Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 7

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

кэмҥэ военкомакка тиийбитэ, олбуор иһигэр толору дьон бөҕөтө баара. Аармыйаҕа барааччы диэн, атаара кэлбит дьон диэн тус-туһунан бөлөх-бөлөх буолан аалыҥнаһа сылдьаллар. Кинини кэтэһэн доҕотторо күүтэн тураллар эбит. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, атаарыы дьалхаана түүнү быһа салҕаммыт быһыылааҕа. Эрчим кинилэр билиҥҥи туруктарын өтө сэрэйэн, спортивнай суумкатыгар эрдэ хаһааммыт водкатын ылан уолаттарга туттаран кэбистэ. Кини өссө военкомакка чугаһаан иһэн, син балачча тэйиччиттэн баян тыаһын уонна уолаттар армейскай ырыаларын истибитэ. Сергей баянын тардан кэбиспитэ, Еремей ону иилэ хабан ылбыта. Атын уолаттар эмиэ хаалсыбатахтара, байыаннай ырыалар бииртэн биир доргуччу ылламмыттара. Ону дэриэбинэттэн сылдьар уолаттар бэркэ сэҥээрэ истибиттэрэ, ол эрээри хайдах эрэ дьааххана соҕус туттан тэйиччи сылдьаллара.

      …Не много прошагал, пока не генерал,

      Но, может быть, я стану старшиной.

      Прости, что не сумел сказать, что буду смел

      И то, что будешь ты моей женой.

      Не плачь, девчонка, пройдут дожди,

      Солдат вернется, ты только жди…

      Сотору буолаат военкомат үлэһиттэрэ тахсан, уолаттары кэккэлэччи туруортаатылар уонна испииһэгинэн биир-биир ааттаталаан, ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр:

      – Бу сааскы суол алдьаммытынан, билигин өрүс суола сабыылааҕынан сибээстээн, куоракка самолетунан көтөҕүт. Маҕан аэропордугар көтөн тиийдэххитинэ, эһигини куорат военкоматын үлэһиттэрэ көрсүөхтэрэ. Уонна «Маяк» лааҕырга сборнай пуун баар сиригэр автобуһунан арыаллаан киллэриэхтэрэ. Ким да, ханна даҕаны ыйытыыта суох мээнэ барбат, кэлбэт… Бэрээдэги кэһии, арыгыны иһии кытаанахтык бобуллар… Эһиги бүгүҥҥэттэн саҕалаан байыаннай бэрээдэги тутуһаҕыт. Билигин биэс мүнүүтэ атаарааччылары кытта быраһаайдаһыҥ. Ол кэнниттэн быстах кэмҥэ самолет түһэр сиригэр, сыыр үрдүнээҕи бааһынаҕа, бары стройунан тахсабыт. Самолет көтөн кэллэҕинэ, испииһэгинэн биир-биир ыҥырдахпытына, ааттаммыт дьон киирэн олороҕут. Атыттар аныгы кэлэр самолету кэтэһэҕит. Бүгүн барыта уонча рейс оҥоһуллуохтаах, – диэн оройуон военкомун начаалынньыга, аҕам саастаах капитан мас-таас курдук хамаандалаан сэрэттэ.

      Атаарааччылары кытта быраһаайдаһыы буолбутугар атаһа Еремей, Эрчим санныгар бүк түһэн, ытамньыйан ылла…

      Эрчим: «Аата, дьиҥнээх сэриигэ баран эрэр киһиэхэ дылы… Музыка, ырыа-тойук доҕуһуоллаах, кыра харах уулаах… Аармыйаҕа сулууспалыы баран эрдэҕим», – диэн сонньуйа санаата.

      Барыларын стройунан үөһэ, сыыр үрдүгэр таһаардылар. Киэҥ нэлэмэн хонууну быстах самолет түһэр гына бэлэмнээбиттэр.

      – Сотору самолет кэлиэҕэ, бэлэм сылдьыҥ…Тарҕаһан хаалымаҥ, – диэн арыаллаан таһаарбыт прапорщик уол сэрэттэ.

      Уолаттар, үөрэ-көтө, саҥардыы көҕөрбүт хонууга олордулар. Дойдуларыттан арахсан эрэр дьон быһыытынан, сааскы уһуктубут айылҕаны, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугун сэҥээрэ иһиттилэр. Арай Эрчим соһуйуон иһин, ийэтэ барахсан остолобуойга бииргэ үлэлиир кыыһыныын, аара сыһыыттан ньургуһун

Скачать книгу