Уйгур. Сайа Михалева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 14
Ийэм суох буолбут кутурҕана сэрии буолбут сураҕын баһыйбыт буолан, сэриигэ хомуур саҕаламмытын туһунан кэпсэтиини соччо аахайбатаҕым. Өр-өтөр буолбатаҕа, Мэлэкэттэн уонча туруу дьоҥҥо, ол иһигэр миэхэ эмиэ, бэбиэскэ тигинээн кэлбитэ. Сэбиэт миигин онно тута сиргэ хонон оттуу сылдьар уолаттары баран аҕалтаа диэн соруйда. Иэйэ буоллаҕына дьону сэриигэ атаарыыны тэрийсэн барыахтааҕын оннугар мин бэбиэскэбин, хат-хат ааҕан көрө-көрө, түөһүгэр хам тутан баран сылдьар, онтон чочумча дөйбүт курдук өр таалан турар. Ыҥыран көрбүппэр таастыйа кэҥээбит харахтарынан диэличчи көрөн кэбистэ, онон оннук кэпсэппэккэ да, Чылбыан диэн ааттаах холкуоһум сыыдам атын быһа кымньыылаан, сорудаҕы толоро ыстаннардаҕым дии.
Ыкса киэһэ сэриигэ барыахтаах отчут уолаттары кытта төннөн кэлбиппэр, Иэйэм дьиэтигэр суох этэ.
Сарсын сарсыарда сугулаан дьиэттэн аттаныахтаахпыт, онон аҕам аахха бара сырыттым. Көрсүбүт дьонум бары сэрии сотору бүтүө диэх курдук кэпсэтэллэр. Аҕам санаатын бөҕөргөтүнээри быһыылаах, сэриини эмиэ улахаҥҥа уурбатах курдук саҥарар, эгди туттар. Тахсаары турдахпына бырааккар Миитээҕэ Дабыыт уолга таайа куораттан аҕалбытын курдук атах таҥаһына, бачыыҥката ылан кэлээр диэн кыра харчы туттарда.
Дьиэбэр төннөн кэлэн тэһийбэккэ төттөрү-таары хаамыталыы сырыттахпына, ааны эрчимнээхтик аһан, Иэйэм көтөн түстэ. Ити кэмҥэ иһэ биллэн эрэр этэ, дэлби аҕылаабыт, баттаҕа арбайбыт. Аанын чиҥэтэ сапта уонна уларыйан хаалбыт куолаһынан түргэн-түргэнник сибигинэйэ былаан саҥаран барда:
– Уйбаан, иэдээн буолла. Ити ньиэмэс диэн кими да тулуппат күүстээх, сэрииһит омук Дьобуруопаны барытын хаардыы хаамта. Биһиэннэрэ тулуктаһар кыахтара суох… Эһиги таах бууска аһылыга буолуоххут…
– Хомуна охсуом этэ дии, сарсыарда Сунтаардыыбын буолбат дуо, – мин кини туох дииригэр аахайбакка, бу баран эрэр киһини кэтэһиннэрбититтэн кыыһыран, өс саҕа буоллум.
– Суо-ох! – Иэйэ сарылаабытынан кэлэн миэхэ сапта түстэ. – Ыыппаппын, биэрбэппин! Сэриилэстиннэр бэйэлэрэ! Тоҕо эн барыахтааххыный… оччоҕо мин, биһиги хайдах буолабытый…
Мунньахтарга, дьон иннигэр тимир-тамыр саҥалаах, Сэбиэскэй Ийэ дойдуну көмүскүүргэ ыҥырар өрө күүрүүлээх хоһооннору оскуола оҕолоругар үөрэтэр, бэйэбинээҕэр кытаанах, күүстээх киһи курдук көрөн бас бэринэр Иэйэм, сэкирэтээр Иэйэ, бу эмискэ ытаан-соҥоон, сөбө суох тыллары туттан, харсыттан тахсан барбыта миигин ыксаппыта, уйадыппыта. Кини бу түгэҥҥэ оҕотун көмүскээн адьырҕа аһыытыгар да киирэн биэрэрин кэрэйбэт ийэ кыыл курдук этэ. Мин киниэхэ кимнээҕэр да, туохтааҕар да күндү киһи буоларбын өссө төгүл итэҕэйбитим. «Сэрии сотору бүтүө дииллэр ээ… – диэн уоскутан көрдөхпүнэ: – Өйдөөбөккүт эһиги, тугу да өйдөөбөккү-үт, Гитлер ол түргэн үлүгэрдик бэринээри тоҕо көтөн киирбит үһү