Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 32

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

кэпсээн. Айдаҥҥа Тыккаай Ньукулай, удаарынньыктаабытын иһин, холкуос салалтата бэлэх биэрбит баата ыстаанын табах уотугар сиэтэн, бэйэтэ туспа араллаан тахсыбытын туһунан дьон күлсэн кэпсэтэллэр…

      Арай, сааһыары кыһын, Өксөөн сарсыарда сугулааныгар баран испит… Утары Тыккаай Ньукулай, хайа эрэ ыаллар отторунан хачаллыбыттарыгар, дьоҕус соҕус от оҕотун, салҕамдьыга диэн атын сыарҕатыгар тиэйэн иһэрэ үһү… Өксөөн көртө, соһуйуон иһин, Тыккаайын баата ыстаанын буута буруолуур эбит, ону Ньукулай ойоҕолуу сиккиэр тыаллаах буолан бэйэтэ билбэккэ испит. Били, этэргэ дылы кэмниэ кэнэҕэс ыстааныгар хатанан көрдүгэннээн сии сылдьыбыт уоту тыал күөдьүтэн тэһэ сиэн этигэр тиийбитигэр биирдэ эрэ, өрө халахайдана түспүт… Өксөөн хаар ытыһан саба тутан умуруорсан көмөлөспүт. Төһө да кыл түгэнэ, кылгас кэм курдугун иһин хаппар куҥун син обургутук сиэппит. Хаамарыгар ыстаана аалан уһуннук эрэйдээбитэ үһү. Кэлин, ааһар ааспытын кэннэ дьахталлар: «Тыккаай, дьэ сүрүн сиргин сиэтэ сыспыккын…» – диэн дьээбэрэн күлсэллэрэ. Ньукулай: «Сыарҕабар тиэммит отум дьоҕус этэ, хата табахтаан баран отум үөһэ олорботохпун ээ, ыстааммыттан оппор кыым түспүтэ буоллар дьэ кырдьык да алдьархай тахсыахтаах этэ…» – диэн бэйэтин тэмтэргэнин кэпсии-кэпсии күлэрэ.

      Эбэм хамсатын соппойорун быыһыгар:

      – Ыаллыы нэһилиэктэртэн туох сонун иһиллэр, тугу биллиҥ-көрдүҥ? – диэн Өксөөнүттэн ыйытар.

      – Улахан туох да сонун суох… Сурах хоту иһиттэххэ, «Сэссэлииһим суола» холкуос бэрэссэдээтэлин Борокуоппай Алампадьыыстабы үлэтиттэн устубуттар үһү. Үҥсүү баарын иһин куораттан боломуочунайдар тахса сылдьыбыттар дииллэр. Хоргуйан өлбүт холкуоһун дьонун түөрэтин «ыалдьан», эбэтэр араас оһолго өллүлэр диэн суруйан биэрэр киһи, туох эрэ «алҕаһа» билиннэҕэ, арылыннаҕа дии. Дьон хайа муҥун тулуйан сылдьыай, тыл хоноро, үчэһэ туолара диэн эмиэ баар баҕайыта, саарытын анньар «чобуолар» көһүннэхтэрэ, оннооҕор көстөн турар үрүҥү – хара, хараны – үрүҥ диэн үҥсэ сатааччылар үгүстэр буолбаат… Ол эрэн арыый «үөһээҥҥилэрбит» бука, хоргуйан өлбүтү – ыалдьан өлбүт диэбиккин диэн кирдиэхтэтээри тахсыбатылар ини арааһата, бэйэлэрэ дьону хоргуппатах «үтүө дойдуга» олорор аатыраарылар, – диэн Өксөөн урут улаханнык кэлэйэ сылдьыбыт киһи быһыытынан ахсарбатахтыы, сэҥээрбэтэхтии саҥарар. – Туох да суота-солуута суохха, хаста-хаста кырыммыттарай, хата кинилэр сололоро да бэрт… Алампадьыыстап бука туох эрэ лаппа улахан «дьиэгэ» арыллан түөрэҥнээтэ, туллаҥнаата ини, кини киһи.

      – Кэбис, инньэ диэмэ, кини да киһи буоллаҕа, – эбээ үгэһинэн «эркин кулгаахтаныа» диэн дьаарханан саҥарар.

      Өксөөн ийэтин саҥатыгар кыһаллыбат.

      – Һэ, чэ хайа…

      – Оннук-оннук, – Настааччыйа, сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар сэргэх аҕай дьахтар, күрэ балыһын саҥатыгар сөбүлэһэ охсор.

      Эбээ тугу да хардарбат, табахтаан бүтэн, хамсатыгар «хаһаас» хаалларбыт өссө да ситэри тардыллан бүтэ илик табаҕын, тойон эрбэҕэр силлээн

Скачать книгу