Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

сэрэнэн тахсан хомуйар. Күөлбүт сорох эҥээрэ кутаҥнас кута, сороҕо чэй сирдээх, кытаанах үктэллээх. Тыы кытылга тиксэн кута хойуу сиэлин сырылаттаҕына, Кыраһалаах Маанчык сороҕор туппут кустарын аҕалан биэрэллэр. Кыраһа ардыгар хас да куһу холбуу ытыран аҕалар. Маанчык оннук буолбатах, биирдиилээн таскайдыыр. Кыраһа ытыллыбыт куһу ууттан таһаарарыгар эмиэ үһү-түөрдү хос ытыран таһаарар үгэстээх. Баһылайдаах күһүн буһук саҕана үөрдээх нэмэнэ кус бүөмнээн мустан аһыы сытарыгар түбэһэ түһэн, үөмэн киирэн, хоһулаан уонна көтөн тиргиллэн тахсыыларыгар күөрэтэлээн, биир үүккэ уончаҕа тиийэ куһу хаалларан баран наар Кыраһанан ыллартаралларын туһунан эмээхсин кэпсиир. Маанчык биирдиилээн эрэ таскайдыыр үгэстээх буолан, бэркэлээтэҕинэ иккитэ-үстэ кырынаат, муустаах ууга чаалыттаран, тоҥон, саллан хаалан киирбэтэ үһү, оттон Кыраһа хастыы да куһу биирдэ хос ытыран бэрт дөбөҥнүк таһааран биэрэр эбит.

      Ийэ кустар оҕолоруттан көҥөнөн, мээтиргэһэ-мээтиргэһэ, төттөрү-таары көтөллөр. Моточчу уойбут саралар ардыгар ыттан куотан от быыһыттан ууга сарыкынайан киирэллэр, субу иннибитигэр устан ньолбойон тахсаллар, ону Маарыйа эмээхсин, тыытын туорайын икки өттүгэр үктэнэн тура сылдьан, эрдии салбаҕынан быһа охсон ылар. Эбээ төһө да сааһыран эмээхсин аатырдар, көстөр дьүһүнүгэр холооно суох, сүрдээх сылбырҕа туттуулаах, бэйэтин лаппа кыанар, бэрт тэтиэнэх эмээхсин. Бэл, орто уҥуохтаах эр дьону куотар уһун кыыһынааҕар Өксөөнтөн тутум үрдүк, эр киһилии дыраҕар сарыннаах, хоппо күрдьэх курдук кэтит ытыстардаах, бобо тутан ылыахха айылаах такыйбыт модороон тарбахтардаах, хара бараан сирэйдээх, күүс үлэтигэр кииллийэ хаппыт, тус-туһугар ураты айылгылаах, сүүнэ эмээхсин. Дьон-сэргэ да ытыктыыр ахан кырдьаҕастара.

      Сөп буоларбытынан добуоччу элбэх куһу бултаан тахсабыт. Ыттарбыт эмиэ кэннибититтэн сонно кэлэллэр. Сара охтубут уонна кус оҕотун хото киллэрбит кэмигэр күөлбүт иһэ тылбыйар кынаттаах эгэлгэтинэн хара тордох курдук хараара туоларын киһи эрэ сөҕөр.

      Тыыбытын кытылга тардан таһааран кыратык ууламмытын таҥнары тутан сүөкүүбүт уонна далаһа ойоҕоһунааҕы ньалыар ууга олордон кэбиһэбит. Инньэ гымматахха дьүөгэттэммэтэх хаптаһын түгэхтээх тыы курааҥҥа сахсайан хаалар. Туос тордуйа оҥостон, туолбут ууну баһаргар өрүү илдьэ сырыттаххына эрэ сатанар. Тордуйаларын умна баран баран сүрэҕэлдьээн төннүбэккэ, ууга да түһэ сыһар дьон бааллар.

      Сара буоллун, кус оҕото буоллун тымтайга толору хаалыыбыт, онтубутун эбэм сүгэр. Өндөтөн көрдөххө тэс курдук буолар да, эмээхсин таһаҕас оҥостубат. Мин түөрт-биэс бөдөҥ куһу икки илиибэр ботуччу тутан баран, эбээ кэнниттэн саппай уопсабын.

      Бу курдук Маарыйа эмээхсини кытары кус саарар кэмигэр өссө хаста да бултаатыбыт. Куспутун ыалларбытын кытары, үс ыал баһынан, үллэстэн сиибит.

* * *

      Биир күн мин, Баһыычаан, ыалбыт оҕолоро Морууса, Маарпа буолан хоспоххо кус үргээтибит. Эмээхсини кытта кустаан тахсан, онно эбии Баһылай тиргэтиттэн ылбыт куһа мунньуллан, элбэх баҕайы. Аны туран ыалларбыт

Скачать книгу