Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 12

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

Саатахха, бэҕэһээ Магадаҥҥа, уолаттары кытта буфекка ыстакаанынан кыһыл арыгы атыылыылларын ылан иһэммит, патруллар харчыбытын туура тутан ылбыттара. Ол иһин аччыктааммын ыксаан, ити кууркабын атыылаатым. Итиэннэ остолобуойга баран аһаан абыранным…

      – Оттон бэйэҥ ким диэҥҥиний? Хантан сылдьаҕын?

      – Горнай Солоҕонуттан сылдьабын, Олег диэммин… Семенов…

      – Оттон, бу саллаат бэргэһэтин хантан ыллыҥ? – Эрчимнээх сытыы-хотуу биир дойдулаахтарын сөҕөн, күлсэ-күлсэ, ыйыттылар.

      – Ээ, биир чукча уолун кытта хаһыатынан оҥорбут кумааҕы бэргэһэбэр атастастым… – уоллара эмиэ күлэ-күлэ, тымныы тыалтан көмүскэнэн ыгдаччы туттан баран, аэропорт диэки сүүрэ турда.

      Кэнники рейстэн хаалбыт уолаттар, аны Провидение буухтаҕа самолет көппөккө, арыаллаан иһэр сержаннары кытта хоно хаалар буоллулар. Эрчимнээх иккиэн утуйар сири булан, утуйардыы оҥоһуннулар. Олорон эрэ айан дьонун көрө-истэ олордулар. Эрчим бэркэ сэҥээрэн уонна дьиибэргээн, олохтоох омуктар таҥастарын көрдө-иһиттэ. Чукчалар саастаах, кырдьаҕас өттүлэрэ таба тириититтэн тигиллибит кухлянкаларын түүтэ бурҕаҥнаабатын диэн, тас өттүгэр араас дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһынан, хах тигэн бүрүйэллэр эбит. Хата онтукалара бэрт сиэдэрэйдик көстөр. Ордук кинини эмээхситтэр, сааһырбыт дьахталлар сирэйдэригэр татуировкалаахтара сөхтөрдө. Ол курдук, муннуларын төбөтүттэн саҕалаан, икки күп-күөх сурааһын ойуу сүүстэринэн үөһэ тахсан, баттахтарын саҕатыгар тиийэн холбоһон хаалаллар. Уонна уостарын аллараа өттүттэн уонча көнө сурааһын сэҥийэлэрин аллараа өттүгэр тиийэн түмүктэнэллэр. Иэдэстэрин ойуута араастаан эриллэн, чэчэгэйдэриттэн үс сурааһын буолан сыҥаахтарын ортотугар тиийэн бүтэр. Уол худуоһунньук буолан ити ойуулары улаханнык сонургуу көрдө. «Индеецтэр курдук тигиилээх сирэйдээхтэр эбиттэр дуу?» – дии санаата. Ол иһин олохтоохтортон ээр-сэмээр ыйыталаһан көрдө да, күттүөннээх эппиэти ылбата. Дьон араастаан быһаарар. Сорохтор: «Ити ойуу кинилэр баай төрүттээхтэрин көрдөрөр…» эбэтэр судургутук: «Кыраһыабай буолан көстөөрү, киэргэнэн сирэйдэригэр национальнай оһуор курдук татуировка оҥортороллор…» – диэн быһааран биэрдилэр. Ону таһынан Эрчим Чукоткаҕа эскимостар олороллорун истэн наһаа соһуйда. Кини эскимостар Аляскаҕа эрэ олохтоох омуктар диэн толкуйдааҕа. Онтуката баара, манна аҥаардас эскимостар олохсуйан олорор бөһүөлэктэрэ хас даҕаны сиргэ баарын саҥа биллэ.

      Сарсыныгар дьэ аналлаах сирдэригэр – Провидение буухтатыгар – көтөн тиийдилэр. Кинилэри массыыналар күүтэн тураллара.

      Аэропортан айаннаан иһэн уолаттар тула өттүлэрин сэҥээрэ көрө истилэр. Күннээх сааскылыы чаҕылхай күн турар. Буухта тула өттө барыта халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар. Уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэндэһэн көстөллөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллар, кытыыга таһаҕас сүөкүүр кырааннар элбэхтэрэ сөхтөрдө. Бу Уһук Хоту диэки биир улахан муоратааҕы порт

Скачать книгу