Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 9
Сороҕор киэһэ кураанах дьиэбэр, бэрт дэҥҥэ өйдөнөрүм быыһыгар дьонум хаартыскаларын көрөн олороммун: «Айыы Тойон таҥара, миигин бу туох халыҥ аньыыбар-харабар сиэри таһынан ыар дьылҕалаатыҥ ээ?!» – диэн ыһыытаан-хаһыытан ыйытабын да, дьиэм иһэ иһиллээбит курдук уу чуумпу буолар. Харда суох. Арай оҕолорум саҥалара, күлэллэрэ-үөрэллэрэ иһиллибэт, ким да суох буолбута ырааппыт кубус-кураанах дьиэбэр – бэйэм бэйэбэр суланан ытаан сыҥсыйарым эрэ саба туттубут кулгаахпар кутурҕан ырыата буолан иһиллэр.
Балбаара саҥа дьукааҕын тус олоҕун, ыар дьылҕатын туһунан киһи уйулҕата хамсыах дьулаан кэпсээнин истэн, сарбынньахтаах былыргы үрүҥ көмүс ытарҕата улаханнык долгуйбутун биллэрэн биллэр-биллибэттик эйэҥэлээтэ.
– О, дьэ! Тоҕо сүрэй бу! Туох ааттаах амырыын алдьархайай, иэдэмэрдээх иэдээнэй… Дьэ буолар да эбит… Саҥарыахха тыл тиийбэт. Тоойуом, хайаан да хайыаххыный… – тохтоло суох сүүрэн барбыт хараҕын уутун сотто олорон, эмээхсин эдэр дьукааҕар туох да диэн табыгастаах тылы булан этиминэ, бэйэтин санаатынан, төбөтүгэр туох кэлэн түспүтүнэн уоскута сатыы олордо. – Өлбүтү кытта өлбүт суох. Тыыннаах хаалбыт киһи тулуйаргар эрэ тиийэҕин.
Ити курдук биир кыһыҥҥы киэһэ интэринээт-дьиэ кыараҕас хоһугар Дьылҕа Хаан ыйааҕынан бииргэ олорор, бу сиргэ тулаайах хаалар ыар дьылҕаламмыт икки дьахтар: тууйуллубут санааларын-оноолорун тоҕо тэбээн, били этэргэ дылы, тыыннарын таһааран, үүттээх хойуу чэйдэрин бүлүүһэҕэ куттан сыпсырыйан иһэ-иһэ эн-мин дэсиһэн өргө диэри олус истиҥник кэпсэтэ-сэлэһэ олордулар.
Табыллыбатах таптал
Сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу.
Балаҕан ыйын ортотунааҕы ардаҕа-самыыра, сиигэсилбигэ суох, били дьахтар быттанар дэнэр, ылааҥы күһүҥҥү чаҕылхай күннэр тураллар. Тиэргэн иһигэр уонча саха кууруссалара улааппыт чоппуускаларын кытары хортуоска хостоммут бааһынатыгар буору тибийэн хаһа-хаһа, тиҥсирийэн тугу булбуттарын тоҥсуйан аһыы сылдьаллар. Дьэрэкээн өҥнөөх, сиэдэрэй көстүүлээх дьоҕускаан бөтүүк сотору-сотору бу тиэргэн муҥур хаһаайына буоларын биллэрэн, бүтэй остуолбатыгар көтөн тахсан чөкөллөн олорон, моонньун күөкэтэ-күөкэтэ, бүтэн эрэр кэһиэхтээх куолаһынан үгүрэлии-үгүрэлии солуута суох хаһыытыыр. Саас эрдэ төрөөбүт икки төрөл, биирэ эриэн, иккиһэ сүүһүгэр хара туоһахталаах муус маҥан ньирэй быаларынан хатыспаттарын курдук өртөнөн, утарыта аргыый аҕай кэбинэ сыталлар.
Күһүн буолан буоллаҕа, кыһын кэлэн эрэр сибикитэ хотуттан биллэн, харах ыларын тухары тула барыта кыһыл көмүс солотуу көмүһүнэн кичэйэн сотуллубут. Кырдьык да, күлүмүрдээн көмүс күһүн. Нүөл, нуурал.
Хомойума, сонньуйума
Оо, дууһабын ытатыма,
Харах уутун эн тоҕоҥҥун
Мин сүрэхпин ытатыма.
Хаһан