Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

эйиэхэ отсрочка ылыахпытын баҕарабыт.

      – Эдэр киһи Эрчим Петрович, биһиги оскуола үөрэнээччилэрэ урукку өттүгэр оройуоҥҥа да, зональнай черчение олимпиадатыгар маннык ситиһиилээхтик кытта илик этибит. Онон эйигиттэн «Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолору кытыннаран ситиһиилэммитиҥ иһин салгыы биһиэхэ үлэлиэҥ этэ дуо?» – диэн көрдөһүүлээхпит. Оччотугар оскуола уонна профсоюз аатыттан сурук суруйан, аармыйаҕа бараргыттан тохтотуо этибит, – диэн Василий Николаевич көрдөһөр, быһаарар икки ардынан баҕа санаатын эттэ.

      – Владимир Александрович, Василий Николаевич, үтүө санааҕыт иһин махтал. Хас биирдии эдэр киһи ытык иэһин толорон, аармыйаҕа сулууспалыахтаах. Мин аҕыйах хонугунан хайыы-үйэҕэ сүүрбэ үс сааспын туолабын. Аны мантан ордук сааһыран баран бардахпына, сүрэ да бэрт буолсу.

      – Оттон үлэҕэ киирэргэр, районо сэбиэдиссэйигэр биир сыл үлэлээн бараммын, характеристика ылан, үөрэхпин салгыы барабын диэбит этиҥ дии. Биһиги онно сөптөөх характеристиканы суруйан биэриэхпит. Эдэр киһи салгыы кэтэхтэн да үөрэниэххин сөп, – диэн дириэктэр ылыннарыылаахтык сүбэлии олордо.

      – Уопсайынан, учуутал үлэтин сүрдээҕин ыарырҕаттым, идэбин уларыттахпына да сөп буолсу дии санаатым. Итэҕэлгит иһин улахан махтал! Ол эрээри аармыйаҕа барардыы биир бигэ санааны ылынан сылдьабын…

      – Сөп, оччотугар эдэр киһи баҕа санаатын биһиги хааччахтыыр кыахпыт суох. Оҕолор сыллааҕы түмүктэрин бу күннэргэ таһаартаа уонна Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр бараҥҥын, ытык иэскин чиэстээхтик толор диэн биһиги алгыыбыт! Бары үчүгэйи кытта, бастаан суол тэлэн үлэлээбит оскуолаҕын хаһан даҕаны умнума! – диэн иккиэн эдэр уолу кытта илии тутуһан араҕыстылар.

      Оскуола көрүдүөрүн устун хааман иһэн, байаан тыаһыырын истэн, Эрчим кылааһы өҥөс гыммыта, доҕоро Еремей Гоголев соҕотоҕун ырыа үөрэтэ олорор эбит.

      – Быраат, убайыҥ аармыйаҕа баран эрэр. Эҕэрдэлээ!!! – дии-дии, Эрчим кылаас иһигэр көтөн түстэ.

      – Оо, убайым Эрчим уол оҕото! Аны синиэл кэтэргэ быһаарынныҥ дуо? Хайа оттон проводинабыт эҥин? – диэн, Еремей утары кэлэн кууһан ылла.

      – Ону этээри киирдим. Уон бэһискэ барабын, Кыайыы күнүгэр Майаҕа киирээр. Аармыйаҕа барарым чугаһыгар одноклассниктарбын уонна доҕотторбун ыҥыран, проводина оҥороору сылдьабын. Быраат онно баар буоллаххына табыллар… – хаадьылаһан тустан хадьыктастылар.

      Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин оскуола саҕаттан үчүгэйдик билсэллэр. Эрчим онус кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ, Еремей ахсыска этэ. Дьикти кэрэ куоластаах оҕо, оччолортон индийскэй ырыаны ыллаан дьон кутун туппута. Аны ол кэнниттэн Хабаровскайга пединститукка үөрэнэ сырыттаҕына, Еремей Биробиджаҥҥа культура училищетыгар үөрэммитэ. Быйыл Тыыллыма орто оскуолатыгар бииргэ учууталлаатылар. Онон иккиэн иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьар истиҥ доҕордуулар.

* * *

      Эрчим бары наадатын барытын быһаартаран, оҕолор сыллааҕы түмүктэрин таһааран отчуоттаабыта. Аармыйалыан аҕыйах хонук иннинэ сынньанардыы оҥостон

Скачать книгу