Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 10

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

көлүөһэлэринэн таарыйан, өрө-таҥнары тилигирээн баран, сотору буолаат тохтоото. Чочумча тохтуу түһээт, уолаттары тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Эдэр дьон трапка үктэнээт, сонурҕаан тулаларын көрүннүлэр: арай ыраах хайалар көҕөрүмтүйэн көстөллөр. Тэйиччи «Магадан» диэн суруктаах аэропорт дьиэтэ дьэндэйэн көстөр.

      Иһирдьэ киирбиттэрин кэннэ, сержант уолаттар, күлсэ-күлсэ:

      – «Соски», вы летите на бухту Провидения… Идите, смотрите на карте… – диэтилэр.

      Эрчим иһигэр: «Туох ааттаах үчүгэй, дьикти ааттаах сирэй?» – диэн дьиибэргиир санаа өйүгэр элэс курдук охсуллан ааста.

      Уолаттар аэропорт аллараа этээһигэр баар картаны көрөн: «Чукотка…Чукотка эбит… Оо, туундараҕа… Заполярьеҕа сулууспалыыр буолбуппут…» – сорох хомойбут, атыттар сөхпүт саҥалара иһилиннэ. Эрчим били «Хабаровскай эбэтэр Приморье» диэбит ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Бэйэтэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук буолла…

      Ити күн Анаадыр аэропорда сабыылаах диэн, самолет салгыы көппөт буолла.

* * *

      Киэһэлик аармыйаҕа баран иһээччилэргэ холуочук туруктаахтар кыралаан көстүтэлээн бардылар. Аэропорт комендатуратыттан ыҥырбыттар быһыылаах, биир мичман икки моряк арыалдьыттардаах патруль тиийэн кэллэ. Дьокуускайтан айаннаан иһэр призывник уолаттары барыларын аэропорт иһигэр стройдаттылар. Эрчимнээх Ананий арыгылааһын биричиинэтин билбэтэллэр да, саҥата суох барыларын кытта бииргэ стройга турдулар. Кинилэри арыаллаан иһэр капитан Прозоров уонна сержаннар, стройу кэрийэ сылдьан ким холуочугун быһаардылар. Уонна тэйиччи илдьэн туспа бөлөхтөөн туруордулар.

      Арай ол кэмҥэ строй иннинэн үрүксээгин санныгар иилинэ сылдьар, биир уһун хара бэкир уол, хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн баран, строевой хаамыынан кытаанахтык тиҥилэҕинэн либиргэччи үктээн, туалет баар сирин диэки ааһа турда. Моряктар уонна мичман соһуйан, көрөн эрэ хааллылар. Сотору буолаат били уол төттөрү тиийэн кэллэ уонна саҥардыы хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн, эмиэ строевойунан хааман эрдэҕинэ, бу сырыыга патрулга сылдьар моряк уолаттар, мичман хамаандатынан кинини тараччы тутан ыллылар. Ол кэнниттэн атын арыгы испит уолаттар бөлөхтөрүгэр илдьэн холбуу уган кэбистилэр. Капитан Прозоров улаханнык кыыһыран:

      – Я заранее предупредил! Кто не соблюдает дисциплину, того будем наказывать… – диэн суоһурҕанна.

      Салгыы уһуннук-киэҥник өйдөтөр бэсиэдэ ыытта.

      Ол кэнниттэн строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбит уолу патруллар гаупвахтаҕа илдьэ бардылар. Атын бэрээдэги кэспит уолаттартан мичман «Мантан салгыы арыгылаабатыннар» диэн, харчыларын туура тутан ылла.

      Патруль барбытын кэннэ, уолаттар ортолоругар араас кэпсэтии буолла:

      – Ити строй иннинэн ааспыт уол хайа оройуонтан сылдьар үһүнүй?

      – Томпоттон сылдьар дииллэр, Былааһап диэн үһү… Муҥ саатар, туалекка сылдьан баран, патруллар барбыттарын

Скачать книгу