Биһик. Дмитрий Пономарев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһик - Дмитрий Пономарев страница 4
Балаҕаннарыттан тахсан ааннарын баттатан, тиэргэннэрин аанын олуйан, көһүтэн турар дьонноругар тиийдилэр. Инники тэлиэгэ кэлин өттүгэр Мотуруона кырдьаҕас бу аҕыйах хонук иһигэр өссө куччаан, арҕаһа бөгдьөйөн, субу үлтү түһэн кумаланан хаалыах айылаах көрүҥнэнэн олорор. Илиитигэр сиидэс өрбөх тутуурдаах, хоту дойдуга көһөр буолбуттарын истиэҕиттэн куурбат буолбут көмүскэтин уутун субу-субу соттумахтыыр.
Кэнники тэлиэгэҕэ таһаҕаһы кытта Өрүүнэ биһиктээх кыыһын Аанчыгын кытта олордулар.
– Чэ, өтөхпүтүн кытта быраһаайдаһыаҕыҥ! – Өрүүнэ кэлбитигэр Мотуруона быраата Баһылай оҕонньор туора тахсан бэргэһэтин устан, өтөҕүн диэки хайыһан тоҥхос гынан бокулуон биэрдэ, тугу эрэ ботугураата. Бары кинини үтүктэн өтөхтөрүн диэки хайыһан, бэргэһэлэрин устан тоҥхоҥностулар. Баһылай дьонун диэки хайыһан бэргэһэтин төбөтүгэр уурунна уонна барыларыгар туһаайан: – Чэ, хаамтарыаҕыҥ! Барыта этэҥҥэ буоллун! – диэтэ.
Тэлиэгэлээх оҕустар уку-суку субурустулар. Олохтоохтор сотору-сотору кэннилэрин хайыһан төрөөбүт төрүт буордарын, тымныыттан-тыалтан, куйаастан-ардахтан хаххалаан иитиэхтээбит иһирэх дьиэлэрин харахтарын далыттан сүтүөр диэри сайыһа көрдүлэр. Саҥа-иҥэ суох, арай оҕустар ыарахан соһууттан ынчыктаан «пуус» гына тыыналлара, көлүөһэлэр лүһүгүрүүллэрэ эрэ иһиллэр.
Улахан Сайылыкка кэлбиттэрэ кэлии-барыы үксээбит, сүпсүлгэн бөҕө. Өрүүнэ Марыынатын көрсөн аҕыйах тылынан кэпсэтэ түстүлэр. Дьүөгэтин көрсүбүтүттэн «аттыбар өйдөһөр-өйөһөр киһилээхпин ээ» диэн бөҕөх санаа киирэн, тулаайах курдук муунтуйа сылдьыбыта дьайҕара быһыытыйан, эгди буолла. Барааччылар бары кэллилэр быһыылаах. Түргэн соҕустук саамыланан, оннуларын булан, сорох сүөһүнү тэлиэгэҕэ холбоон, сороҕун сиэтэн хотоҕос курдук субуһан көс дьоно кыһарыйыы кытаанаҕыттан, үтүргэн күүһүттэн дойдуларын иччитэх хаалларан, сэриигэ сылдьар дьоннорун балыгынан хааччыйаары аргыардаах айан аартыгын арыйдылар, сордоох суол төрдүн туттулар. Хастара эргиллэн кэлэн ахтылҕан хараҕын уутун алааһын өҥ буоругар түһэриэн, көй салгынын эҕирийэ тыынан чэрдийбит тилэҕинэн күөх ньаассын кырыһын устун сүүрүөн, ийэ сирин илгэлээх күүһүн иҥэринэ хаамыан, аар хатыҥар өйөнөн тахсар күн саргылаах сарыалын уруйдуу көрсүөн ким да билбэт. Мас көлүөһэ энэлгэн тойуга доҕуһуоллаах, сиккиэр тыал аргыстаах, көппөх буор күдэригин быыһынан көс дьон айаннаатылар.
Балаҕан ыйа үүнүүтэ хас да хонуктаах сындалҕаннаах айантан атахтарын нэһиилэ соһор көс дьон улуу Эбэ кытылын буллулар. Онуоха-маныаха диэри «һуу» диэтилэр. Кытыл устун киһи-сүөһү бөҕө мустан үөттэр быыстарынан тарҕаһан олороллорун көрөн, атыттар «бу бары көһөн иһэр дьон дуо?» диэн сөҕө да, салла да санаатылар. Айанньыттар, үөттэр быыстарыгар кыра ырааһыйалаах сири булан, түһүктэрин оҥоһуннулар. Балаакка диэн кимҥэ да суоҕа ол иһин синньигэс үөттэри, иирэ талаҕы быһыта сынньан холбуу баайталаан, аҕыйах киһи