Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 11
Хабарҕа
Бүлүү куората. Үлэ чааһа бүтэрэ буолла. Тэрилтэ үлэһиттэрэ дьиэлэригэр бараары мүнүүтэлэрин ааҕа олордохторо. Оттон милииссийэлэр үлэлэрин үгэнэ. Милииссийэ начальнига, Сосин Т.Н., дьуһуурунайынан миигин ыҥыттаран ылла. Киирбитим, суруктаах кумааҕыны илиитигэр тутан, кыһыҥҥы рабочай таҥастаах киһини кытта кэпсэтэ олорор.
– Билсэн кээс, холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ Май Прокопьевич Емельянов. Оттон ыалдьытым Степан Аржаков аатынан сопхуос сылгыһыта, Иван Иванович Павлов. Кини сайабылыанньалаах кэлэн олорор. Ону билиһиннэрэр бириэмэ суох. Баран иһэн бэйэтэ кэпсиэҕэ. Массыынаны дьаһайдым, хараҥардар да баран миэстэтин көрөн кэл, – диэтэ.
Куораттан наһаа ырааҕа суох, сылгылар хаһан аһаабыт сирдэригэр ГАЗ-51 массыынабынан өр-өтөр гыммакка тиийдибит. Массыына суолун көрөн эрдэ тохтоотум.
– Массыынанан тиэйэн барбыттар дуу? – киһибиттэн ыйытабын.
– Урут ити суол суох этэ. Бу манна өлөрбүттэр. Туоһута бу хабарҕата эрэ хаалбыт, – диэн миэстэтигэр тиийэн Павлов сиргэ сытар хабарҕаны ыйан көрдөрдө. Мин банаарык уонна массыына уотунан тыктаран вертолет түһэ сылдьыбыт суолун булан ыллым. «Бу дьыала дириҥиир буолла» диэн санаа күлүм гынан ааста. Хабарҕа аттыгар ГАЗ-69 массыына кэннинэн кэлэ сылдьыбыт. Эт эттэммит суола суоҕуттан көрдөххө, сыалайдыы илдьэ барбыттар. Суоппар идэлээх буолан, 8 миэстэлээх легковой массыына кэлэ сылдьыбытын биллим. Кэннинэн тиэйбиттэр. Суоппары кытта өссө биир киһи сылдьыспыт. Массыына кэннинэн киирээри сылгылар хаары хаһан чигдилээбит сирдэригэр түөрт көлүөһэтин суолун хаалларбыт. Ону уруһуйдаан ыллым.
Мин кэлэрбин кэтэһэн бары миэстэлэригэр үлэлии олороллор эбит. Тит Николаевич сырыыбын истэн баран барыларын кабинетыгар ыҥыртаата.
– Миэстэтигэр сылдьыбыт киһи быһыытынан тугу көрбүккүн, туох этиилээххин биһиэхэ тириэрт эрэ, – диэн начальник миэхэ туһаайан эттэ.
Быһылаан буолбут сирин ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсээн биэрдим. Бүтэһигэр бэйэм саарбахтаабыт түгэннэрбэр тохтоотум:
– Сылгыһыт киһи сылгы хабарҕатын булан баран биллэн турар өлөрбүттэрэ чуолкай диир. Киһи дьиктиргиирэ сылгы хаана да, охтон мөхсүбүт суола да суох. Ол эрэн массыына тугу эрэ тиэйэн барбыта, итиэннэ вертолет кэлэн түһэ сылдьыбыта эмиэ чуолкай.
– Биһиэхэ туох баарый: бастакытынан, сылгыны уоран өлөрбүттэрин туһунан сайабылыанньа; иккиһинэн, вертолет түһэ сылдьыбыт; үсүһүнэн, 8 миэстэлээх легковой ГАЗ-ик ол сиртэн тугу эрэ тиэйэн барбыт, протектордарын суола хаалбыт. Онон билэрбит элбэх, ону чуолкайдыахха уонна булуохха эрэ наада. Сарсын сарсыардаттан, Иван Григорьевич,