Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 9

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

саҥа аргыһын кытта билистэ. – Бэйэм чурапчыбын, ол эрээри Майаҕа олорбутум хас даҕаны сыл буолла. Онно оскуоланы бүтэрбитим. Биһиги манна «Маякка» кэлэрбитигэр, майалар ортолоругар суох этиҥ дии.

      – Ээ, суох, мин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бараммын, идэбинэн Кыһыл Сыырга үлэлии сырыттахпына, военкоматтар ыҥырбыттара.

      – Онно тугу үлэлээбиккиний?

      – Бэйэм горнай инженер, геофизик идэлээхпин. Коми АССР-га, Ухта куоракка индустриальнай институкка үөрэммитим. Быһаччы эттэххэ, геологпын, Кыһыл Сыырга ньиэп, гаас разведкатыгар каротажнай үлэлэргэ сылдьыбытым. Майаҕа, Хараҕа олорбутум. Онно билигин ийэлээх быраатым бааллар. Бэйэм эмиэ оскуоланы Майаҕа бүтэрбитим. Ананий Павлов диэммин. Аармыйаҕа олох даҕаны барар санаата суох сылдьарым. Ону военкоматтар ыҥыран ылан: «Сүүрбэ алтаҕын туолбуккун, онон быйыл хайаан даҕаны булгуччу аармыйаҕа бараҕын», – диэн мас-таас курдук этэн, бу сулууспалыы баран иһэбин. Биирдэ санаатахха, сүүрбэ сэттэҕин туоллуҥ да, баҕар-баҕарыма, ылбаттар эбит.

      – Мин эмиэ сааспын баттаһыннара, бэйэм тылланан аармыйаҕа баран иһэбин. Аҕыйах хонугунан сүүрбэ үс сааспын туолабын, онтон сааһыран бараммын уон аҕыстаах оҕолору кытта сулууспалыах диэтэххэ ыарахан буолуо ээ. Эн, үрдүк үөрэхтээх киһи, биир сыл сулууспалыырыҥ диэн олох да биллибэккэ ааһар буоллаҕа дии саныыбын, – Эрчим хайдах эрэ ордугурҕаабыттыы саҥарда.

      – Ким билэр… Ханнык чааска түбэһэргиттэн буолуо? Сорох чаастарга, «дедовщина» баар сиригэр, уустук соҕус буолара буолуо ээ…

      – Дьэ, кырдьык хайдах чааска түбэһэн, ханна тиийэбит, түгэнэбит? Ити миигин илдьэ баран иһэр капитан: «Дальневосточный военный округ», – диир дии. Оччотугар Хабаровскай, Приморье эргин буолуон сөп. Мин аармыйаҕа эрдэ барбатах биричиинэм – орто оскуола кэнниттэн биир сыл үлэлээн бараммын, Хабаровскай куоракка пединститукка, худграфка туттарсан киирбитим, иккис курсу бүтэрээри сылдьаммын, биир түгэҥҥэ сыыһа-халты туттан сэмэлэммитим. «Дойдугар бараҥҥын учууталлаа уонна биир сылынан үчүгэй характеристикалаах кэллэххинэ, салгыы үөрэниэҕиҥ», – диэбиттэрин иһин, ааспыт сылга дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабытым. Ол гынан баран, идэбин сөбүлээбэккэ, бу аармыйалаан эрэбин.

      – Эс, ол тоҕо? Учуутал үлэтэ үчүгэй буолбатах дуо? Уруоккун биэрдиҥ да, холкутук сылдьар буоллаҕыҥ дии…

      – Чэ, билбэтим. Баҕар, кырдьык сыыстарбытым буолуо, билигин даҕаны эдэрбин. Эбэтэр аармыйа кэнниттэн кэлэн бараммын үөрэхпин салҕыаҕым, баҕар, олох даҕаны атын үөрэххэ туттарсан идэбин уларытыахпын сөп дии саныыбын, – Эрчим соччо улаханнык баардыылаабакка, холкутук эппиэттээтэ.

      Кинилэр итинтэн ыла биир дойдулаах дьон быһыытынан наар бииргэ сырыттылар.

      Киэһээ аһылык кэнниттэн кинилэри арыаллаан илдьэ баран иһэр сержаннар Гаркуша уонна Свинолупов барыларын таһааран плацка стройдаттылар. Ол кэнниттэн капитан Прозоров строй иннигэр тахсан туран:

      – Бүгүн эһиги сулууспалыыр чааскытыгар көтөҕүт, айан кэмигэр бэрээдэги кытаанахтык тутуһаҕыт. Үрдүкү

Скачать книгу