Аанньаллар. Айсана

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аанньаллар - Айсана страница 7

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Аанньаллар - Айсана

Скачать книгу

буолла. Биhиги кыhын тымныыга кинилэр курдук кэмчилиирбит табыллыбатын, ол оннугар сайын гааhы да, уоту да туhаммаппыт туhунан быhаарабыт. Үрүҥ түүннэр, өҥүрүк куйаастар ахтылыннылар. Аны туран, Акакамурабыт уу систиэмэтэ ханна баарын ыйытар. Мин саҥата суох уулаах буочукабын ыйабын. Киhим эмиэ өр толкуйдуур, онтон бу иhиккэ хантан уу киирэн хаалбытын туоhулаhар. Мин ааны арыйан, Даниил бэҕэhээ тиэйбит мууhун көрдөрөбүн. Итэҕэйбэтэхтии сирэйбин-харахпын одуулаhар. Туох эрэ автоматикатын ирдиир.

      – Суох, суох, илии үлэтэ. Развиваем физическую силу мужа, – диэн быhаардым.

      Сити курдук түҥ-таҥ кэпсэтэн, остуолга олоруу буолла. Илиитин сууннараары илии суунарбытыгар аҕаллым. Киhим кыайан тобулбата, көмө көрдөөн илиитин нэлэҥнэттэ. Мин тарбаҕым төбөтүнэн илии суунарбыт үөhүн өрө аспыппар киhим оҕо курдук үөрдэ, ытыhын таhынна. Хаста да өрө анньан, уу кэлэрин одууласта, илиитин суунна.

      – Автоматик! Экономия! – эҥин дэтэлээтэ.

      Итинник абыраллаах тэрил ханна атыыланарын, хас сыаналааҕын туоhуласта. Били хас ыалдьыт илиитин сууннаҕын аайы кыбыстар илии суунарым болҕомто киинэ буолбутуттан хата мин үөрдүм.

      Остуолга олох табыллыбата, биилкэнэн да, ньуосканан да кыайан аhаабат соро. Эрэйдэнэрин көрө сатаан баран, хата били Кытайга бара сылдьан аҕалбыт палочкаларым баалларын өйдөөн, добуочча өр көрдөөн, аҕалан биэрдим. Астынна аҕай, саҥата-иҥэтэ элбээтэ, туттара-хаптара сыыдамсыйда. Барыны бары амсайда, хайҕаата. Араас норуоттар астарын-үөллэрин туhунан кэпсэтии барда. Үксэ балык аhылыктаахтарын бэлиэтээтэ. Сахалар бары бэйэ аhылыктаах эбиккит диэтэ, экология питания диэн буолла. Харса суох симинэрин көрөн, хата бэйэм куттанан бардым. Үөрүйэҕэ суох искэ убаhа иhэ, хаhата ханан чаалыйан тахсыа биллибэт.

      Аны Сардаана бу сайын Дьоппуон сиригэр ыалдьыттаабытын туhунан кэпсээтэ. Токиоҕа тыынарга ыараханын, салгына кирдээҕин, дьоно элбэҕин, сирдэрэ кыараҕаhын аҕынна. Саамай сөхпүтэ диэн уу кырыымчыга. Арай наар ыалдьыттатар профессора дьиэтигэр ыҥырбыт. Эмиэ аhаан-сиэн, кэпсэтэн-ипсэтэн киэhэ утуйуу буолбут. Сардаана үгэhинэн суунаары ванна сураспыт. Дьиэлээх киhи бэрт өр бэлэмнээбит, Сардаананы ыҥырбыт. Сардаана суунан бүттэҕинэ, ууну хайдах ыытарын, ваннаны тугунан сайҕыырын ыйыппыт. Киhитэ ыксаабыт, илиитинэн сапсыммыт: «Ууну отой тохпоккун, ити ууга эн кэннигиттэн мин, кэргэним, оҕолорум суунуохпут», – диэбит. Сардаана кини сууммут уутугар дьон суунуохтааҕын истэн сүрэҕэ тохтуу сыспыт, суунартан атыыр аккаас биэрбит.

      Били Дьоппуон сирэ сайдыылаах дойду диэн ордугургуу саныырбыт симэлийэн барда. Аата, салгынныын-уулуун, сирдиин-халлаанныын, астыын-үөллүүн – бары-барыта кэмчи дойдута буолан таҕыста. Онно холоотоххо, биhиги Сахабыт сирэ нэлэhийэн киэҥэ-куоҥа, салгына ырааhа, уута дэлэйэ, сирин баайа элбэҕэ! Сайыннахпыт аатыран, баары харыстаабакка, барыны бары ыhан-тоҕон, алдьатан-кээhэтэн, хата кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туох да хаалыа суох. Эмиэ атын омук курдук от-мас аhылыктанан, салгыннарын атыылаhан тыынар, күөх халлаан диэни билбэт, ууну харыстаан дуоhуйа испэт кэрэгэй дьылҕаланыахтара

Скачать книгу