Уйгур. Сайа Михалева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 10
Ол оҥочом, бэйэбин эрэ буолбатах, элбэх дьону абыраата. Түбэйгэ өрүс үрдүгэр олорор ыалга уурабын, Бэс Күөлүн өттүгэр Нэлбии диэн ыскылаат харабынайа оҕонньор көрүүтүгэр хаалларабын. Уран оҥоһуулаах, чэпчэки, түргэн диэн хайгыы-хайгыы дьон оҥочобун «уларсан» туорууллар уонна ылбыт сирдэригэр төттөрү аҕалан уураллар. Күһүн оскуола аһыллыбытын кэннэ, Иэйэни биирдэ эмэ тыыбар олордон эбэни туораппыт киһи диэн ыра санаалаахпын. Оннук түгэн, хомолтолоох да төрүөтүнэн буоллар, күүттэрбэккэ тосхойбута.
Өрүс хаайыан аҕай иннинэ, Иэйэ аҕата акка улаханнык дэҥнэнэн сытан хаалла. Кыыһын ыҥыртара Бэс Күөлүгэр, биллэн турар, миигин ыыттылар. Түбэйгэ диэри аллаах атынан түүннэри омуннаахтык айаннатан, өрүһү туораан баран, бөһүөлэккэ диэри буутум быстарынан сүүрэн, оскуолаҕа үөрэх бүтэ илик кэмигэр тиийдим. Суһал соруктаах киһи быһыытынан учууталлар хосторугар ойон киирэн, кыыспын ыҥыртардым. Мин көрүдүөр уһугар ыраах турбутум эрээри, кылаас аанын сэрэнэн аһан тахсыбыт кыыһы кытта харахтарбыт субу чуп-чугас курдук харсыһа түспүттэрэ. «Уйбаан Дьаакабылап ыҥыртарар», – диэтэхтэрэ, кыыс хараҕар соһуйуу, долгуйуу, саарбахтааһын, кэтэһии – барыта баара. Мин буоллаҕына ол харахтары көрөөт, куһаҕан сураҕы тиэрдэр сорудахтаахпын түгэҥҥэ умнан, даллайан туран хаалбытым.
Чугаһаан кэлбитигэр дьэ өйдөнөн, арыычча:
– Иэйээ, дьиэҕэр барар үһүгүн. Аҕаҥ… аҕаҥ акка дэҥнэннэ… – диэтим быһыылаах.
Кыыһым долгуйан кэһиэҕирбит куолаһынан:
– Тыыннаах дуо… – диэтэ.
– Тыыннаах, Иэйээ, тыыннаах… – кыыһым эмискэ, ийэтигэр дуу, аҕатыгар дуу саба түһэрдии, төбөтүн мин түөспэр анньан, чочумча тура түстэ…
Борохуотунан кэлэр таһаҕаһы харайарга анаан өрүс үрдүгэр тутуллубут уһун синньигэс ыскылаат таһыгар чөкөйөн турар харабынай оҕонньор кыстык угун саҕа дьиэтигэр диэри тугу да кэпсэппэккэ, тиэтэлинэн хааман кэллибит. Нэлбии оһоҕун үрдүгэр өрүү сылаас турар чэйин ойутан таһааран куппутун сыпсырыйа түһэн баран, үөрэхтээх дьон сиэринэн махтанан-баһыыбалаан, аллара тыыбытыгар түстүбүт.
Кыдьымахтанан эрэр эбэ хараара болоорор уутун устун оҥочом чэпчэкитик уҥуоргу кытыл диэки сундулуйар. Иэйэ мин иннибэр субу чугас, эрдиим салбаҕын диэки туора хайыһан соҥуоран олорор. Кини иэдэһигэр харах уута дуу, мин эрдиибиттэн бытарыйан тиийбит уу таммаҕа дуу олорсубут. Илиибин уунаммын сөмүйэбинэн ол таммаҕы туора хаһыйыахпын да сөп курдук. Оннук чугас олорор,