Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 7

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Скачать книгу

баарыттан саҥа киһи үөрдэ. Үөрүмүнэ. Бу дойдуну булуор диэри Муоча нэһилиэгэр бар дьонун барытын кэлэппит буор иһээччи, суунары-тараанары умнубут, киһилии бодотун сүтэрбит, туохтан барытыттан кэлэйбит, киһиэхэ барытыгар өлөрдүү өстүйбүт дьахтар этэ буоллаҕа…

      Ону дьиҥинэн өйдүүр киһи букатын аҕыйах. Уон тарбах иһинэн баттанар дьон… Баара-суоҕа тарбах эрэ иһинэн.

      Оо, олох сокуона, били этэллэригэр дылы, дьэ, чахчы да тыйыс буолар эбиккин ээ тустаахха.

      – Хайа, тоойуом, Муочаа, хата, түргэнник бэттэх кэллиҥ дии. Хайа дойдугунуй бу? – Балбаара сэрэнэн ыйытар. – Мин Бүлүү тыатыттан төрүттээхпин. Бу дойдуну булбутум уонча сыл буолла. Үөрэннэххэ үчүгэй. Бэлэм ас-үөл, ыраас таҥас-сап, сылаас дьиэ-уот, араадьыйа, тэлэбиисэр баар. Хоскор холодильник, телевизор, ону сэргэ эбии астанарыҥ, чэйдэнэриҥ көҥүллэнэр. Дьарыктаах киһиэхэ араас барыта баар: иистэнэр киһиэхэ иис куруһуога, уһанар, уруһуйдуур, үҥкүүлүүр, ыллыыр-туойар дьоҥҥо тус-туһунан. Онон кыанар киһи бу манна тутахсыйбат, тэһийэр.

      – Илин эҥээрбин. Үгүс-элбэх аймаҕа суохпун. Биир убайдааҕым үөрэҕин бүтэриэҕиттэн хоту улууска олохсуйбута ыраатта. Ыал. Оҕото-уруута элбэх. Билсибэтэхпит ыраатта, – остуолга сытар кыра чаайынай ньуосканы тарбаҕын иһигэр эргитэрин быыһыгар саҥарда. – Бэйэм тус олохпор табыллыбатым.

      – Дьэ кыһалҕа диэтэҕиҥ. Бу дойдуну бары да биир кыһалҕалаах, майгыннаһар дьылҕалаах дьон булаахтыыбыт ээ, – Балбаара түннүгүнэн одуулаһа олорон кэпсиир. – Мин даҕаны манна үтүө баҕабынан кэлбэтэҕим. Дойдубар соҕотоҕун олорор кыаҕа суох буолбутум кэннэ, сөбүлэҥмин ылан бу дойдуга утаарбыттара. Эн курдук эмиэ халыҥ уруута-аймаҕа суох, тулаайах киһибин. Биир убайдааҕым, Уйбаан ыал буолбакка сылдьан сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ. Ийэм, аҕам, эдьиийим, балтыларым сэрии аас-туор сылларын туораабатахтара. Мин да хоргуйан өлүөхпүн детдомҥа ыланнар тыыннаах хаалбытым. Кэлин колхуоска, онтон сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээн баран биэнсийэҕэ тахсыбытым. Кэргэннээх этим. Оҕоломмотохпут. Оҕо ииттиэххэ диирбин, бокуонньугум эрэйдээх буолумматаҕа. Оннук кырдьыбыппыт. Онтон оҕонньорум Ньукулай өлбүтүн кэннэ, биэс-алта сыл соҕотоҕун олоро сатаабытым да, кырдьан от-мас булуута, тиэйиитэ-таһыыта кыайтарбакка сүөһүбүн-аспын эспитим. Аны ыарытыйаммын дьоммор-сэргэбэр боҕуу буолумаары, дьиҥинэн бэйэм тылланаммын бу дойдуга кэлбитим. Куорат буолан үчүгэй. Кыанар дьон көҥүллэтэннэр ханна баҕарар сылдьаллар, ыалга да хоно-өрүү, аймахтаах дьон сайын дойдуларыгар кытары сайылыы бараллар. Оттон миэхэ дойдум дьоно кэлэ-бара, билсэ турар буоланнар нэһилиэгим олоҕун-дьаһаҕын, сонунун кэм истэн-билэн олоробун. Онон тэһийэбин. Саас ыраатта. Быйыл күһүҥҥэ этэҥҥэ тиийдэрбин, бу да буолларбын аҕыс уон тоҕуспун туолуом этэ.

      – Тыый. Балбаара мин ийэбиттэн уонтан тахса сыл аҕа эбиккин дии. Ийэм эрэйдээх эдэригэр да өлбүт эбит. Аҕабыт биһиги кырабытыгар былаҕайга былдьаммыта үһү. Онон аҕабын бу диэн өйдөөбөппүн,

Скачать книгу