Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

буоллум. Улуу этээччилэр баар буоланнар, оһуохайга чугаһаабаппын даҕаны, ол оннугар икки атаҕым илгэтинэн мүһэ бөҕөтүн хомуйдум. Сылбырҕа буоламмын хапсаҕайга да үчүгэй этим эрээри, таптааммын атах оонньуутугар уонна сүүрүүгэ кыттарым. Ол саҕана сүүрүүнү ыһыах аайы тэрийэр этилэр, төһө уһуннаах сири сүүрэриҥ чопчу биллибэт: күөлү эргийэ, тыа саҕатыттан төттөрү кэлии эҥин диэн буолар. Көрөөччүлэргэ, дьэ, ол күндү көстүү буолар этэ. Ити билигин ат сүүрдүүтүн иннинэ эҥин тоҕо дьону сырыһыннаран ыһыах күүрээнин өрө көтөхпөттөрө буолла? Сүүрүү төрүт өбүгэ оонньуутугар тоҕо киириэ суоҕай, былыр да уҥмат тыыннаахтарынан, түөрт атахтаахтары кытта илин-кэлин түсүһэллэринэн биллибит, номоххо киирэн аатырбыт кус быһый дьон элбэхтэр этэ ээ.

      Ыһыахтарга сылдьан, кымыс баҕаҕын анныгар тоҕуоруччу тэлгэммит эгэлгэ иһит-хомуос ойууларын умсугуйа одуулуур, кэрэлэрин кэрэхсии көрөр этим. Сытыы быһаҕы туттум да, тугу эмэ кыспытынан барар буолбут кэмим. Ону тэҥэ хаарты оонньуутугар уһулуннум. Хата, оҕо диэн сүүйсүүлээххэ чугаһаппат этилэр.

      Мэлэкэ ыһыаҕар Иэйэлиин ыраахтан көрүстүбүт. Кини көрбөтөх курдук тутунна.

      Сотору Иэйэни эһэтэ оҕонньор тоҕо пиэнньэргэ киирдиҥ, сэриигэ хомуйар дьонноругар кыһыл хаалтыһы баайаллар үһү диэн таһыйа сатаабытын туһунан сурах кэллэ. Мин испэр күлэ санаабытым – Иэйискэ таһыйтаран да бэрт ээ. Ити 1934 сыл эргин быһыылаах.

      Сайыны быһа Иэйэлиин аргыстаспыт айаммытын хас биирдии түгэнин ырытан, хос-хос кэрчиктэргэ арааран ахта-саныы сырыттым. Ол аайы түөспэр туох эрэ сып-сылаас биллэн кэлэр. Ордук үрэҕи туоратаары көтөхпүппүн, сүрэҕим дьэрэлийэ-дьүрүһүйэ түспүтүн уонна кыргыттар суруйалларын туһунан ыйыппытын, саһара тэтэрэр уоһах араҕас сибэккини уолукпар кыбыта анньан баран, кыҥначчы туттан кэннинэн тэйэ хаампытын, суһуохтара эккирээн сүүрэ турбутун санаан кэлэ турабын. Киһи түөһүгэр сүрэхтээх эбитин бастаан итинник билэр быһыылаах: кими эрэ санаан минньигэстик нүөлүйэ ыалдьарыттан, кими эрэ ахтан күүскэ тэбэн, кинитэ суох бу Орто дойдуга тэһийбэт-тулуйбат гына тэһииркэтэн кэбиһэриттэн…

      Иэйэ уолукпар иҥиннэрбит сарыада сибэккитин оскуолаҕа гербарийы хатарарга үөрэппит ньымаларынан харыстыы тэнитэммин, кинигэ быыһыгар укпутум. Сибэкки кини тэтэркэй иэдэстэрин, сандаархай харахтарын санатара. Хойут даҕаны сарыада үүнэн турарын көрдөхпүнэ испэр «Иэйэ сибэккитэ», «Иэйэ» диэн кистээн ааттыыбын. Ол кинигэбин сайын устата ааҕыахтааҕар, сибэккибин көрөөрү арыйбытым элбэх быһыылаах этэ.

      Күһүн бэһис кылааспар үөрэнэр буоллум. Аҕам үөрэн да үөрэн диир. Бэйэм буоллаҕына оскуолаҕа Иэйэ таһыгар баар буолуохпун баҕарар эбиппин. Оттон ийэм: «Оҕом бэйэтэ билиэ буоллаҕа», – дии-дии, улаатан хаалбыт киһини эҥил баспыттан аллара тардан сыллаан сырылата сылдьар. Оо, ийэм, ийэм барахсан уйан да киһи этэ. Бараары-кэлээри гынным да, алаарыччы көрөр киэҥ хараҕыттан уу чаалыйан тахсар идэлээҕэ. Тоҕо оннуга буолла, бу олохпун түүйэрэ эбитэ дуу, дьэ, мин туспар чараас киһи этэ. Бэйэм да ону суоллаабыппын быһыылаах, киһиттэн таһыччы

Скачать книгу