Аанньаллар. Айсана
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Аанньаллар - Айсана страница 4
«Дуухтар» тугу гыналларын кэтэhэ сыттахпытына, арай дэриэбинэ диэкиттэн ып-ыраастык нууччалыы:
– Сынки, родные, вперед! – диэн дьахтар хаhыыта иhиллибитэ.
Умса түhэн, сыаптаан сытар саллааттар кэккэлэрэ биирдэ өрө үллэх гыммыта да, бары ойон туран ытыалыы-ытыалыы иннибит диэки түhүнэн кэбиспиппитин өйдөөбөккө да хаалбыппыт. Кыл түгэнигэр кишлагы атаакалаан ылбыппыт. Ол курдук биhиэхэ «Төрөөбүт дойду», «Сойуус» диэн өйдөбүллэр олус күүстээхтэрэ. Кэлин билбиппит, били хаhыытаабыт дьахтар бу кишлакка оҕолорго нуучча тылын үөрэтэ сылдьар эбит этэ. Сааhыра барбыт, олохтоох тыллаах-өстөөх дьахтар биhиэхэ «Родина-мать зовет!» диэн былакаат уобараhа буолан көстүбүтэ. Дьылҕа ханнык ыйааҕа, олох ханнык суола кинини итиччэ ыраах тэлэhиппитэ буолла?
Ити кэнниттэн, биир сарсыарда утуйа сыттахпына, ким эрэ ыарыылаах баҕайытык уолукпуттан өрө ыйаан таhаарбыта.
Көрбүтүм – ыга кыыhырбыт сирэйдээх полкам командира Ничепуренко маат-муут бөҕөтүн түhэрэн, миигин сахсыйа турара. Казармалары кэрийэ сылдьан, мин аhаҕас уолукпун көрөн тохтообут этэ.
– Сволочь, травкой увлекаешься? Идиот, знаешь кто ты после этого? – дии-дии миигин саппыйам быатыттан тардыалаабыта.
Быам солко буолан моонньубар быhа кииртэ да, хата быстыбатаҕа.
Баарбын-суохпун былдьатан эрэр киhи, дьэ өйдөнөн, төттөрү тардыалаhан чиччигинээбитим, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии быhаарааччы буолбутум:
– Э-э-это не ты-ты-травка, э-это земля, зы-зы-земля, земля, ну это почва…
– Какая такая почва? Сними немедленно!
Мин туох иhин устар санаам суоҕа, мүччү туттаран туора ойбутум.
– Ванёк, объясни ты толком, что у тебя? Отдай сюда! – айдааҥҥа үмүөрүспүт саллааттар ортолоруттан сержаным кыттыспыта.
– Ни за что! Бу мин буорум, это – моя земля, это – моя эльгяйская земля! Никому её не отдам! – мин ыксаан саппыйабын устан кэннибэр туппутум.
– А ну, покажи! – полк командира илиитин ууммута.
Мин саараан баран, быстыам дуу, ойдуом дуу, биэрдэҕим дии.
– Только обратно верните…– диэхтээбитим.
– Он ещё тут условия диктует! Ну и порядки у вас! – Ничепуренко ылан быаны өhүлэ тардан, тарбаҕын төбөтүнэн буорбун кымыстаан ылан, муннугар даҕайбыта, ытыhыгар кутан имиппитэ, онтон тылын төрдүгэр ууран амсайан көрбүтэ.
Өйдөөбөтөхтүү мин диэки чыпчыҥнаабыта:
– И, правда, земля! Откуда она у тебя и зачем?
– Это мне одноклассницы из Союза отправили, – диэт, мин саппыйабын ылаары тарбачыспытым.
Сержаным урут түhэн эhэ охсон ылбыта уонна:
– Эх, ты… У тебя земля Союза, и ты молчал? Ну, якут, ты даешь! А если тебя убьют, наша земля духам попадет? Нетушки, дорогой, эта святая земля Союза должна охраняться всеми, а не одним Иваном Тыасытовым, – диэбитэ.
Мин