Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 12

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Скачать книгу

күөс быстыҥа ааста. Кыыс суох. Дьэ ким да кэлбэтэ, туох да биллибэтэ, тиһэҕэр тиийэн, эрэл эһиннэ…

      Эрэлин сүтэрбит Куоста, кыыһа кэлбэтэҕиттэн саатан уонна кыбыстан, ким да хараҕар хатамматарбын диэбиттии, ыаллар олбуордарынан күлүктэнэн, туох аанньа буолуой, уку-суку туттан, дьиэтин диэки сукуҥнаата.

      Оттон Надя барахсан, Куостатыныын илии-илиилэриттэн ылсан баран, сылаастык-сымнаҕастык имэрийсэ, таптал туһунан аатырбыт «Танцор диско» киинэни көрө олорбокко, Хабаровскайга бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Сардаана дьиэтигэр түгэх хоско киирэн, саҥа таһаарбакка, сыттыкка умса түһэн, уйа-хайа суох ытыы сыппыта.

      Дьүөгэтэ Надя киэһэ Куосталыын тоҕо киинэҕэ барбатаҕын дьиктиргээн, хоско ыйыта киирэн баран, кыыһа ытыы сытарыттан соһуйда. Надя уоскуйан баран кэпсээбитин кэннэ, аны туран Сардаана ыга сыстан, дьүөгэтиниин тэбис-тэҥҥэ ытаста.

      Ити күн Надя уулуссаҕа Хабаровскайга истиҥник доҕордоспут, Чурапчыттан сылдьар бастакы тапталын Володяны көрсүбүт. Бастакы олоҕор табыллыбатах Володята былырыын биир уол оҕолоох ойоҕуттан арахсыбыт, куоракка идэтинэн тутууга прорабтыы сылдьар эбит.

      – Эн миигин бырастыы гын, Надя. Акаарыбар, эйигин таҥнаран тураммын, Таняны кэргэн ылбыппын. Эйигин умнубаппын, билигин да таптыыбын. Эн миигин бука диэн бырастыы гын. Хабаровскайга үөрэнэ сылдьан, сыыспыт эбиппин. Олохпор улахан алҕаһы оҥорбуппун көннөрүнээри, бу эйиэхэ кэллим. Эн миэхэ кэргэн таҕыс, иккиэн ыал буолан холбоһон олоруохха. Быйыл миэхэ тэрилтэбэр уопсайга хос биэрдилэр, онон онуоха-маныаха диэри олорор муннук баар. Ыал буолбут, оҕолоох эдэр үлэһиттэргэ тэрилтэбит квартира биэрэр, онон биһиги да биир-икки сылынан квартира ылыахпыт, – диэн, эбиэт саҕана уулуссаҕа эмискэ көрсө түһэн, Надяҕа бастакы таптала, сөҕүөрүйэ быһыытыйбыт тапталын кыымын хаттаан сириэдитэ күөдьүтэн кэбиспит.

      Оо, олох барахсан киһи дьылҕатынан хаһан санаабыккынан өрө-таҥнары тутан, көөчүктэнэ оонньуургун сөбүлүүгүн даҕаны.

      Куоста кулууптан кэлэн баран, күүлэтин үктэлигэр олорон, табахтаан уоскуйда. Онтон дьиэтигэр киирэн, үргүлдьү хоһугар ааста уонна эргэ гитаратын ылан, оронугар тиэрэ түстэ. Итиэннэ струналарын тарбаҕынан нарыннык таарыйан оонньуу-оонньуу, били мааҕын күнүс ыллаабыт, тылын уонна матыыбын ким суруйбута биллибэт, уруккуттан олус сөбүлүүр ырыатын иһиллэр-иһиллибэттик ыллыы сытта:

      Хомойума, сонньуйума

      Оо, дууһабын эн аймаама,

      Хараҕым уутун тоҕоҥҥун

      Мин сүрэхпин ытатыма.

      Хатыҥ чараҥ саҥабытын

      Истибитэ-кистээбитэ,

      Тапталбытын сиргэ-буорга

      Тэпсибитиҥ тоҕо сүрэй…

      Дьиҥнээх доҕор

      Атас туһугар атах тостор.

      Быыбылык сүр түргэнник оҕо сэллиги эмтиир санаторийын кырыаран эрэр түннүгэр сүүрэн тиийэн көрбүтэ – аҕата Баһылай атын быатын остуолбаҕа сөрүү бырахпытын төлөрүтэн, бугуһуйан

Скачать книгу