Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

арҕаһым тыыттарбат гына ньылбы анньыллыбыт баастаах тиийбитим, онтум өргө диэри оһон быстыбакка аһыйа, айакалата-дьойоколото сылдьыбыта. Итинтэн кэһэйэн дьээбэлэнэрим аҕыйаабыта, олус «тар мэйии» буолбатахпын көрдөрөөрү, үөрэхпэр эмиэ кыһаллар буолбутум.

      Бастаан Иэйэттэн хайдах гынан иэстэһиэхпин толкуйдуу сатыыр этим, ол сылдьан үһүс кылааска тиийэрбэр мэлдьи кинини саныыр, кинини кэтиир буолбуппун билиммитим.

      Салгыы төрдүс-бэһис кылаастарга Бэс Күөлүн оскуолатыгар үөрэниэхтээхпит. Ону Түбэй алын кылаастаах оскуолатын ол сыл отой да сабаннар, маҥнайгы кылаастан саҕалаан элбэх оҕо саҥа оскуолаҕа, саҥа сиргэ үөрэнэ барар буоллубут. Оччолорго Бэс Күөлүн таҥаратын дьиэтэ баар, кулууп буолан туран кэлин умайан хаалбыта дии. Дьэ ол таҥара дьиэлиин, улахан оскуолалыын, балыыһалыын, киэҥ-куоҥ лааппылыын, буоста дьиэлиин Түбэйгэ холоотоххо, киһи мунар, тигинээбит улахан бөһүөлэккэ үөрэнэр буоллубут. Суолбут өссө уһаата, өрүстээх буолан аны хаайтарыылаах, Түбэйтэн Бүлүү эбэбитин туораан баран, биэс биэрэстэ курдук сири сатыы барабыт. Мин уон алта саастаахпын, хайыы үйэ сиппит киһи буоларбын билинэ сылдьабын. Уруккум буолбатах, кыаммат оҕолорго уонна кыргыттарга үрэҕи-маары туоруулларыгар, өрүскэ тыыга киирэллэригэр көмөлөһөбүн.

      Оскуолаҕа биир кылааска иллээхтик олорон үөрэнэр эрээрибит, киэһэрдэ да, интэринээт-бөһүөлэк уолаттара диэн, охсуһан тунайдаһар идэлээхпит. Онно кыргыттарбыт биһигини көмүскэһэн, тылларынан баҕас бөһүөлэк уолаттарын сууһарар этилэр. Онно Иэйэ инники сылдьара уонна ордук миигин араҥаччылыыр дуу диэн, испэр сэрэйэр буолбутум.

      Кыргыттарбыт уонна уолаттар даҕаны, киэҥ сиргэ кэлэн, ким төһө кыахтааҕынан маанымсыйа сатыыр буоллубут. Интэринээккэ ыраастык таҥнарга, бэйэни көрүнэ, сууна-тараана сылдьарга үчүгэйдик үөрэтэллэр. Улахан оскуолаҕа учууталлар Иэйэбитин үксүн Еля, өссө Лена диэн ыҥыраллар. Ону мин кулгааҕым ылыммат, «Иэйэ» диэн ис кистэлэҥнээх, дьикти тардар күүстээх курдук, кыыс түргэнник тэтэр гына түһэр сырдык ньууругар, чочуллубут уран сирэйигэр, сандаарыччы көрөн ылар киэҥ харахтарыгар, иирэ талах курдук быһыытыгар-таһаатыгар бу аата ордук барсар.

      Ол сылдьан аны кыыс-уол диэн кыҥастаһыы баар, сааспынан аҕам, уҥуохпунан өндөһүм иһин буолуо, улахан кылаас кыргыттара миэхэ сурук суруйаллар. Харахтара син иҥнэр уоллара буолуом: бискултуураҕа таһыччы үчүгэйбин, оһуохай буоллаҕына дьээбэлэнэн таһаарааччы буолабын, ыһыахха сылдьан истэр этээччилэрбин үтүктэбин, таҥаспын-саппын мэлдьи көрүнэ, чох өтүүгүнэн хаптатан биэрэ сылдьар идэлээхпин. Үөрэхпэр ахсааҥҥа, ыраастык суруйууга эмиэ хаалсыбаппын. Ол эрээри биир да кыыһы кытта суруйсубатым: бастаан миэхэ суруйбуттар тоҕо эрэ кэнники бэйэлэрэ туора хааман тумна сылдьар буоллулар уонна кылааһым алын буолан, өйүм-санаам эмиэ ол сиэринэн оҕотук сырыттаҕа.

      Үөрэх дьыла бүтүөн иннинэ, арай үчүгэй үөрэнээччилэри пиэнньэргэ ылыы буолла. Оскуола

Скачать книгу