Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев

Скачать книгу

буолла. Сарсын өрөөн балыктыы түһүүһү. Үөллэххэ хас да хонукка сиир астаныа этэ.

      Дьоно хайдах олороллоро буолла. Аны икки ыйынан дьиэтигэр-уотугар тиийэрэ буоллар. Быйыл сайын оттообото буолуо ээ. Көмүстэннэҕинэ сүөһүтүн да эһэр ини. Куоракка көһөн киириэ этилэр. Тыа сиригэр көмүстэнэн да тугу гыныаҥый.

      Ити олорон биирдэ оттуу сылдьан көмүс көрдөөбүттэрин санаан сонньуйан ылла. Оппуонньа диэн уол ийэтэ өлөр ыарыыга охтубутугар киирэн баран, аҕыйах хонугунан ийэтин кистээн тахсыбыта. Киэһэ эргэ ампаарга утуйаары сытан ийэтэ өлүөн аҕай иннинэ эһэҥ өтөҕүн оһоҕун холумтаныгар көмүс манньыаттары кистээбитэ диэн кэпсээтэ диэбитэ. Ол алаас кинилэр оттуу сылдьар сирдэриттэн биир чараас сиһи быһа түстэххэ баара. Ону истээт Буурсап Баанньа:

      – Оо, онтон ону баран хаһан ылыахха буоллаҕа дии. Бэркэ гыннар, биир бырысыап буор буолуо, – диэбитигэр бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Сарсыныгар хаһыа да буолан тиийэн, хас да бырысыап буору хаспыттара да – көмүс көстүбэтэҕэ. Онтон ыла Иван Гоголев «Хара кыталык» диэн романыгар баар Тээллээрис курдук хас киэһэ аайы буор хаһар идэлэммиттэрэ да, кылаат көстүбэтэҕэ. Бүтэһигин Киэсэ убайа Баанньа уонна тастыҥ убайа Коля кустуу таарыйа кылаат көрдүү баран баран дэлби күлэн кэлбиттэрэ. Кус көтүөн иннинэ Баанньа буор хасыһан иһэн сүрэҕэлдьээн күөлгэ кус кэтии киирбит. Арай халлаан хараҥарыыта киһитэ сүүрэн тибигирэйэн кэлбит уонна чугаһынан ким да суоҕун үрдүнэн:

      – Доо, буллум быһыылаах, – диэн кулгааҕар сибигинэйбит.

      Ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэһэн эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ күрдьэх тиийэн иҥнибит туох эрэ төгүрүгэ баарын хостоон таһаарбыттара – бурдук тардар таас буолан хаалбыт. Олус хомойон саҥата суох сукуһан туран баран, ити тоҕо биһиги сибигинэһэн кэпсэттибит диэн күлсэн тоҕо барбыттар.

      Ити сайын өссө биир дьикти түгэн буолбутун Киэсэ билигин да умнубат. Çвеноводтара өйүө уонна охсорго, мунньарга барар биир хайа эмэ аты булан таһаарар соруктаах бөһүөлэккэ киирбитэ. Саҥа сиргэ көһөн кэлэн – оҕолорго мунньуу тахса илигэ. Улахан дьон Маайа өтөҕө диэн сир соҕуруу саҕатыгар от охсо сылдьаллара. Уолаттар чэй өрөн баран, былыргы үүт бүтэй ортоку сиэрдийэтэ эрэ ордон турарын миинэн олорон бэйэ-бэйэлэрин сыттыгынан түөрэ саайса оонньуу сылдьыбыттара. Ол сырыттахтарына тыа саҕатыттан аттаах киһи киирэн кэлбитэ. Халампааһынан көрбүттэрэ: звеноводтара эбит. От күөҕэ өрүү бэргэһэлээх, кубарыйан хаалбыт сырдык халлаан күөхтүҥү чараас сонноох этэ. Ханнык аты миинэн иһэрин эмиэ билбиттэрэ. Кыһын хаһан аһыы сылдьан солоҥдоҕо иитиллибит хапкааны уобан үөһэ уоһа быстан түспүт, ол иһин күлэн ырбайа сылдьар курдук Оскуола диэн ааттаах ат этэ. Бэрт сымнаҕас эрээри аллаах буолан, аттары көрөр-харайар эбээһинэстээх дьон быһыытынан уолаттар бары да үөрбүттэрэ. Ким ата буолуохтааҕар мөккүһэ түһэн ылбыттара. Киһилэрэ кинилэр диэки кэлэн иһэн, арыы үөттэр кэтэхтэрин диэки от охсооччуларга туораан тахсыбыта. Сотору

Скачать книгу