Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

дьиэбитигэр аараан, ыйы-ыйдаан да олорон ааһар түгэннэрэ баара. Нөөрүктээйи киһитэ мөлтөхтүк быһыыламмытын иһиттэҕинэ, ийэбит кэри-куру буолара, ол киһи төрүттэригэр хайдахтаах үтүө-мааны дьон баар буола сылдьыбыттарынан эргитэн, түмүгэр биир дойдулааҕын олус түһэрииттэн көмүскүүр туох эрэ үчүгэйи киниэхэ син биир булара. Ол курдук, судаарыстыба хамнаабат дьаһалынан иччитэх хаалбыт өтөх дойдулар Айыыһыттара бытанан барбыт дьоннорун ааһан биэрбэт ахтылҕан буолан батыһа, түмэ сылдьар эбиттэр. Эмискэ-эмискэ кинилэр кэпсээннэриттэн билэр курдук саныыр дьонуҥ туһунан истибэтэххин истэн соһуйар да түгэннэриҥ бааллара.

      Биирдэ, дьоммут суохтарына, Мэлэкэттэн төрүттээх биир дьахтар дьиэбитигэр киирэн ону-маны ыйыталаһа турбута, онтон Уйгур Уйбаан уулуссанан ааһан иһэрин түннүгүнэн көрөөт, чуумпуран, саҥата суох ыраатыар диэри одууласпыта уонна:

      – Ити Уйгуру көрдүм да, Иэйэтин кытта сырсыакалаһа оонньуу сылдьалларын санаан кэлэбин, – диир.

      – Ханна, ханнык Иэйэ?

      – Ээ, оттон Мэлэкэҕэ. Эн билбэт буоллаҕыҥ, сэрии иннинэ Иэйэлиин олорбуттара ээ. Ити билигин Сахаарап Былатыан кэргэнэ, Бэс Күөлүгэр олороллор дии. Саҥа холбоһо сылдьар кэмнэрэ быһыылаах, биирдэ ийэм кинилэртэн тугу эрэ көрдөһүннэрэ ыыппытыгар тиийбитим, иккиэн наһаа да дьоллоохтук саһыгыраччы күлэ-күлэ, мин киирбиппин өйдөөн көрбөккө, ороннор, остуол үрдүлэринэн өр баҕайы сырсыакалаһа сылдьыбыттара… Иэйэтэ чыпчаххай оҕото тутуурдаах, онтунан Уйбаанын таһыйдаҕа буолар… Ол ойоҕо кинини, дьиҥэ, дэһэртиир гынан турар ээ…

      Мин сэргээммин ыйыталаһан барбыппар дьахтар, тугу эрэ сыыһа балкыйан кэбиспитин эмискэ өйдөөбүттүү: «Ээ, чэ, ол ырааттаҕа, умнубуппун», – эҥин дии-дии, былаатын чиҥэтэ баанан, тиэтэйэ-саарайа тахсан барбыта.

      «Уйгур сэриигэ ыҥырыллыбытыгар ойоҕо ыытымаары атаҕар соһулла сылдьыбыт, батыһан баран, эр дьону мунньар күрүөлэрин тула ытыы-ытыы айдаан бөҕөтүн тарпыт, онтон борохуокка олороллоругар күрэппит», – диэн остуоруйа-номох курдук өйдөммөт үһүйээн, кырдьык, баара.

      Биирдэ дьахталлар, бэйэ-бэйэлэрин салҕаһан: «Улааппыта буоллар, дьэ, үтүө дьүһүннээҕинэн номоххо киирэр кыыс этэ… сахаҕа төрөөн көстө илик кэрэчээн бэйэлээх, наһаа да кырасыабай этэ-э… үкчү тугут оҕотун курдук харааччы көрөрө дии… – дэһэ олороллорун истэн: – Ким? – диэн токкоолоһон барбыппын: – Оттон ити Уйгур өлбүт оҕото…» – диэбиттэрэ. Салгыы эмиэ сиһилии эппэтэхтэрэ, сэрии кэмин туһунан кэпсэтэллэригэр сибигинэһэн бараллара уонна оҕо истэр буоллаҕына, тохтоон хаалаллара. Ол да буоллар, хоргуйан өлбүт дьону салалта «дьэҥкэрэн өлбүттэр» диэн сурукка киллэрэрин; өлөөрү сытар дьону биир ампаарга мунньалларын, онтон ким эрэ дьонноох сиргэ тиийээри сыыллан тахсан баран, аара быстыбытын булбуттарын; хоргуйан ыалы кэрийэ сылдьар биир кыысчаан дьиэ дии санаан, киһи уҥуоҕун ампаарыгар киирэн өлбүтүн; ийэ, саатар биир оҕотун тыыннаах хааллараары, иккиһин аһаппакка өлөрөрүн эҥин

Скачать книгу