Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 35
Аан тутааҕын тутан турбут эбэтин хонноҕун аннынан быкпыт Баһыычаан:
– Тө-төннөөр!!. – диэн муҥунан хаһыытыыр.
Баһылай наһаа уһаабата, сотору соругун ситэн кэллэ.
– Халлаан бу хаһан хаардыыра буолуой, айабыын, – диэн, кырдьыга да, аныаха диэри кыайан нэмийэн астык соҕустук хаардыы илик халлаанын сөхпүтүнэн, мөҕүттүбүтүнэн киирэр.
– Кэмэ кэллэҕинэ түһүө буоллаҕа, – эбээ буспут күөһүн кытыыга тарда-тарда хоруйдуур.
– Чоргута сүрдээх, күһүн син ыраатта да күттүөннээх хаар түһэ илик. Күөл мууһа тоҥон хата ыраатта, ойбон тэһэ сылдьан көрдөххө муус мэнээк халыҥаабыт.
– Кырдьык оннук ээ, сүрдээҕин халыҥаабыт, бэл көлөлөөх киһи туох да сээбэҥнээһинэ суох күөл кытыытынан, кутатынан кытта хайа баҕарар хаамтарыыһы, – диэн мин дьонум кэпсэтэллэригэр кыттыһабын.
– Бу курдук тоҥоруулаах дьыл буоллаҕына, хата, аны саас куйуурдаан сиэхпит, – Настааччыйа үгэһинэн, хайа баҕарар уустук түгэҥҥэ, наар үчүгэй өттүн, өрүтүн эрэ булан саҥарар.
– Били, куйуурдьут баҕайы дьон, – диир эбэм. Настаа күлэр.
– Уу, биһиги Баһылайдыын, хайа саас этэй, ол дьыл тоҥорбут да этэ, Күһээбиккэ куйуурдуу бара сылдьыбыппыт дии. Манчыыктаабыкка дылы бэрт эмис соболоох эрээри, саҥаттан саҥа ойбону тэстэххэ эрэ балыгын өлүүлээн бэрсэр күөл мууһун алларыытыгар киһи эстэр, тутайар да буолар эбит этэ, – диэн Настаа чахчы саллыбыт суолун санаан, мэктиэтигэр чыпчырынан, баһын быһа илгистэн ылар.
– Ойбону сатаан алларар киһи алларар, бэйэтэ туспа үөрүйэхтээх, сатабыллаах, – диир эбээ. – Биир кэм бадалайдаан, аҕарааннаан алларбаккын. Тура күүс тугу да быһаарбат, ити Киспэ, Талыабай оҕонньоттор дьэ анньыыһыт барахсаттар буолааччылар, көрүөх бэтэрээ өттүнэ күрдүргэтэн, курдурҕатан кээһээччилэр ээ.
Мин испэр «ол иһин да муҥхаҕа Киспэлээх Талыабай наар анньыыһытынан сылдьыбыттар эбит» дии саныыбын. Төһө да күһүҥҥү күрэх муҥхатын саҕана күөл мууһа чарааһын иһин, анньыыһыт дьон сатабыллаах туттуулара-хаптыылара онно да көстөрө, тааҕы-таах, били этэргэ дылы «тэһэ анньа-анньа» бара тураллара. Оттон туона саҕана, саас кыайыгас-хотугас анньыыһыттар бааллара – улахан абырал. Анньыыһыт дьон «туох эрэ курдук» ытыктана көрүллэллэр…
Хаар чарааһын иһин Баһылай уларын туһаҕын эһэ илик. Үнүр биир күн үс токутары ылан кэлтэ. Ол иннинэ хас да хабдьыны, биир хара улары аҕалбыта. Табысхааны син мэнээк бултаата. Баһылайбыт булдун, күрэхпит муҥхатын балыгын солбуйан сиибит, онно эбии сүөһүлэрбит барахсаттар үүттээх буоланнар – үрүҥнээх чэй, күннэтэ күөрчэх сиэн абыранныбыт.
Талах чааркааныттан ылбыт бэлиэлээҕин Баһылай таҥастаан баран лааппыга туттарар. Кэлин соло булан сиригэр барбатаҕа хас да хонно. Дьиҥинэн Арыылаах Бэрэтэ дьиэ таһа, чугас сир, киһи быыс-арыт булан күннэтэ да бара сылдьыан сөп эрээри, бэл онно да көстөр соло суох буолан хаалар. Мин Баһылай олорор күөлбүт куруҥар табысхааҥҥа ииппит туһахтарын хаста да көрбүтүм. Өҥө-түүтэ сиппит куобах