Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 14

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

туран бүгүн босхолуубут. Ону таһынан дьиэлэригэр барыахтарыгар диэри биир нэдиэлэ устата куукунаҕа нэрээккэ сылдьалларыгар быһаардыбыт. Иккиэннэрин обслуживание ротатыгар олохтуурга уонна аһылыкка довольствиеҕа туралларыгар бирикээс таҕыста… – полковник Большелапов, стройга турар саллааттар бары истэллэрин курдук, доргуччу бирикээһин иһитиннэрдэ.

      Ити кэнниттэн, арыаллыы сылдьар эписиэрдэрин кытта штаб дьиэтин диэки хаамса турдулар.

      Икки харабыл саллааттар, буруйдаах уолаттар босхоломмуттарын истээт, эмиэ эргиллэн дьуһуурустубалыыр сирдэригэр бардылар. Титигиирэптээҕи полка хамандыырын быһаарыытынан, обслуживание ротатын старшината прапорщик Мальцев салайан куукунаҕа илтэ.

      Полка саллааттара бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержаннар призывниктары хаалларан плацка строевой хаамыыга дьарыктаатылар. Ону таһынан плац тула сүүрдэн, спортивнай снарядтарга илдьэн, турникка тардынарга эҥин үөрэттилэр.

      Киэһэ уолаттар остолобуойга аһаан баран, иллэҥ бириэмэ көстүбүччэ, бүгүҥҥү күннээҕи сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсэттилэр:

      – Ити Титигиирэп диэн саха уола үһү… Хоту ханнык эрэ оройуонтан сылдьар диэтилэр, сахалыы билбэт. Наар нууччалыы эрэ кэпсэтэр эбит…

      – Дьиҥнээхтик Хабаровскайга спортротаҕа сулууспалаабыт, ол сылдьан эмиэ баппакка, манна түҥкэтэх сиргэ Чукоткаҕа, соруйан кэһэйдин диэн «сыылкаҕа» ыыппыттар. Бэйэтэ Саха сиригэр биллэр-көстөр боксер эбит, тустуунан эмиэ дьарыктаммыт. Киэһээ аһылык кэнниттэн таһырдьа тахсан табахтыы турдахпытына, биир Усть Белайга сулууспалаабыт нуучча уола кэлэн биһигини кытта кэпсэттэ: «Эһиги сахаларгыт дуо? Сэрэнэн сылдьыҥ, «Усть Белай» туочукаҕа тиийдэххитинэ, земляккыт ити быһыытын иһин анараатах баар атаҕастаммыт уолаттар иэстэһэллэрэ буолуо…»

      – Чахчы, ити Кемеровоттан сылдьар табаарыһыныын наһаалаабыттар. Биһиги уолбут Самохвалов диэн адъютаннаах үһү, «молодой». Кини таҥаһын-сабын устар, көрөр-харайар киһи. Бэйэтин «Султан» курдук бырастыынаҕа көтөҕө сылдьаллар үһү, аһын оронугар аҕалан биэрэллэр дииллэр.

      Сорох уолаттар ити истибиттэрин соччо итэҕэйбэтилэр, сымыйанан омуннаан кэпсииллэрэ буолуо дии санаатылар.

      – Эс, наһаа үлүннэрэн кэпсииллэрэ буолуо? Ама аармыйаҕа, кини да буоллар, хайдах инньэ гыныаҕай?

      – Кырдьык дииллэр, оннооҕор манна гауптвахтаҕа сытан, «молодой харабыл уолаттары гоняйдаан» сөптөрүн көрдөрбүт курдук кэпсииллэр.

      Итинэн мөккүөрдээх кэпсээн намыраан бүттэ. Ол эрээри сарсыныгар өссө күүркэтиилээх кэпсээн байыаннай чааһы тилийэ көттө: «Титигиирэптээх куукунаҕа нэрээккэ сылдьан, иһиттэрин сууйан, хомуйан бүтэн, киэһэ хойут хонор сирдэригэр хаһаарымаҕа тиийбиттэр. Ити кэмҥэ Бурляевтаах, «дедтар» кыратык «аһаан» баран, утуйбакка кинилэри кэтэһэ сылдьыбыттар. Уолаттар хаһаармаҕа киирэн утуйар хос диэки баран истэхтэринэ, бытовой хос ааныгар турар хас да уол быыһыттан:

Скачать книгу