Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 13

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Скачать книгу

кэлэн эҕэрдэлэстэ уонна киирбитэ ырааппыт атаһа Быыбылыгы бэйэтин таһыгар турар кураанах ороҥҥо илдьэн «олохтоото». Ол кэнниттэн оҕолору билиһиннэрэн, санаторий бэрээдэгин кэпсээн-ипсээн киирэн барда. Онуоха сибилигин аҕай соҥуоран киирбит саҥа киһи сонно тута аралдьыйан, субу саба кууспут курус санаата ханна эрэ сиик буолан симэлийдэ, сирэйэ-хараҕа сырдаан, эмискэ сэргэхсийэн кэллэ, соһуйбуттуу көрбүт төгүрүк хараҕа истиҥ-иһирэх мичээринэн туолла.

      Сотору буолаат, уолчаан оҕо-оҕо курдук, оҕолорго аралдьыйан, барыларын кытары тэбис-тэҥҥэ оонньоонкөрүлээн киирэн барда, күлэн-үөрэн хос иһин толордо.

      Эбиэт кэннэ арыый да улахан кылаас уолаттара-кыргыттара үөрэнэн бүтэн, оскуолаларыттан бука бары бииргэ суулаһан кэллилэр. Олор быыстарыгар биир чобуо уол, саҥа оҕону көрө охсон, бэйэтин сааһыгар уҥуоҕунан өндөс Быыбылыгы булан, онон-манан киирэн-тахсан тойорҕоору, ону ааһан өссө кырбыахча, сутурҕалыахча буолла. Хата, кини дьолугар, Бииргэ үөрэнэр доҕоро Гаанньыска, бэйэтиттэн обургу уолтан уҥуоҕунан кыра, сааһынан төһө да балыс буоллар, табаарыһын быыһаан соһутта.

      Кыра уолаттар куттанан, муннукка тоҕуорустулар, саастыылаахтара бу күөнтэһии тугунан түмүктэнэрин көрөөрү тула турдулар, атыттар охсуһуу буолаары гыммытын күөртээри тииһигирдилэр.

      Онуоха итини эрэ күүтэн турбут курдук, Гаанньыска, били киэбирээри гыммыт уолтан куттаммакка эрэ, оҕолор быыстарыттан утары ынан тахсан кэллэ.

      – На-а, Бааска, бу Быыбылык мин бииргэ үөрэнэр уолум, табаарыһым. Онон атаҕастыаҥ да, дьэ сэрэн! – диэн киһиргээн тиэриллэҥнээн испит уолу, мустубут оҕолор бары истэн турдахтарына, кытаанахтык сэрэттэ.

      – Мин саҥа киирбит уолу дьээбэлээри, хайдах уол эбитин тургутан көрөөрү гыммытым, – Бааска киниттэн кыра эрээри, харса суох хорсун уолтан дьулайан, кини да буоллар, мух-мах барда, мулук-илик тутунна.

      Онон тыҥааһыннаныах, тугунан түмүктэниэ биллибэт буолан испит ым-тым балаһыанньабыт сити курдук судургутук, этиһиитэ-охсуһуута, эн-мин диэн атааннаһыыта, биир-биэс тыла суох быһаарылынна. Онтон бэйэтэ да соһуйбут Быыбылык бу туран өйдөөн көрбүтэ, Ганята бу санаторий иһигэр бэйэлэрин саастыылаахтарыгар, быһатын эттэххэ, бу дойдуга «атамааннара» буола охсубут, быһаччы бас-көс туттар хамандыырдара эбит. Дьэ онон атамаан атаһа, хамандыыр табаарыһа буолан, Быыбылык, хата диэ, хара маҥнайгыттан табылынна уонна абыранна. Киирдэ-киирээт, иннэ күһүҥҥүттэн киирэн эмтэнэ сытар атын оҕолортон тута ордук балаһыанньаланна.

      Ити курдук эмэһэтин көп этэ чэрдийиэр диэри күн аайы хастыыта да укуолланан, эмп бөҕөтүн иһэн, күҥҥэ түөртэ тото-хана аһаан молоччу уойда.

      Куһаҕана диэн, укуоллара элбэҕэ бэрт эбит. Күҥҥэ хаста да биэрэллэр. Наар биир өттүгэр ыллахха, киһи эмэһэтин этэ чэрдийэн хаалан, сыппаабыт укуол иннэтэ, кыайан дьөлө киирбэккэ, эрэйдиир. Оччоҕуна аны биир өттүгэр укуол туруоран бараллар. Оттон биир нэдиэлэ буолан баран, аны

Скачать книгу