Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов

Скачать книгу

Ардыгар кус-куобах курдук соруйан да ытыһан өлөрсөллөр. Сороҕор бэйэлэригэр да тиийинэр дьулаан түгэннэрэ баар буолар. Хайдах, туох туһуттан киһи суорума суолламмытын чуолкайдааһын бокуонньук хаалбыт аймахтарыгар улахан суолталаах. Киһи салгынтан үөскээн кэлбэт. Хас биирдиибит төрөппүт дьонноохпут. Эйигин олох олордун, оҕо төрөтөн олоҕу салҕаатын диэн күн сирин көрдөрөллөр. Ол иһин көҥүл өттүнэн олохтон барыы хайа да сокуоҥҥа сөп түбэспэт. Итини былыр-былыргыттан дьону утары барыы, хаалбыттары ытыктаабат быһыы курдук көрөллөр. Бэйэҕэ тиийиммиттээх ыалы дьон сөбүлээбэт. Уруулара-аймахтара, буруйа да суохтарын иһин, үйэлээх саастарыгар дьоҥҥо буруйдаах дьон курдук көстөллөр. Ол иһин маннык түбэлтэлэри бэрэбиэркэлиир дьон дьаныһан туран чинчийиэхтээхтэр.

      Ньурбаҕа үлэлии сылдьан кыһын участковайы кытта биир кыра бөһүөлэккэ быһылаан буолбутугар таҕыстыбыт. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гоголев кэпсээнинэн, Петров Иван Николаевич диэн, саас ортолоох нэһилиэк биир тутаах үлэһитэ киһи, дьоно суоҕар оронугар сытан эрэ доруоп саатынан ытынан өлбүт. Дьон билэринэн олус иллээх ыал эбиттэр. Ким ытыан, кимниин өстөһүөн сөбүн таайа сатаабыттар да, оннук киһи баара көстүбэтэх. Туох да суругу хаалларбатах. Онон дэриэбинэ дьоно улахан санааҕа түһэн олороллор эбит.

      Ол бириэмэҕэ оҕолор кулуупка сылдьыбыттар, кэргэнэ хотоҥҥо ынахтарын ыы тахсыбыт. Эр киһи оронугар сытан хаалбыт. Саа тыаһаабытыгар «туох түстэҕэй?» диэн соһуйан дьахтар хотонуттан сүүрэн кэлэн, хайыы-үйэ тыына быстыбыт киһи сытарын булбут. Аймалҕан бөҕө буолбут:

      – Кини ытынар туох да биричиинэтэ суох этэ. Хотоммор тахсарбар оронугар сынньана сытан хаалбыта. Ытыммыта буоллар саатар сурук хаалларыа этэ, – диэн кэргэнэ Маарыйа ытаан айманар.

      Биһиги толкуйбутунан ытымматаҕа чуолкай курдук. Ол аата өстөһөр киһилээх буолуон сөп. Ити сабаҕалааһыны участковай Ким Ир Сен чинчийбитинэн барда. Мин көрүү боротокуолун суруйааччы буоллум. Ыалларыттан икки киһини понятойунан ыҥыртаран ыллым. Ити кэннэ өлбүт киһи ханна, хайдах сытарыттан саҕалаан суруйан бардым. Биир айахтаах, таһынан сомуоктаах сомуога түспүт саа орон аттыгар сиргэ сытара. Дьиэлээх дьахтар кэргэнин саата буоларын бигэргэттэ:

      – Күһүн куобахха сылдьан баран оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо ити сааны ыйаан турбута.

      – Оттон сүгэр быата ханнаный? – хаһаайкаттан суруйа олорон ыйытабын.

      – Быаланааччыта суох. Итинник сулумах санныгар ууран уоһуттан тута сылдьааччы, – Маарыйа уруккуттан билэр киһилии чуолкайдык эппиэттиир.

      – Оччоҕуна истиэнэҕэ хайдах ыйанан турбутай? – эмиэ ыйытабын.

      – Дуҕатыттан куруук ыйааччы, – Маарыйа ытыы-ытыы хардарда.

      Сааны ылан бүк туппутум, эстибит тимир ботуруон сылдьара. Ол туран өйдөөн көрбүтүм, элбэрээгин кэннигэр, ыйанан турбут балаһыанньатыгар быыл түспэтэх, оттон биир өттө быыллаах. Ону болҕойон көрүүгэ биир сиринэн кыратык быыл сотуллубут. Сомуогу туруордахха

Скачать книгу