Уйгур. Сайа Михалева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 6
Уһун өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга, учуутал ханна эрэ барбыт кэмигэр, төһө да ырааҕын иһин, тымныыны тымныы диэбэккэ, үөрүүнү кытта дьиэбит, ахтылҕаннаах Мэлэкэбит диэки түһүнэбит. Уол-кыыс диэн тус-туһунан бөлөхтөһөн айанныыбыт. Уолаттар, бара-кэлэ, дьээбэбит батарыа дуо, кыргыттары суолга тоһуйан куттуубут, араастаан хаадьылыыбыт эҥин. Ардыгар, ааҕарга-суруйарга үөрэммиппит үтүөтэ оҥорон, барыларыгар дьаабы баҕайы ыыс ааттары айаммыт, хаарга суруйан хаалларабыт.
Кыһыҥҥы өрөбүл кэнниттэн дьэ онтубутун Иэйэ учууталга үҥсэн, сир-буор сирэйдэтэлээтэ эбээт. «Ордук Дьаакабылап Уйбаан!» – дии-дии кыһыйан-абаран, саһархай киэҥ харахтарыттан кыым саҕылла сытыырхайан этэ-тыына турара бу баарга дылы. Учуутал миигин дэлби саатырта: атын оҕолорго тэҥнээтэххэ «кырдьаҕаспын», ол да буоллар, «улар курдук хоҥ мэйии» эбиппин өйдөттө, «уҥуоҕум уһун, өйүм кылгас» эбит. Кырдьык, маҥнайгы кылааска үксэ аҕыстаах-тоҕустаах оҕолор үөрэнэн бытырыыскайданар буоллахтарына, икки-үс оннук «кырдьан баран» оскуола паартатыгар олорбут, онтубутун бу күҥҥэ диэри оччо оройдоппокко сылдьыбыт оҕолор баар этибит. Саатар уҥуохпунан ол саҕаттан өндөс киһи буоллаҕым. Учуутал сааскы уһун өрөбүлгэ Мэлэкэҕэ барарбытыгар Дьаакабылап Уйбаан Сэмиэнэбэ Иэйэ тутуурун дьиэтигэр диэри сүгэн тиэрдиэхтээх диэн дьаһайда. Ол туолбутун-туолбатаҕын оҕолор бары туоһулуох буоллулар. Ити түгэнтэн кини биһиккигэ өстөһүү икки, кэтэсиһии икки ардынан дьикти сыһыан саҕаламмыта.
Күүтүүлээх сааскы кэм харалдьыктан харалдьыкка кылыйа ойон кэлбитин болдьуу, сааскы уһун өрөбүлбүт буолла. Мин, быстыам дуо, учуутал этиитин толоруохтаахпын. Оҕолор да ураты сорудаҕы умнубатахтар, бары Иэйэ биһиккини кэтииллэр. Кыыһым бииргэ үөрэнэр кыргыттарын ортолоругар сааһынан арыый аҕастара быһыылааҕа. Онон урут даҕаны чорбойор бэйэтэ билигин, били үҥсүбүтүн кэнниттэн, олох да баһылыктара буолла. Кыргыттар бары кинини тула көтө сылдьаллар. Өрөбүл иннинээҕи