Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 8
Балантыын лапса дьааһыгар саа сэбин, кыра ол-бу таҥастары, чэйи, испиискэни, сыа чүмэчилэри укта сылдьара. Ол үрдүгэр чэйдиирбит. Кытыытыгар кыра дьөлөҕөс оҥорон сыа чүмэчини уматан туруорарбыт. Уруттаан эттэххэ, биир киэһэ балааккабытыгар төннөн истэхпитинэ киһим:
– Сарсыарда барарбытыгар чүмэчибитин умулларбыппыт дуо? – диэн ыйытан соһутта.
– Өйдөөбөппүн. Эн кэлин тахсыбатаҕыҥ дуо?
– Умуллардыбыт ини. Билигин сотору көрүөхпүт, – диэт хаамыытын түргэтэттэ.
Балааккалар ыраахтан туртаһан көһүннүлэр.
– Ол да иһин, хайдах умулларбат буолуомуй? Иэдээн дии, турбутунан таһырдьа хаалар диэн, – дии-дии эгэ-дьаҕа буолла. Балааккаҕа киирэн көрбүппүт, дьааһыкпыт турар. Оттон чүмэчи умайан бүппүт, сыата эрэ хаалбыт. Уот дьөлөҕөһүнэн таҥастарга түһэн баран, биһиги дьолбутугар, умуллубут. Биһиги сирэй сирэйбитин көрсөн эрэ кээстибит. Кэлин ордук таҥастары, астары, саа сэбин тэйиччи лаабыска уурар буолбутум. Балааккаларын, үүтээннэрин уот сиэн, турбутунан эрэ хаалбыт түбэлтэ элбэх.
Биир сарсыарда чэйдии олорон күтүөм ыйытта:
– Хайа диэки сиэлэр былааннааххыный?
– Бэҕэһээ мантан чугас хоту диэки просека барарын көрбүтүм. Ону батан көрөө инибин.
– Итинтиҥ эбиэт саҕана от үрэххэ тириэрдиэ. Таарыччы ат аһылыгына көрөөр. Итиннэ көстөхпүтүнэ хаһыы баар буолсу дуу, суох дуу. Ол эрэн уҥуор тахсаайаҕын, бутуурдаах сир. Үрэхтэн төннөөр, эн холгор ол да сөп буолуо.
Туоһапкабын сүгэн, ыппын ыҥыран просека диэки бара турдум. Халлаан кыралаан тыалыран барда. Баран иһэн хаста да улардарга түбэстим да ыппатым. Күтүөм эппитин курдук күнүс от үрэххэ тиийдим. Онон-манан киис суола баарга дылы. Моойторук миигиттэн ыйыппат киһи, үрэххэ киирэн тугу эрэ сытырҕыы-сытырҕыы уҥуор элээрэ турда. Ыҥыран көрдүм да кыһаллыбата. Уҥуор тахсан олох да сүтэн хаалла. Ыппын көрдүү таарыйа үрэххэ киирдим. Киис эргэ да, саҥа да суола кыралаан баар. От эмиэ баарга дылы. Ытым киис саҥатык суолун булан барбыт. Уҥуор тахсан ойуур устун ытым суолун батыстым. Ол истэхпинэ кэннибэр эмискэ тыас тыаһаата. Соһуйан эргийэ биэрбитим, Моойторугум тылын былас таһааран бу иһэр эбит. Суолун сүтэрэн онтун көрдүү сылдьар быһыылааҕа. Бэйэтин олус кыанар, күүстээх түөстээх, моойторуктаах, маҥан тыстаах уһун атахтардаах, чөрөгөр кулгаахтардаах, хара өҥнөөх улахан саха ыта этэ. Миэхэ тохтоон да көрбөккө инним диэки элээрэ турда. Булчута да суоҕум иһин, киис чугас баар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым. Ытым барбыт сирин диэки түһүнэн кэбистим. Истээх кирзовай саппыкынан сылдьар буолан халтархай. Эдэр буолан онно эрэ кыһаллыбаппын. Син барбахтастым, хаҥас өттүбэр үрэхпин ыйдаҥарда иһэбин. Ол истэхпинэ инним диэки тэйиччи ытым үрэрэ иһилиннэ. Уот дэлби сиэбит аабылааныгар тиийдим.
Киис