Аанньаллар. Айсана

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аанньаллар - Айсана страница 8

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Аанньаллар - Айсана

Скачать книгу

саҥарбат? – уолбут мичээрдээтэ, хоруолук бэргэhэтин өрө аста.

      – Ха, дьиҥнээх буолумуна, тылбаасчыта английскайдыы быhаарсар. Дьоппуоннуу билэр тылбаасчыт булбатахтар быhыылаах.

      Уолбут тоҥхоҥноото, дьоппуоннуу тылынан тугу эрэ этэн субурутта. Бэйэтин тылын истэн, Акакамура-сан соhуйда. Мичээрдээн уоhа ыпсыбат буола түстэ. Тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу бэрт өр тугу эрэ сэлэстилэр.

      – Дьоппуон тылын хантан билэрбин ыйытар. Университекка илиҥҥи тыллар факультеттарыгар үөрэнэбин. Саха сиригэр дьоппуоннуу хас онус киhи билэр диэтим, – уолбут быhаарар.

      Тоҕо үчүгэйэй! Биhиги биир да омук тылын баhылаабатахпыт иhин, хата ыччаттарбыт сайдыбыттара бэрт да бэрт. Атын омугу кытта толлубакка, наадатын тэҥҥэ быhаарсар уолу сөҕө-махтайа, хайҕыы-астына көрөбүн. Киhи киэн туттар оҕото!

      Уолбут:

      – Тылбаасчыт көрдүүргүт буолаарай? – диэн Дина уйатыгар уу киллэрэр.

      Үлэтин былдьатартан ыксаабыт Дина:

      – Тоҥнум, бардыбыт, – диэн ыксаппытынан барар.

      Сүүс сүүрбэтэ тоҥхоҥноон, массыынабытыгар олорон дьиэбитигэр төннөбүт.

      Сылаас сиргэ киирэн, медовай тортаах чэйбитин иhэбит. Дьиэтийэн, дьоппуоммут ыhа-тоҕо тугу сөхпүтүн-махтайбытын үллэстэр, биhигини эргитэ сылдьан хаартыскаҕа түhэрэр. Биhиги күлсэбит, Дьоппуон сиригэр хаhыакка тахсар буоллубут быhыылаах дэhэбит.

      Лоп курдук сэттэ чааска массыыналара ыла кэлэр. Ыалдьыппыт өр тоҥхоҥноон, элбэх элбэҕи саҥаран арахсар:

      – Аныгыскыга кэллэхпинэ, хайаан да эhиэхэ кэлиэм диир, – Дина тылбаастыыр.

      Даниил:

      – Абааhы аhаабыт сириттэн арахпат, дьоппуон баара, – диэн күллэртиир.

      Киhибитигэр, биллэн турар, атыннык тылбаастыыбыт: «Этэҥҥэ айаннаа!» – диэн.

      Сарсыныгар Сардаана төлөпүөнүнэн махтанар:

      – Хатастан дьоппуоҥҥутун уларытан аҕалбыккыт диэтилэр, били өспөччү өhөн сылдьыбыт киhигит уоhа ыпсыбат, ыраас баҕайытык «Хатас-Хатас!» дии-дии киhиэхэ барытыгар сахалар үчүгэйдэрин туhунан кэпсээн таҕыста, – диир.

      Дьэ бэрт, атын омук саха дьоно майгыта үчүгэйин, үлэhитин, мындырын билиммит буоллаҕына, биhиги даҕаны тоҕо бэйэбитин намтата, сэнэнэ сананыахтаахпытый?! Биhиги да дириҥ силистээх-мутуктаах, баай тыллаах-өстөөх, мындыр өйдөөх-санаалаах улуу урааҥхайдар буоллахпыт эбээт.

      Бастакы булт

      Оо, ийэм барахсан астаабыт аhын сыта таhырдьаттан биллэр!

      Мила аччыктаан куртаҕа курулаабытын дьэ өйдөөтө. Таах даҕаны бүгүн өр тардылынна. Алта уруок кэнниттэн кылаастарын сууйбуттара, онтон үс чаастан математика олимпиадатыгар кыттыахтаах оҕолорго эбии дьарык буолбута.

      Аhыы охсор баҕалаах Мила аанын тутааҕын харбаата.

      – Бары ханна дьөлө түhэн хааллыгыт? Аскытын хаhыс да сылытыым, – Мила ийэтэ Аана үгэhинэн мөҕүттэ тоhуйда.– Аҕаҥ мааҕын сарсыарда хонтуоралаабытын айыыта ол. Эбиэккэ кэлбэтэ, арааскыта, мас тиэйтэрэ ыыттылар быhыылаах. Дьиэ эргин сылдьабын диэн уhун остоох саппыкытын

Скачать книгу