Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 11

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Скачать книгу

турар уйатын, салгыы күкүрүн абырахтыы сырытта. Оттон үлэтин ухханыгар киинэҕэ барардааҕын умнан кэбиһэн, эмискэ чаһыытын өйдөөн көрбүтэ – бириэмэтэ ырааппыт. Сэттэ буолара баара-суоҕа чаас аҥаара хаалбыт. Хаһан суунан-тараанан, таҥнан-саптан кулуубугар тиийиэр диэри хойутууһу.

      – Ийээ, мин бардым… – Куоста, өмүрэх эбэтинии тоһоҕотун кытары өтүйэтин муостаҕа талыр гына быраҕаат, буулдьа курдук таһырдьа ойдо.

      – Хайа бу, нохоо, хайдах буоллуҥ?! Үлэҕин бүтэрэн, хаптаһыҥҥын ситэри саайан баран барыаххын, – Маарыйа уола туохха ити айылаах тиэтэйэн, эрдэттэн кэмнээн быһан-сотон бэлэмнээбит күкүрүн хаптаһынын ситэри саайбакка эрэ, тугун барытын быраҕан туран, ийэтигэр хаптаһынын баһын туттарбытынан элэс гыммытын өйдөөбөккө, кэнниттэн үөгүлээн эрэ хаалла. Арай туох да быһаарыыта суох, уолун кэнниттэн: «Хойутаатыам!» – диэн саҥатын дорҕооно сүтэ да илигинэ, саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх хотон аана, кэпсэтии манан бүттэ диэбиттии, хап-сабар сабыллан «лип» гынна.

      Оччону көрөн кэлбит Маарыйа, уолун мөҕүттэ-мөҕүттэ, хотон иһигэр биир гына ыһыллыбыт туттар сэби-сэбиргэли: сүгэни, эрбиини, чыскыны-иктэни, хаптаһын эрбэммит лоскуйдарын, мас сыыһын – аргыый наллаан хомуйа сырытта.

      Оттон ийэтиттэн кистээн бэлэмнээбит таҥаһын-сабын кэтэ охсубут Куоста үөһэ-аллара түһэн, чугастыы кулуупка хаамар-сүүрэр ыккардынан аҕылаан-мэҥилээн тиийбитэ – «Танцор диско» диэн хаһыс да күнүн субуруччу көстө турар индийскэй киинэҕэ бүгүн эмиэ киһи бөҕө кэлбит. «Танцор диско» киинэттэн сылтаан саҥа аатыран эрэр кырасыабай Индия артыыстара Митхун Чакраборти, Калпана Айер ааттарын ити кэмҥэ билбэт да киһи суоҕа эбитэ буолуо. Хойутаабыт дьон, билиэттэрин ыла-ыла, кииртэлээн эрэллэр, эрдэ кэлбиттэр, билиэттэрин быстаран бараннар, көҥүллэтэн таһырдьа тахсан, ким табахтыы, кимнээх эрэ сонуну үллэстэн сэлэһэ тураллар. Ыксаан аҕай кэлбит атастарын Куосталарын көрөн, табаарыстара илии тутуһан эҕэрдэлэһэн кэпсэтээри гыммыттара, киһилэрэ илии тутуспута буолаат, ыксал бөҕөнөн үргүлдьү сүүрүү быластаан иһирдьэ ааста. Санаатыгар, кыыһым урут кэлэн, күүтэ сатаан баран, баҕар залга киирэн хаалбыта буолуо диэн ыксыыр. Аны киномеханик эрээри, бэйэтэ билиэт атыылааччы уонна быһааччы кырдьаҕас Киинэ Мэхээлэтэ Надяны хаһан харахтаан билиэ-көрүө баарай? Билээхтээбэт буоллаҕа! Онон киниттэн ыйытан да туһа суох. Ыйыттаҕына даҕаны, дьээбэ-хообо хаата, эбиитин улахан саҥалаах Мэхээлэ, кини киһи хайаан да тоокколоһон, сонно кулууп иһин толорор. Туһугар эмиэ кыһалҕа диэтэҕиҥ.

      Оо дьэ! Ити баар дии… Абааһыны баран, хотон муостатын, сибиинньэ уйатын абырахтаан абыранаары, көр бу, хойутаатаҕын. Кыһыылаах да баҕайы!

      Санаата оонньоон, мучумааннанарын быыһыгар чаһыытын көрбүтэ – өссө да эрдэ, эрэл баар курдук. Уонна оттон толкуйдаан көрдөҕүнэ, билбэт сиригэр-уотугар Надя кинини күүппэккэ эрэ, хайдах да соҕотоҕун залга эрдэ киириэн табыллыбакка дылы.

      Чэ бэйи, уоскуйуохха. Арааһата хойутуу кэлэрэ буолуо диэн, киирэр аан таһыгар, табаах уматтан баран,

Скачать книгу