Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 33
– Кырдьык да, суорунаҥ тааһын буллуҥ дуо? – Баһылай Өксөөнтөн ыйытар.
– Бэҕэһээ Талыабай оҕонньор алдьаммыт суорунатын мэлииһэ ампаарын таһыгар аҕалан бырахпыт этэ, баран ылаарыый.
Баһылай аҥаар хараҕын симэн сүгэтин угун бэйэтиттэн арыый тэйиччи тутан эргичиҥнэтэн кыҥаан көрөр.
– Сэксэкэ ыйааһыныгар ыйаан тэҥнэниллиэ. Биир мөкөчүк, тэҥнээн аҕай кыладыйбыт тааһым сүтэн хаалбыт этэ, хайа ааттаах үөдэҥҥэ түспүтэ буолла, оҕолор оонньуу сылдьан от анныгар бырахпыттарын көрбөтөҕүм дуу. Ол эрэн көстүбэт этэ ээ. Сарсын ким солбуйарый?.. – диэн балтыттан салгыы ыйытар.
– Мытыйыс Маарыйата, Борускуолуун солбуйуохтара.
– Оо, ол оҕолорго оччоҕо ыйааһыннарын тааһын кыладыйан, тэҥнээн биэрдэххэ сатаныыһы, харах холооһунунан ыйыы үөрэммэтэх дьон наһаа туттан кээһиэхтэрэ. Сэмэн лааппытыгар баар ини, сибилигин бардахха сатаныыһы, – дии-дии Баһылай быһаҕын хаҥас өттүгэр эйэҥэлии сылдьар кыыныгар уктан, ньилбэгэр иилиллибит маһын сыыһын тэбэнэ-тэбэнэ, туран, барардыы оҥостор. Улар кынатынан, көөбүллээбит эрэдэһиннэрин кичэйэн сиппийэн биир сиргэ мунньан баран эһэкээнигэр биэрэр, онтон суппуун сонун кэтээт, нэк буолбут тииҥ бэргэһэтин төбөтүгэр уурунаат сып-сап, тиэтэйэ-саарайа тахсан барар.
Баһылай сарсын Сэксэкэ Сэмэнниин икки сыарҕалаах атынан Балаҕаччыттан Айдаҥ лааппытыгар сээкэй таһаҕас аҕала барыахтаахтар. Балаҕаччыга кэлбит маҥхааһай табаарын атыыһыт киһи Сэксэкэ баран тыырсар.
Дьон үксэ, дьахталлардыын кытта – табахсыт. Лааппыга кэлбит табаҕы сонно ылан бүтэрэн кээһэллэр, иэс суруйтарааччы да элбэх. Онон табах туох эрэ күндү ас курдук көрүллэр быһыылаах. Аһыыр ас ахтылынна да, үгэс курдук, табах эмиэ ахтыллар, «чаай, арыы, бурдук, ону кытта хайаан да табаах…» диэн буолан иһэр.
Кэпсэл хоту иһиттэххэ, Балаҕаччыга, Мэкчэкиирэп Уйбааннаах диэн ыалга кытай оҕонньоро, сэрии буолуон инниттэн, дьукаахтаһан олорор үһү. Балаҕаччы диэн ааттаах үс күөл баар, олору араартаан тус-туһунан ааттаталаабыттар: Угут Балаҕаччы, Орто Балаҕаччы уонна Уһук Балаҕаччы диэннэр. Калинин аатынан холкуос дэриэбинэтэ Орто Балаҕаччыга турар. Мэкчэкиирэптэр буоллаҕына Угут Балаҕаччыга олороллор. Дьукаахтара, кытай оҕонньоро табах үүннэрэр дьарыктааҕын туһунан кэпсэтэллэрин Быркылаахха кэлиэхпиттэн истэбин. Табаҕын отун ситтэҕинэ быһан ылан баайа-баайа атыылыыр үһү. Эбээ: «Били, кытай оҕонньорун табааҕына…» – диэн кэлээччи-барааччы дьонунан үлэһэн сэбирдэх табах ылларан тардар. «Оҕонньоруҥ үүннэрбитэ хатана сүрдээх ээ…» – эмээхсин кытайын табаҕын бэркэ хайгыыр. Аһара хабархайын, хатанын иһин үөт хаппыт хатырыгар булкуйан арыый сымсата түһэн баран соппойоллор, онон омук оҕонньорун табаҕа бэйэтин умнаһын, силиһин кытта кырбанан, онно эбии «хатырыгы-итириги»