Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саллаат уонна таптал - Сомоҕо страница 16

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Саллаат уонна таптал - Сомоҕо

Скачать книгу

Леонид Яковлевич утары кэлэн илии тутуһан туран:

      – Садись, сейчас познакомлю с вашими сослуживцами.

      Ол кэнниттэн биир уолу ыҥыран ылан, бары мусталларыгар дьаһайда.

      Сотору бары мустубуттарын кэннэ, биир-биир туруоран билиһиннэрбитинэн барда:

      – Васильев Валентин – Волгоградтан сылдьар, үрдүк үөрэхтээх, биир сыл сулууспалыыр – уус-уран салайааччы уонна почтальон.

      – Таран Виктор – Хабаровскай куораттан сылдьар – ефрейтор, киинэмэхээнньик, иккис сылын сулууспалыыр.

      – Дяткин Иван – Иркутскай уобалас Тайшетскай оройуонун Патриха дэриэбинэтиттэн сылдьар – рядовой, киинэмэхээнньик, сыл аҥаара сулууспалаата.

      – Весин Иван – рядовой, Москва куораттан сылдьар – КЭТ4 ротаҕа сулууспалыыр, хачыгаар.

      Капитан Прозоров ити курдук Эрчимҥэ бииргэ сулууспалыахтаах уолаттарын билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн, уталыппакка:

      – Пойдем, покажу твою художественную мастерскую, – диэт, батыһыннаран бэйэтин кэбиниэтин кытта кэккэлэһэ турар ааны арыйан, мастарыскыай гына оҥоһуллубут, балачча киэҥ хоско киллэрдэ.

      Уһун баҕайы уруһуйдуурга аналлаах остуол, ону кытта кэккэлэһэ утары истиэнэҕэ элбэх баҕайы араас оҥоһуулаах ыскааптар, дермантин бүрүөһүннээх обургу соҕус эргэ дьыбаан бааллар эбит. Мас араамалары холбуурга туттуллар килиэйи оргутарга аналлаах электроплитка турар кыра остуола турар. Ыскааптары арыйталаан, онно эҥин араас гуашь, акварель, маслянай кырааскалар араастара тюбиктаах, бааҥкалаах кэккэлээн туралларын көрдөрдө. Ватман кумааҕылары, рулон хордуоннары, киипэнэн эриллэ сылдьар кыһыл таҥастары көрөн, Эрчим ымсыыра санаата: «Оо, дойдубар маннык дэлэй матырыйаал баар буолбат ээ!»

      – Вот, все твое богатство. В основном, будете оформлять Ленинские комнаты и комнаты Боевой славы. По праздникам и красным датам в обязательном порядке требуется от вас оформление нашего Дома культуры лозунгами, плакатами и красными флажками.

      Ол кэнниттэн капитан манна Сюляев диэн Красноярскайтан сылдьар, онно дойдутугар художественнай училищены бүтэрбит уол сулууспалаабытын, быйыл саас дембеллэнэн дойдулаабытын аҕынна. Уонна биир сүрүн үлэнэн моржа аһыытын выжигателинэн уруһуйдаан, сувенир оҥоруута буоларын сырдатта.

      – Сюляев не справился с такой задачей. Но надеюсь, ты, северянин, привычен к такому ремеслу?

      – Товарищ капитан, к сожалению, я не косторез. И у нас, в Якутии, моржи не водятся. Но наши мастера изкостей изготавливают разные сувениры. Мне бы посмотреть, как нанести рисунки на клыки… Объяснили бы, тогда можно будет пробовать. Почему бы нет?

      Капитан салгыы ити туһунан кэпсэтии барбытын, манна управлениеҕа Леонтьев диэн моржа аһыытын оҥорор уоллаахтара сотору дембеллэнэн дойдулуохтааҕын, ол иннинэ Эрчими моржа аһыытын выжигателинэн сиэтэн уруһуйдуурга үөрэтиэхтээҕин кэпсээтэ. Моржа аһыытын оҥоруу уол сүрүн үлэтэ буоларын

Скачать книгу