Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов страница 9
Күрдьэн чохчолообут бурдуктарын аһын тыаллаах күн тыалы ойоҕолуу туран күрдьэҕинэн баһа-баһа ыһаллар, оччоҕо сыыһа-ото көтөн хаалар. Туораах бөдөҥө, астааҕа, ыйааһыннааҕа тыалы утары ыраах баран түһэр, чэпчэкитэ атаҕыҥ анныттан ырааппат. Бу албаһынан, ньыманан бурдугу суортууллар. Ыраах түспүт бурдук туорааҕа бастыҥ суорт, бэттэх түһээччитэ намыһах суорт буолар.
Бурдук сыыс ото күөл ортотугар «куукунаҕа» хаалар. Саас, эбэ күөх хобурунан көрөн эрдэҕинэ, саҥа кэлбит көтөр онно мустар. Үксэ мороду. «Куукунаҕа» хаалбыт бурдук сыыс отун, тохтубут туорааҕы сииллэр. Мороду – баһын иһэ барыта саҥа көтөр, биир кэм, «урут» да «урут», «урут» үөһэ «урут». Бэл соҕотох да мороду садырым ууга кэлэн түстэҕинэ, алаас иһэ барыта атыыр мороду саҥатынан туолан эймэнэ түһэр. Сааһыт эр дьон «куукуна» хайыҥын хаара үлтү тэпсиллэн, чигдитийэн ирбэккэ өрө үллэйэ сытарынан хаххаланан үөмэн киирэн, хоһулаан-хоһулаан баран уончаҕа тиийэ мородуну биирдэ тэптэрэн ылаллар. «Сааскы киһи салбаммытынан…» дэммит күннэргэ бастакы кус этэ, миинэ минньигэһэ ама туохха холоонноох буолуой…
Холкуостаахтар сайын сүөһүлэрэ кыстыыр, дьыл тахсар отун оттоотулар, туруоруммут соруктарын өссө аһара да толордулар…
Сайыны сайылаан баран бу өтөхпүтүгэр, Мундулуҥдаҕа, кыстыыр буоллубут.
Күһүҥҥү биир үтүө, чэмэлкэй күн ыанньык пиэрмэтэ, уҥуоргу титииктэр сайылыктарыттан икки сиринэн: Уолбут уонна Быркылаах күөллэригэр «һуу-һаа» буолан көһөн тигинээтилэр…
Мундулуҥда өтөҕөр үс ыал буолан кыстыырдыы оҥоһуннубут. Намыынаптар Өлөксүөйэп Хабырыыллааҕы кытары дьукаахтастылар. Сайын «Свердлов» аатынан холкуос киинигэр Айдаҥҥа аймахтарыгар кэлэ-бара сылдьыбыт саҥа доҕотторум Маарпалаах, Балаҕаччыга үөрэхтэрин дьыла саҕаланан, оскуолалара аһыллан, үөрэнэ бардылар. Балаҕаччы Мундулуҥдаттан сэттэ биэрэстэ сир, ол иһин Намыынаптар оҕолорун үөрэттэрээри, арыый да чугастыы, манна кыстыыллар эбит. Аҕалара «Свердлов» холкуос биригэдьиирэ, кэргэнэ Маарыйа кыра, иринньэх ыамайдаах буолан дьиэтигэр олорор.
Өлөксүөйэптэр уоллара Модьу эмиэ оскуола киһитэ, Намыынаптар кыргыттарын кытары бииргэ сылдьар…
Өссө оҕолор үөрэниэхтэрин иннинэ, биир күн Балаҕаччыттан Испирдиэн Дьаакыбылабыс Сүөдэрэп диэн оскуола дириэктэрэ хас да киһини кытта (хайа эрэ боломуочунайы арыаллыы сылдьар быһыылааҕа) кэлэн барбыттара, киэһэ Саамы эбэҕэ киирэн кустаабыттара эҥин. Биһиэхэ чэйдээн ааспыттара… Онно мин олохпун тосту-туора уларыта сыспыт кэпсэтии буолбута. Туох билиэй, кэлии дьон тылыгар сөбүлэспитим буоллар, дьылҕам баҕар отой атын суолунан салаллыа