аһыныгас санаата киирэн биир күн: «Бээ, баҕар, миэхэ үүт киирээрэй, соторутааҕыта диэри оҕо эмтэрэ сылдьыбытым», – диэн оҕону көрдөөн ылла. Илиитигэр ылбытыгар уолан хапсыйбыт эмиийин тумугун кырачаан киһи соппойон барбыта. Өрүүнэ ийэ кута арыллан, орто дойду кыһалҕалаах олоҕун хайа эрэ кэмҥэ умна быһыытыйбыта, үчүгээй-үчүгэй турукка киирэн, кыыһын көтөҕөн олорор курдук сананан, үөрэн дьолломмута. Оо, оҕону эмиийдэтэртэн ордук уоскулаҥ утаҕа баар үһүө, ама, ийэҕэ?!

      Ийэ эрэйдээх хас да күн туруулаһан туран эмтэрэ сатаата да суох, үүт олох киирбэтэ. Оҕо барахсан сэниэтэ суоҕунан соппойо сатаан баран, күүһэ эстэн, ытыыр да кыаҕа суох нукаай курдук сытынан кэбиһэр. Ийэтэ эрэйдээх тугу да гынар

Скачать книгу