Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов

Скачать книгу

ыппатым уонна бачча олорбут өссө да олорор ини дии санаат, үөл титириги харахпынан көрдөөтүм. Саатар харыйа арыы буолан биэрдэ. Харыйанан охсоор диэбэтэҕэ ээ. Баҕар чэпчэки буолуо, баҕар оннук быраабылалаах буолуо, хантан билиэмий. Тэйиччи биир титирик турарын көрдүм. Саабын саһыл диэки тутан кэннибинэн тоҥуу хаарынан хаамтым, хайыһарбын суолга хаалларбытым. Титирикпин тоһутан, мутугун солоон охсорго сөптөөх гына оҥоһуннум. Саһылым биир сиргэ турар, тонолуппакка миигин одуулаһар. Таһыгар кэлэн туоһапкабын хаарга туруору астым уонна титирикпин икки илиибинэн кытаанахтык бобо тутан баран оргууй аҕай төбөтүн үрдүнэн ууннум. Саһылым хамсаабат. Мин маҕыйа түһээт, үөл титиригинэн төбөҕө биэрдим. Саһылым өйүн сүтэрэн сууллан түстэ. Маспын моонньугар уура охсоот, тобукпунан ыга баттаатым. Ол бириэмэҕэ кыылым өйдөнөн кэллэ. Кэлин атахтарынан харса суох тэбиэлэнэн кууһурҕатта. Түөһүн харбаан сүрэҕин көрдөөтүм. Иһин диэки тэбиэлиир курдук. Ону булан агдатыгар хаайан хам баттаатым. Киһи эрэ буоллар мөлтөөн барда. Сүрэҕин тэбиитэ тохтоото, тылын таһаарда. Үөрүүбүттэн икки илиибинэн тутан туран эккирээмэхтээн ыллым. Аан маҥнайгы саһылым!

      Халлаан сырдаата. Саһылбын атахтарыттан баайталаан баран, сүгэн кээстим. Ыал турбутун кэннэ саһыл сүгүүлээх уулусса ортотунан хайыһарынан анньан дьиэбэр кэлбитим. Көрбүт оҕонньоттор-эмээхситтэр хойукка диэри хайҕаан кэпсээн оҥостоллоро.

      Саһылбын күтүөппэр, Балантыыҥҥа, сүллэрбитим. Оччолорго СПТУ-га комсомол сэкирэтээрэ этим. Судаарыстыба баайын таҥас гынар туһунан санааҕа да суоҕа. Ийэбэр да, эдьиийдэрбэр да саҕа гыныахха сөп курдуга. Ону ааһан табаарыстарым атыылаһаарылар кычыгылата сырыттылар. Туох да иһин бэриммэтэҕим. Балантыын булдун кытта бииргэ судаарыстыбаҕа туттарбыта.

      Ийэм бултаабыт киэһэбэр, оҕом маҥнайгы улахан булда диэн, урууларын ыҥыран малааһыннаабыта.

      Солоҥдо

      Суоппар идэтигэр Маар училищетыгар биир сыл үөрэнэн баран, үлэ көрдөһө Ньурба киин уулуссатынан хааман иһэбин. Эбиэт иннэ буолан, кэлэр-барар киһи элбээбит. Утары РОНО сэбиэдиссэйэ, биһиги Дьаарханнар күтүөппүт, Кардашевскай Алексей Гаврильевич иһэр. Миигин көрөн тохтоон дорооболосто. Дьоммун ыйыталаста уонна тугу гына сылдьарбын туоһуласта. Суоппар идэлэммиппин истэн сэҥээрдэ уонна миэхэ үлэбэр эбиэт кэннэ кэлэ сылдьаар диэн ыҥырда.

      Аһаан баран Алексей Гаврильевичка үлэтигэр тиийдим. Утары олордон ону-маны туоһуласта:

      – Дьоҥҥун билэбин. Тугу элбэҕи ыйытыахпыный. Биир боппуруоска эппиэттээ эрэ, арыгыны иһэҕин дуо?

      – Кутан биэрдэххинэ антах анньыам суоҕа, – ыйыппытын курдук эппиэттээтим. Киһим күлүү бөҕөнү күллэ уонна кадр отделын үлэһитин ыҥыран:

      – Бу уолу суоппарынан ылабыт. Дьыалатын оҥор, – диэн дьаһайда.

      Ити курдук суоппар идэтин саҕалаабытым. Эргэ ГАЗ-21 «Волга» массыынаны оҥостон сүүрдэн барбытым. Биирдэ кыһын учууталлары Мархаҕа таһааран хааллардым. Айаннаан иһэн

Скачать книгу