Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 3
– Дьэ, бу эр киһи тыла! Маладьыас! Ийэ дойдутун иннигэр аармыйаҕа сулууспалыыр – хас биирдии эдэр киһи ытык иэһэ. Эн бэйэҥ тылланан туран, Сэбиэскэй сэбилэниилээх күүстэргэ барарга санаа ылыммытыҥ олус үчүгэй! – диэн илиитин ыга тутта уонна Эрчимҥэ остуол аттыгар турар олоппоһу ыйда.
– Баһаалыста, итиннэ олор. Бэйэҥ туох үөрэхтээххин, ханна үлэлиигин?
– Бэйэм Хабаровскайга пединститут икки курсун бүтэрбитим. Билигин тыа сиригэр орто оскуолаҕа уруһуй, черчение учууталынан үлэлиибин.
– Эдэр киһиэхэ бэрт идэлээх эбиккин, аармыйаҕа бараҥҥын ситиһиилээхтик сулууспалаа. Төһө кыалларынан үчүгэй чааска түбэһэн сулууспалыырыҥ курдук олохтоох военкомат аатыттан ходатайство оҥоруохпут. Оскуолаҕар тиийээт, аармыйаҕа ыҥырыллан барабын диэн биллэр. Уонна ыам ыйын 15 күнүгэр сулууспалыы барардыы оҥостон кэлээр… – дии-дии, капитан өссө төгүл Эрчим илиитин ыгыта тутта.
Эрчим военкоматтан санаата улаханнык көтөҕүллэн тахсыбыта: «Сөпкө быһаарынным быһыылаах. Аармыйаҕа син биир сулууспалыахтаахпын, «арыый эдэр эрдэхпинэ» сулууспалаан кэлэрим ордук буолсу. Уонна оскуолаҕа үлэлиири олох испэр киллэрбэтим, эрдэсылла идэбин уларыттахпына табыллыыһы. Оҕо эрдэхпиттэн наар худуоһунньук буолар баҕалааҕым ээ. Пединститукка худграфка туттарсан киирэн бараммын, күнү быһа уруһуйдаталлар ини дии санаабытым ханна баарый? Техмат, сопромат, начертательнай геометрия, научнай коммунизм, история КПСС туохха наадалаах үөрэхтэрий? Кырдьыгынан эттэххэ, марксизм, ленинизм научнай үөрэхтэрин сүүрбэччэлээх бэдиктэр хантан ылан өйдүөхпүтүй?.. Бэлэм конспегы уларса сылдьан хардары-таары таах мээнэ уһулуу, ис хоһоонун өйдөөһүн, өйдүү да сатааһын төрүкү суоҕа кистэл буолбатах. Уруһуйга, ойуулуур дьүһүннүүр искусствоҕа анаан нэдиэлэҕэ биир, икки чаас үөрэтэллэрэ. Художник идэтин баһылаан, дьиҥнээх айар үлэһит буолуом диэн баҕа санаалааҕым ханна баарый?..».
Эрчим итинник иирбэ-таарба санаалаах орто оскуоланы бүтэрэн баран бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттарын мастарыскыайдарыгар тиийдэ. Оройуоннааҕы культура дьиэтин биир түгэх кэҥэс соҕус хоско тиийэн киирбитэ, Никандрдаах Виталий бэҕэһээҥҥи күүстээх аһылык кэнниттэн сирэй-харах мөлтөөн, арбы-сарбы буолан олороохтууллар эбит. Кинини көрөөт:
– Оок, бырааппыт Эрчим уолан барахсан, хата бэйэтинэн тиийэн кэллэ. Дьэ бу убайдарыҥ өлөттөрөн арыычча олоробут, төбө ыалдьан айар үлэ иэйиитэ кыайан киирбэт. Уон биир чааһы кэтэһэбит. Хайа, учуутал киһи, харчыҥ хачыгырас буолуо? Убайдаргын абыраа… – диэн өрө көтө түстүлэр.
Эрчим кинилэри кытары бииргэ үлэлээбит буолан, билигин хайдах арыгыга өлөттөрөн иэдэйэн сылдьалларын билэр бөҕөтө. Уон биир кэнниттэн «үчүгэй» маҕаһыын аһылыннаҕына, кыратык «тэп» гыннараат, убайдара чахчы айар куттара аһыллааччы. Хайа да бэйэлээх үлэни начаас икки ардыгар судурҕаччы тардан уруһуйдаан кэбиһэллэрин элбэхтэ көрбүтэ. Чахчы айылҕа биэрбит талаанын ситэ туһаммакка сырыттахтара,