Уйгур. Сайа Михалева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 12
Сууллан эрэр көмүлүөк оһох оттуллан турар. Ол уот эккириир төлөнө хамсыыр күлүк буолан балаҕан туруору эркинигэр уонна Иэйэ туохха эрэ булгуччу сананан кырыылана тупсубут сирэйигэр-хараҕыгар иччилээхтик оонньуур. Кыыһым миигин илиибиттэн сиэтэн уот аттыгар аҕалла уонна киһи саллыах, оһох кэнниттэн хаппыт сылгы баһын уҥуоҕун таһаарда…
– Мин Сэрбэкэ Сэмэн маннык сылгы чөмчөкөтүн миинэн олорон андаҕайбытын уоран көрбүтүм… Хоростор көмүстэрин ханна эрэ кистээбиттэрин кимиэхэ да этиэ суох буолан андаҕайар этэ. Хорос улахан уола Баппыанньый этэн биэрэр тылын хатылаан испитэ…
Иэйэ атыны кэпсии туран эмискэ:
– Эн миигин таптыыгын? – диэн ыйытта.
– Иэйэ, таптыыбын диэн этэбин дии мэлдьи. Эн буоллаххына кыыһыр да кыыһыр буолаҕын…
– Дьиҥнээхтик таптыыр буоллаххына, Сэрбэкэ Сэмэн курдук мин эппиппин хатылаан ис! – диэтэ уонна санныбыттан баттаан, сылгы чөмчөкөтүн үрдүгэр сөһүргэстэттэ.
Баттаҕы арбатан ойууннаах буола оонньооһун, хобордооҕу дүҥүр гынан тоҥсуйуу биһиэхэ, көрөрбүтүн үтүктэн улааппыт оҕолорго, баара. Онон, мин ол хаппыт сылгы баһа мииниилээх андаҕары бастаан оонньуу да курдук ылынаммын, улгумнук этэн, толорон барбытым.
– …Иэйэттэн атын кыыһы-дьахтары таптыы көрүөм да икки харахтарым оҥоччу уоллуннар, киниттэн атыҥҥа таптал тылын этиэм да тыллаах сыҥааҕым… – андаҕар айахха батаран саҥарыахха диэтэххэ дьулаан тылланан-өстөнөн барбыта. Ол да үрдүнэн мин, акаары, ону барытын үтүктэн истим, кыыһым кыыһырбатын, иллэстин эрэ диэн санаалаахпын. Айыыны-абааһыны итэҕэйбэт буолууга оскуолаҕа ускайдаабыттара да иҥэн сырыттаҕа. Кэнники санаатахха, бэйэтин эмиэ оннук андаҕатыах баар эбит, ону өйдүүр кэлиэ дуо?
Дьиҥэ, пиэнньэр баһаатай диэн абытай киһи буоллаҕа дии, уруккуну эһэр, саҥа олоҕу тутар инники кирбиигэ сылдьар, кэннинэн кэхтибэккэ, хаалынньаҥ өйү-санааны, сиэри-туому уодьуганныыры көҕүлүүр киһи. Ол эрээри Иэйэ дьэ итинник миигин андаҕатан турар. Эчи, тыла-өһө илбистээҕэ, кытаанаҕа… Киһи киһиэхэ ыарахан сыһыанын элбэҕи көрөн кэллим да, ол сахалыы андаҕар курдук киһи кэскилин таҥнары этиини уонна истибэтэх курдукпун…
Андаҕарын бүтэһик тылларын этитэн баран, Иэйэ сыҥаһа ороҥҥо баран олорбута. Мин сүрэҕим көбөн, сүһүөҕүм хамнаан кэлэн аттыгар олорбуппар: «Мин эйигин кимиэхэ да, кимиэхэ да биэриэм суоҕа!» – дии-дии, сүүһүн түөспэр анньан, сыстыаҕынан сыстыбыта. Миигин чахчы ким эрэ былдьаан баран эрэрин курдук, нарын эрээри, сүрдээх сэниэлээх илиилэринэн ыга кууспута. Уоспут уоспутун булса охсубуттара.
Дьиҥэ, бу да иннинэ тапталга иккиэн хардарыта билинэн кэллэхпит, ол эрээри субу курдук иччилээхтик, имэҥнээхтик, аһаҕастык ол туһунан кэпсэтэ илик этибит. Иэйэ миигин урут-уруккуттан, били таастаах бэрэмэдэйи сүктэриэҕиттэн, таптаабытын, Бэс Күөлүн оскуолатыгар үөрэнэр эрдэхпитинэ, кини өссө хаста да улахан кылаас кыргыттара миэхэ суруйбут суруктарын аара