Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

арахсыбыта. Өрүһү туорааһын, бэйэ кытылын булуу диэн бэйэтэ туспа сиэр-туом кэриэтэ. Тохтообокко уста турар уу нөҥүө, уҥуор – биһиги кытылбытыгар эрэ ордук минньигэс салгын баар, ордук күөх от-мас үүнэр, ордук үтүө дьон-сэргэ олорор курдук буолааччы. Ол иһин Түбэй өттүгэр туорааччы ким барыта хайаан да сэгэччи мичээрдээн, ходьоччу туттан, күө-дьаа буолан тыыга олорор. Онон бу да сырыыга нэс хара тыыбыт биһигини туоратаары күн уотунан күлүмүрдүүр эбэ күөх ньуурун хайытан, көтөөрү даллаҥныыр икки кынат курдук эрдиилэринэн кылбаҥнаан аргыый чугаһыырын күүтэн туран, ахтылҕаннаах уҥуоргу кытылбытын таптыыр харахпытынан имэрийэ көрөбүт, тэһийбэтэх курдук туттабыт-хаптабыт.

      Мэлэкэлэр өссө салгыы күнү-түүнү супту айаннаан «үрэхпит баһын» булуохтаах буоллахпыт дии. Ол иһин бастаан эһиги туорааҥ диэн, түбэйдэр ыраата барар дьоҥҥо кыһалыннылар. Арай Иэйэ хайдах эрэ тиэтэйбэт курдук. Миэстэ уонна суох диэн, мин тыыны үтэн кэбистим. Онон Иэйэлиин түбэйдэри кытта хойутуу туораатыбыт. Мэлэкэбитигэр барарга иккиэйэҕин аргыстаһар буолан хааллыбыт. Мин оччоҕо уон сэттэбэр баран сылдьабын, кыыһым уон биэстээҕэ буолуо…

      Бастаан оҕолорбутун ситиэх дьон курдук, саҥата суох хааман сыбыгыраттыбыт. Онтон күммүт арҕаалаан, дьонноох сиртэн тэйэн истэхпит аайы арыый бытаардыбыт. Сааскы ууттан таһымныы туолбут от үрэх суолбутун быһа охсон ааһар сиригэр инники тиийэн этэрбэспин уһуллум уонна кыыспын кэтэһэн турдум.

      Иэйэ, бытааннык хааман кэлэн, этэрбэһин устаары төҥкөйбүтүгэр:

      – Сүгэн туоратыым эрэ, – диэтим.

      – Ууга мүччү туппат инигин? Соруйан… – диэтэ, аллараттан үөһэ көрөн туран.

      Онно намтаабыт күн уотугар күлүмүрдүү сытар үрүччэ сүүрүгэ кини күлэн мичээрбит хараҕар, тэтэркэй иэдэһигэр дьэрэлийэр кустук буолан дьирибинии оонньоон ылла. Мин сүрэҕим эмиэ ол дьирибинэс кустук курдук, ибигирии-дьүрүһүйэ түһэргэ дылы гынна.

      – Таастаах бэрэмэдэй эбитиҥ буоллар… быраҕыам да этэ… – диэбитинэн, үөс-батааска биэрбэккэ, кыыспын көтөҕөн ылан уҥуоргу кытылга илдьэн туруоран кэбистим.

      Иккиэн күлэн саһыгырастыбыт. Оннук күлэ-үөрэ кэккэлэһэ хааман иһэн, дьэ, айахпыт аһыллан кэпсэтэн бардыбыт. Кэпсэтиибит бастаан «эн тоҕо», «онтон эн тоҕо?» диэн аахсыы хабааннаах саҕаланна.

      Бэс ыйын саҥатын үрүҥ түүнэ аттыбытынан сыбдыйан ааспыта, кытара кыыһан саҕахха түһэн испит күммүт өр буолбакка, чараас ньалака былыттар алын кырыыларын уоттаах көмүс сардаҥаларынан тоҕо-хоро дуйдаан, аан дойдутун үрдүнэн хос күөрэйэн тахсыбыта. Биһиги урукку өттүгэр күн тахсыытын-киириитин уратылаах түгэҥҥин ээ диэн улаханнык болҕойбот бэйэбит бүгүн эрэ, дьэ бу кырдьык да, кинигэҕэ сурулларын, хоһооҥҥо хоһулларын курдук, кэрэ да көстүү эбит диэн итэҕэйэн, сүрэхпитинэн көрө, сүрэхпитинэн сөҕө истибит.

      Ийэ айылҕа барахсан ситэн-хотон, ханнык халадаайын кэтэн ыһыахха барарын сыымайдыы олорор талымас

Скачать книгу