Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 19

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

күүстээх көрүҥнээх, гимнастеркатын уолугун төлөрүтүммүт, саллаат курун босхо иһин түгэҕэр ыыппыт саха курдук дьүһүннээх уол, чопчу кинилэри көрбүтүнэн, чугаһаан кэллэ:

      – Сахаларгыт дуо? – диэн, уу сахалыы олус астынан ыйытта.

      – Сахаларбыт! – Ананийдаах биир дойдулаахтарын көрсөн, үөрэ-көтө хардардылар.

      – Болуодьа Бөтүүнүскэй диэммин, Сааскылаахтан сылдьабын. Эһиги хантан сылдьаҕыт?

      – Мин мэҥэбин, Ананий диэммин. Оттон бу Коля, Горнай уола… – дэһэ-дэһэ, илии тутустулар.

      – Дьэ, бэрт эбит… Манна мин саха соҕотохпун. Билигин элбээтэхпит… Чэ кытаатыҥ, Саха сирин сонунун тоҕо тардан, кэпсээн кэбиһиҥ… – уоллара кинилэри санныларыттан хам кууһан ылла уонна хаһаарыма түгэҕин диэки илдьэ барда.

* * *

      Уолаттар Бөтүүнүскэйдэрин төһөнөн ыкса билсэн истэхтэрин аайы кинини сөбүлүүллэрэ элбээн истэ. Хоту дойду уола холкута, үтүө-мааны майгыта киһини астыннарар. Бэйэтэ айылҕа оҕото буолан, дьоҕус даҕаны уҥуохтаах буоллар, эт-сиин өттүнэн кыахтаах. Күүстээх уол турникка «солнцены», «выход силой» уонна да атын көрүҥнэри холкутук оҥорор. Нууччалыы олус ыраастык саҥарар, нуучча уолаттарын сытыы тылынан-өһүнэн баһыйара да диэххэ сөбө. Элбэх көрдөөх көрүдьүөс анекдоттары кэпсиир, инньэ гынан, саллааттар куттарын тутар уонна сүргэлэрин көтөҕөр. Маҥнай утаа иккис сылын сулууспалыыр уолаттар кыра диэн сэнээн киирэн биэрэллэрэ үһү. Биирдэ Карпенко диэн бөдөҥ-садаҥ, уһун уолу наһаалаабытыгар биирдэ эрэ охсон кэбиспиттээх. Онтон ыла оннооҕор «дедтар» киниэхэ чугаһаабат буолбуттара.

      Сороҕор дьиибэлэнэн, эмиэ да кырдьык-хордьук курдук:

      – Мин бэйэм долгааммын, оттон түгэх өбүгэлэрим поляктар. Дьиҥнээх араспаанньам «Бетинскэй» диэн ээ… – дии-дии, күлэн-үөрэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа олох да көстүбэт буолара.

      Дэриэбинэҕэ олохтоох чукчалары кытта олус тапсара. Анараалар даҕаны кинини бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыналлара. Дэлэҕэ дьиэлэригэр биир да бырааһынньыгы көтүппэккэ ыҥырыахтара дуо? Бэйэтэ эмиэ сулууспалыыр станцията дэриэбинэттэн көстөн турара, ол да иһин самоволкаҕа сотору-сотору барара. Олохтоохтору кытта булт-алт туһунан уопсай тылы булан сэһэргэһэрэ.

      Рота старшината прапорщик Павленко кини бэргэн булчутун үчүгэйдик билэр буолан, саас, күһүн икки уостаах саатын уларсан, кустата ыытара. Оттон Бөтүүнүскэй бэйэтэ кыһынын байыаннай чаас турар сириттэн чугас эргин сылдьан, олохтоох дьонтон уларсыбыт капкаанынан кырсаны бултаһара. Бултаабыт кырсатын тириитин бэйэтэ таҥастаан эписиэрдэри кытта мэнэйдэһэрэ.

      Биир үтүө күн Володя Ананийдааҕы бөһүөлэктэн чугас муора кытыытыгар ыҥыран киллэрдэ. Уолаттар уу кытыытыгар кытылы кэрийэ, улахан баҕайы киит балык ойоҕосторун уҥуоҕа сиргэ батары саайыллыбыттарын уонна бөдөҥ таастарынан бөҕө-таҕа гына тула тэлгэммиттэрин сэргии көрдүлэр. Итилэр аттыларыгар чукчалар муораҕа бултуу тахсалларыгар туһанар вельботтара ойоҕосторунан

Скачать книгу