Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

биһиги оннук сылдьарбыт. Мин идэбинэн кыратык бултуубун, үлэбэр үөрүүнэн барабын-кэлэбин, манна диэн эттэххэ, үлэ-хамнас кумааҕытын оҥорууну ол сылдьан бэркэ баһылаабытым, онтум кэнники бэйэм докумуоммун хомуйарбар улаханнык туһалаабыта. Дьонтон итэҕэһэ суох биэнсийэлээх оҕонньорбун.

      Нэһилиэк мас оҥоһукка, тутууга кыһалҕаларыгар барытыгар мин илиим, салалтам ирдэнэр буолан барбыта. Иэйэни аны сэбиэт сэкирэтээринэн таллылар. Аны кинини «Баһаатай Иэйэ» буолбакка, «Сэкирэтээр Иэйэ» диэн ааттыыллар. Мэлэкэ ол кэмҥэ балай да кэҥээн турар, оскуолаҕа үөрэнэр оҕото ыраахтан-чугастан мустан, сэттэ уончаҕа тиийэр быһыылаах этэ.

      Саас куйуур соботун көтөҕөн киллэрэн иһиккэ халыс гыннарбыппар, Иэйэ эмискэ айаҕын саба туттубутунан таһырдьаны былдьаспыта. Туох буолла диэн кэнниттэн ойон тахсыбытым, дьахтарым быһыта сиэһэн эрэр күрдьүк үрдүгэр хотуолаан өҕүллэҥнии турар эбит. Мин куттанан уһаан хаалбыт сирэйим диэки хараҕын быраҕан ылаат, кураанаҕынан өҕүйбүтэ уонна устунан сирэйин саба туттан баран ытаан дуу, күлэн дуу санна өгдөҥөлөөн барбыта.

      – Хайа, бу… ыарыйдыҥ дуо?.. – мин ыксаан, барыах-кэлиэх сирбин булбакка, тэпсэҥэлии турбутум.

      – Оҕо… оҕо баар, акаары, – Иэйэ күлэрин быыһыгар ый курдук миигиттэн кистээн биэбэйдээбит үөрүүтүн, кэмэ кэллэ диэн, дьэ, итинник төлө биэрэн эппитэ.

      Мин бастаан өйдөөбөккө даллайан турбутум, онтон санныбар кынат курдук үүнэн тахсыбыт үөрүүбүн хайдах гыныахпын билбэккэ, сааскы бөһүркэй хаар устун кылыйан кыыралдьытан барбытым. Иэйэ ону көрөн туран, ханан да баара биллибэт иһин дэдэччи таһааран имэринэ-имэринэ, дьоллоохтук күлэн саһыгырыыра.

      Оҕобут ким курдук харахтаныахтааҕын, ким курдук майгыланыахтааҕын, мин киниэхэ хайдах курдук дьэрэкээн биһиги ойуулаан-мандардаан уһанан таһаарыахпын эҥин кэпсэтэн, хойукка диэри утуйбакка сытар буоларбыт.

      Дьэ ол саас хас биирдии ньургуһун төбөтө, хас биирдии мутукча иннэтэ бары биһиги дьолбутун уруйдаабытынан тыллар курдуктара, кэриигэ этэр кэҕэ биһиги дьоллоох күннэрбитин ситэн ааҕа сатаан баран бутуллан, кэлэҕэйдээн барарга дылыта.

      Сүргэм көтөҕүллэ сылдьар киһи, оччотооҕу дьон сиэринэн, эрдэттэн оҥостон-сорунан ыһыахха бэлэмнэммитим. Тумустаах саары этэрбэстээхпин, кыл сэлээппэлээхпин, сүүрэрбэр-көтөрбөр табыгастаах гына уус дьахтарга ыйан- кэрдэн тиктэрбит ыстааннаахпын, ырбаахылаахпын. Ол саҕана дьон ыһыахха бачыыҥка, көстүүм кэтэр идэлэммиттэрэ, оннук таҥастаах киһи саҥа олохтон хаалсыбакка иһэрэ көстөр быһыылааҕа. Мин буоллаҕына, оннук таҥаһым баарын үрдүнэн, саатар ыһыахха сахалыы таҥныахтаахпыт диэн мөккүһэр этим. Онон ырбаахыбын өссө Хорос кыра уолуттан хаартыга сүүйэн ылбыт солко куһааппынан курданабын. Чугастааҕы ыһыахтарга сылдьан баран уйгуураммын, олох да чиэски дойдуларга тиийтэлээн хааллым. Атах оонньуутугар, сүүрүүгэ хаардыы хаамабын, улахан этээччи суох буоллаҕына, оһуохайдаан тыыммын таһаарабын.

      Сэрии

Скачать книгу