Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ страница 10
Дьэ ол оннугар Куоста, урукку өттүгэр улаханнык кинигэни сэргээбэт итиэннэ аахпат бэйэтэ, тууһугуран туран таптал туһунан романнары, сэһэннэри, кэпсээннэри библиотекаттан уларсан ааҕар идэлэнэн, библиотека хара тэриллиэҕиттэн үлэлиир библиотекарь Раяны сөхтөрбүтэ. Киһиҥ өссө утаппыттыы түүннэри-күнүстэри ааҕан, бэл диэтэр, сыл кыайбат кэм иһигэр нэһилиэгэр биир бастыҥ ааҕааччылар кэккэлэригэр эрэллээхтик киирбитэ. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох, олус мындыр Рая ханнык айымньылары уларсан ааҕарыттан сэдиптээн, эдэр уол кыыһы таптаабытын сэрэйбитэ. Уонна өссө бэйэтэ бүөмнээн, Куоста аныгыскы кэлиитигэр, эдэр киһи истиҥ-иһирэх үрдүк иэйиитигэр сөп түбэһиннэрэн, ордук чуолаан омук суруйааччыларын: Александр Дюма, Мопассан, Джек Лондон, Вальтер Скотт, Теодор Драйзер, Эмиль Золя – айымньыларын бэлэмниирэ.
Сорох сарсыарда ийэтэ Маарыйа алта чааска оһоҕун отто туран баран, биир да мүнүүтэ хойутааһына суох тоҕуска дизельнай станцияҕа үлэтигэр баар буолуохтаах уола түүннэри утуйбакка, кинигэ ааҕа сытарын көрөн соһуйан: «Бу сатаатар түүн тоҕо утуйан сынньаммаккын?» – диэн мөҕөрө. Онтон хотонуттан киирэригэр Куостата суунан-тараанан, остуолун тардан бэлэмнээн көрсөрө эрээри, остуолун аттыгар илиититтэн араарбат кинигэтин ааҕа олорор буолан, ийэтин сонньутара.
Суругунан да суруйсан, быыһыгар-ардыгар төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, уоллаах-кыыс икки сыл устата, син бэйэ-бэйэлэрин нэмнэрин билсибиттэрэ. Ол гынан баран, дьиктитэ-дьиибэтэ диэн, бу тухары хайа-хайалара да таптал туһунан, эгэ таайтаран да, биир тыл быһаҕаһа быктарсыбатахтара.
Дьэ онтон ити Надятын бэҕэһээ мунньахха киирэ сырыттаҕына көрсөн, киинэҕэ ыҥыран, ол онтукайыттан үөрэн уонна долгуйан, бу киэһэ сэттэ чаастан кулуупка тахсаары, ийэтиттэн кистээн, санаатыгар бэйэтэ билэринэн бэлэмнэнэ сылдьар. Тугу-тугу кэтэн тахсарын, бэл диэтэр, ханнык одьукуолуну ыстарынарын кытары быһаарынан бүппүтэ. Урут «Тройнойу» туттар бэйэкэтэ, билигин сүөргүлүүр. Аны сайдыбыт аатыран, барбах эрэ «Шипрынан» эрэ соттор. Тастыҥ эдьиийэ быһайын соҕуруу Сочига күүлэйдии бара сылдьан, киниэхэ эрэ анаан-минээн «Красная Москва» диэн ааттаах наһаа үчүгэй сыттаах, ол эрэн сыаналаах баҕайы одьукулуон кэһии аҕалбытын харыстаатаҕа буолан туттубат. Көрүнньүк гынан туруорар. Хата биирдэ эмит кулуупка биэчэргэ эбэтэр үҥкүүгэ бараары, аргыс буолан киирээччи бииргэ үөрэммит, эмиэ бэйэтигэр дылы холостуой доҕоро Хаппытыан, ытыһыгар кутта-кутта харса суох бистэн, онто суох кыра хоһун