Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов

Скачать книгу

Эһэ, бөрө кэлиэ диэн, олорор сирим уҥа, хаҥас өттүгэр өссө икки кулуһуну отуннум. Онньуускабын, сытыйбыт саппыкыбын уһулан кулуһун аттыгар куурда уурдум. Ыстааммын уһулан кутаа сылааһыгар сырайа түстүм. Тоҥумаары уонна утуйумаары, түүнү быһа кулуһуннарбын сөргүтэн таҕыстым. Чэй иһэ олордохпуна таҥас сыта кэллэ. Ону сытырҕалаан булан ыллым, кэтэн олорор тэлэгириэйкэбэр кыым түспүт эбит. Ону умулларбытым кэннэ аны атын сиринэн буруолаан таҕыста. Сөп даҕаны, тыал уот кыымын мин диэки үрэр. Кыым таҥаска түһэн умайбакка ханна барыай? Эмиэ таҥас сыта кэллэ. Соммун онон-манан тутан, сытырҕалаан көрдүм да, уот баара биллибэт. Онно өйдөөн көрбүтүм, онньуускам буруолуур эбит. Ылан умайа сылдьар сирин хаарынан саба тутан умуллардым. Умайбытын аахсыбатахха, бэркэ куурбут. Хата саппыкыбын кэтииһибин диэн, уот таһыгар кылгас маска кэтэрдиллэн сараҕыйа турарын сулбу тардан ыллым да, сиргэ бырахтым, ибис итии, илиибин сиэтэ сыстым. Сойутан баран көрбүтүм, төбөтө хайыһар курдук эрийэ хатан тахсыбыт. Онньуускабынан эринэн кэтээри гыммытым, тимир оһох турбатыгар угар курдук көнөтүк эрэ киирэр. Дьэ, сор диэтэҕиҥ! Олоруом дуо, балериналар курдук атаҕым төбөтүгэр үктэнэ сылдьан уоттарбын күөдьүтэлээн биэрдим. Тыал тохтообот, халлаан сырдыа өссө да ыраах быһыылаах.

      Дьэ, ол олорон ону-маны саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн кыра булка сылдьа үөрүйэх буолан, уоту түргэнник отуннум. Ыттаах, саалаах буолан син куттаммаппын. Моойторук тугу да чугаһаппата чуолкай. Холкутук, туох да буолбатаҕын курдук утуйа сыттар да сэргэх буолуохтаах. Иччитиниин тайаҕы сырсан тайҕаҕа төһөтө хоммуттара биллибэт. Ол үгэһинэн хонуохтаах курдук саныы сыттаҕа, сарсын күүс наада буолуо. Баҕар, кырдьаҕас ыт быһыытынан, киһитэ муммутун сэрэйэн, соҕотохтуу хаалларымаары доҕор буола сытара буолуо. Ол сөп даҕаны. Дьиэбит көс эрэ иһинэн баар буолуохтаах. Манна кини элбэхтик бултаабыт сирэ. Балаакката ханан баарын сэрэйэ сыттаҕа. Сарсыарда хаарга суолум көһүннэр эрэ, дьиэм диэки дьүккүйэн көрүөм этэ. Уолаттар кэтэһэн эрэйдэннэхтэрэ» диэн харааста саныыбын. Эмиэ өрбөх сыта кэллэ. Сонум баатата умайан эрэр эбит. Суох, утары уоппун хаҥас уокка көһөрүүһүбүн, туран умайа сылдьар мастары хаҥас кутааҕа тамнаатым. Хаппыт мастары мунньан тэллэх оҥоһуннум. Онно сыгынах аттыгар сытан нуктуу түстүм.

      Уһуктубутум, халлаан сырдаан эрэр эбит. Чэйбин сылытан итии киллэринним. Хаарга суолум көстөр буолбут. Тайах мас булунан, онон-манан быһалаабакка, суолбун батан киис ыппыт сирим диэки содьороҥноон истим. Чааһы кыайбат айаннаабытым кэннэ, иннибэр мас тыаһаата. Көрө биэрбитим, Балантыын икки аты сиэтэн бу иһэр эбит:

      – Үрэх уҥуор тахсыбыккын көрөн, бу уол мунан өллөҕө дии иһэбин. Хата ырааппатах эбиккин. Үрэҕиҥ уҥа салаатыгар сылдьыбыккын. Ким баҕарар мунар сирэ, – диэн миигин уоскутан, буолуохтаах булбутун курдук этэн кээстэ. Мин үрэх сүнньүнэн сылдьарым буолуо дии саныырым. Ол аата уҥа салааны туораан «быһа» бара сатаабыппын. Ууга түспэтэҕим

Скачать книгу