Аанньаллар. Айсана

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аанньаллар - Айсана страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Аанньаллар - Айсана

Скачать книгу

суох сахсырҕа үөрэ сааҕыначчы көтөрө.

      Ол сытан туох ааттаах улахан сахсырҕата үрдүбэр ыйанна диэн санаалаах өйдөнөн кэлбитим: биhиги вертушкабыт кэлэн олороору салбахтарынан сапсына турара. Тыыннаахпын биллэрээри илиибинэн сапсыйа сатаабытым да, сэниэ суоҕа. Туох баар күүспүн мунньунан, автомат саабын халбары анньан ыга туппут тардарбын бэрт эрэйинэн төлөрүппүтүм. Син өйдөөн көрбүт этилэр.

      Ити кэннэ Ташкеҥҥа госпитальга биирдэ өйдөммүтүм. Арыый буолан баран, тумбочкам үрдүттэн саппыйабын булан ылбытым…

      Били мааҕын солуута суох тылга тииhэн, күлэн саhыгыраhа олорбут кыргыттар ах барбыппыт. Уйбаанчыкпытын саҥа көрбүттүү одууласпыппыт. Сэнии көрбүт кыракый Уйбаанчыкпыт олоҥхо бухатыыра буолан тупсан, киэркэйэн көстүбүтэ.

      Уолбут ырбаахытын тимэҕин сүөрэн, киртийэн өҥө-түүтэ биллибэт буолбут саппыйаны хостоон Эльвираҕа ууммута.

      Эльвира саҥата суох ылан икки илиитинэн хам тутан олорбохтообута уонна миэхэ ууммута. Ити курдук остуолу эргитэн саппыйаны хаhаайыныгар төнүннэрбиппит.

      Уйбаанчык ылан, моонньугар төттөрү кэппитэ, тимэхтэммитэ, куйах кэппит бухатыыр курдук түөhүн имэриммитэ, мичээрдээбитэ уонна:

      – Аны, кыргыттаар, эhиги кэпсээҥ Сахам сирин сонунун! – диэбитэ.

      Ыалдьыт

      Ыраахтан хантан эрэ тохтоло суох тырылыыр телефон тыаhа улааттар улаатан субу кулгаахпар тиийэн кэлэргэ дылы гынна. «Оо, дьэ, саатар өрөбүлгэ утуталлара баҕалаах…»

      Уум быыhынан, харахпын аспакка эрэ, телефонум туруупкатын харбыалыыбын, нэhиилэ таба тутан кулгаахпар таҕайабын.

      – Алло, алло… Айыына?! Өссө да утуйа сытаҕын дуо?! Тур, тур! Пора, красавица, проснись, навстречу утренней Авроре звездою севера явись… – Тыл институтугар үлэлиир дьүөгэм Сардаана биир тыынынан элбэх-элбэҕи кутан-симэн кэбистэ.

      – Сардаана Ильинична, мин бүгүн сокуонунан көрүллүбүт өрөбүл күнүм. Баhаалыста, утута түс… – мин өссө да утуйар баҕалаах утарылаhан көрөбүн.

      – Суох, суох. Сатаммат… Тура оҕус! Вопрос жизни и смерти… Айыынчык, чыычаах, турууй. Чэйиий, абыраатаххына эн эрэ абырыыгын… Мин дьүөгэм миигин алдьархайга бырахпаат, хайаан да көмөлөhүө… – Сардаана албыннаспыт куолаhа улаатан кэллэ.

      – Оо, татат, ол туох алдьархайа буолла? Бэҕэhээ киэhээҥҥэ диэри бары этэҥҥэ курдук этибит дии?

      – Айыночка, били дьоппуон профессор туhунан кэпсиир этим дии. Ол киhи атын дьоппуону илдьэ кэлбит. Суол инженера үhү. Биhиги бэйэбит киhибитин хайдах көрсөрү барытын былааннаабыппыт. Онтон бу дьоппуон биhиги институппутугар олох сөп түбэспэт соруктаах. Ону-маны сыҥалаан көрдүбүт да, туохха да буолуммат. Вредный такой, киhини адьас өйдөөбөт барахсан. Эппитин этэ турар. Непрошеный гость и ещё лезет в чужой монастырь со своим уставом! Бастатан туран, тыа ыалын билсиэн баҕарар үhү. Иккиhинэн, «зимник» диэн туох суолун көрүөн баҕарар үhү. Айыынчык, күн-ый буол, эhиги дьиэҕит наhаа үчүгэй дии, бэйэтэ музей курдук батта уонна Даниилыҥ

Скачать книгу