Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 6
Хайдах буоларбытын билбэккэ олордохпутуна, хаар анныттан биир төбө, уу анныттан перископ тахсарын курдук олоотообутунан, тахсан кэллэ. Ааммын аһан хамсаабакка кыҥаан олоробун. Төбө биһиги диэки хайыһан ылла уонна хаар анныттан бүтүннүү тахсан кэллэ. Бэлэм олорор киһи ханна гыныамый, тэлибирии түстэ. Түргэн үлүгэрдик туоһапкабар ботуруон укта оҕустум. Иккис төбө көһүннэ. Ону-маны одуулаабыта буолан баран эмиэ бүтүннүү тахсан кэллэ. Сонно охтордум. Саабын эмиэ ииттэ оҕустум. Толкуйдатар да түгэн биэрбэккэ үһүс төбө көһүннэ. Онно миэстэтигэр хаалла. «Дьонум ханна бардылар» диэбиттии төрдүс быкта, онтон бэһис. Итинник дьиктигэ уонна түбэспэтэҕим.
Хорулаҕа
Бүлүүгэ үлэлии сылдьан күһүн уоппускабар дойдубар Дьаархаҥҥа тиийдим. Эдьиийим Маайа, ыарытыйа да сырыттар, сарсыарда эрдэ туран ынахтарын ыан, чэйин өрөн, аһын астаан, биһигини туруортаан аһылыкка ыҥырда. Күтүөтүм Балантыын бултуу бараары сээкэйин бэринэр: тугу эрэ киллэрэр, тугу эрэ таһаарар, түбүк бөҕө буола сылдьар. Таһырдьа Моойторук уонна Бойбооску, ыраата бултуу баралларын сэрэйэн, иччилэриттэн арахпаттар. Сайыны быһа таах тиэргэн бөҕө буола сытартан салҕан үөрүүлэриттэн кэлиилэрэ-барыылара сытыырхайбыт.
Урут хаһан да дьиэ таһыттан тэйбэтэх буолан тыалыы барарбыттан сүрдээҕин долгуйабын, туох таҥаһы, халыҥы-чарааһы, төһөнү ыларбын билбэппин. Ыраах сиргэ киһи үлүйэн хаалыа диэн саллабын. Ол эрэн халыҥ утуйар мөһөөччүгү, саҥа хаатыҥканы, тэлэгириэйкэни, истээх бэргэһэни дьиэбиттэн илдьэ кэлбитим. Ити кэннэ милииссийэлэр биэрбит сымнаҕас онньуускалара, ичигэс үтүлүктэрэ, ийэм тикпит кээнчэтэ, моонньуга эринэр саарпыгым, халтаҥ бэргэһэм, сылаас биэтэстээх киирсэбэй саппыкым, саппаас үтүлүгүм, ыстааннарым эҥин элбэх этилэр. Ойуурга тымныы буолуохтаах диэн тоҥмот гына тэриммитим. Дьиэҕиттэн арахтыҥ да илдьэ барбыккыттан атын таҥаһыҥ суох буоллаҕа дии. Илдьэ сырыттахха сатанар, аттар таһаҕас оҥостубат инилэр дии санаатым.
– Хайа, доҕоор, ханна бу туох ааттаах тэринниҥ? – Балантыын чэйдии олорон күлэ-күлэ ыйытта.
– Тыаҕа тымныы буолуо дии, хонтуораҕа олорор курдук буолбата ини.
– Хамныы сылдьар киһи туох да буолбат, – сылгытыйбыт киһи эппиэтэ судургу.
– Эн да таҥаскын көрүнүө этиҥ. Хаатыҥкаҕын кыайан улларбаппын. Дьоҥҥо тиктэриэххин, – эдьиийим Маайа тыл кыбытта.
– Ону дьарыктанар бириэмэ суох.
– Хаһан, хас буолан барабыт? – күтүөппүттэн ыйытабын.
– Алта хас буоларбыт буолуо. Чаппаҥдаттан Давыдов Байбал диэн киһи кэлиэхтээх. Уоннааҕылар