Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 6
Эрчим соһуйуон иһин, баянын иннигэр тутан, эдэркээн баҕайы кыыс киирэн микрофоҥҥа чугаһаан, ыллаан барбыта. Баян бастакы дорҕоонуттан музыка дьикти абылаҥар ылларан, уол бу кэрэ-номоҕон дьүһүннээх, нарын кыыстан хараҕын араарбатаҕа:
Күндү көмүс күөрэгэйим,
Күүтэн күнүм уһаата.
Хара, хара харахтааҕым,
Хайа, хаһан кэлэҕин?
Тэйэн, уһаан хааллаххына,
Тэһийбэппин билэҕин.
Миигин үөрдэн хоспор хаһан
Мичилийэн киирэҕин?..
Бу ырыа тыллара хайдах эрэ, ыллыы турар кэрэ кыыс тас көрүҥэр олус дьүөрэлэһэр курдуктара… Эрчим ырыа күүстээх абылаҥар ылларан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, тулалыыр эйгэни олох атын хараҕынан көрбүтэ. Туох баар барыта тупсан, инники олоххо үтүөнү-кэрэни эрэ түстүүргэ дылыта… Онтон ырыа бүтэн, музыка тыаһа тохтообутугар уонна бу кини билбэт дьикти кэрэ кыыһа тахсан барбытыгар, хайдах эрэ курус санаа хам кууһан, хомойо санаабыта.
Учууталлар уонна төрөппүттэр ис сүрэхтэриттэн үтүө алгыс тыллары эппиттэрэ уонна эҕэрдэлээбиттэрэ. Оҕолор остуолга уһуннук олорботохторо, ойон туран проигрыватель дорҕоонноох музыкатыгар доҕуһуоллатан, төгүрүччү туран, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан барбыттара.
Сынньалаҥҥа Эрчимнээх таһырдьа тахсыбыттара, сөрүүн салгын кинилэри кууһан ылбыта. Тула барыта олус үчүгэйэ, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдуга. Майаҕа ол күнтэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары оонньуулара» ыытылла тураллара. Онон, бөһүөлэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, сэргэхсийэн аҕай турар кэмэ этэ. Оскуолаттан чугас турар Оройуоннааҕы культура дьиэтиттэн үҥкүү музыката бу баардыы ньиргийэн иһиллэрэ.
Сорох оҕолор ол музыканы истэн, оскуола спортивнай былаһааккатыгар баар баскетбол мас помоһугар сүүрэн киирэн үҥкүүлээн барбыттара. Кыргыттар Сенялаах Эрчими ыҥыран ылан, ол үҥкүүлүү сылдьар ыччаттарга киирэн, аныгы музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, араастаан хамсанан, күлбүт-үөрбүт оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэрэ. Эрчим санаатыттан били баян доҕуһуолунан ыллаабыт кыыс кэрэ мөссүөнэ арахсан биэрбэтэҕэ.
– Сема, РДК-ҕа барыахха… Мин ити музыкант кыыһы көрүөхпүн баҕарабын… – диэн, доҕоругар сибис гыммыта.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт… Манна хайдах эрэ скучнай баҕайы… – диэн, кини тылыттан тахсыбат доҕоро сөбүлэһэ охсубута.
Үҥкүүлүү сылдьар ыччат быыһыттан тахсан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, үрэҕи кыйа барбыттара. Үрэх нөҥүө турар Культура дьиэтигэр, мас муостанан туораан, тиийбиттэрэ. Үтүмэн элбэх киһи мустан, сорохторо таһырдьа кулууп таһыгар, атыттара иһирдьэ үҥкүүлүү сылдьаллара. Араас оройуонтан кэлбит спортсменнар бэйэлэрин анал сборнай хамаандаларын форматын кэтэ сылдьаллара көрүөххэ олус үчүгэй этэ. Кинилэр спорт үрдүкү бырааһынньыгар кытталларынан киэн тутталлара сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан