Уйгур. Сайа Михалева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уйгур - Сайа Михалева

Скачать книгу

кэчигирээн олорбут бэтэрээннэрбит барахсаттар биир-биир суох буолан испиттэрэ: бастаан уоттаах сэриигэ сылдьыбыт бастакы кэккэ, онтон кинилэр кэннилэриттэн уочараттаабыт иккис кэккэ… Онтон илин сэриигэ сылдьыбыт соҕотох байыас хаалан, балачча тулуктаһан баран, эмиэ суох буолбут этэ. Оттон Уйбаан баара. Балтын кытта чөкө дьиэ атыылаһан туспа буруо таһаараллара. Сунтаартан сотору-сотору ааҥнаан кэлэн ааһар Өрүүнэ уолун оҕолоругар «эһээ» дэттэрэр киһи буолбут этэ.

      – Ол биһиги, былыргы дьон, оонньуубут бу үйэҕэ кэлэн кими кэрэхсэппит үһүө… – оҕонньор, оһоҕун иннигэр табахтыы олорон, утарытын да эттэр, мин диэки сэҥээрбиттии хайыһан көрбүтэ.

      Үөрэхпэр суруйабын диэн быһаардым. Онно хараҕа хайдах эрэ оҕо киэнин курдук чаҕылыс гына түспүтэ дьикти этэ. Онтон табахтыырын тохтотон, олоппоһун мин диэки хайыһыннаран, дьоһуннанан олорон, хайах хостоһуу, халбас харата, хабылык оонньуулар тустарынан, ытыскын таһына-таһына түөрт лабааҕынан сиргэ түһэн куоталаһар «солоҥдолуур» диэни, аҥаар атаххар туран аҥаар илиигинэн утары кулгааххын туттан, биир илиигинэн биир атаххын кэннигинэн хатыйа тутан баран, төҥкөйөн тыс үтүлүгү эрбэҕиттэн ытыран көтөҕүү диэн эридьиэстээх оонньууну, өссө ханныктары эрэ санаан кэлэ-кэлэ, туран хамсанан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитин суруммутум.

      – Оонньуулар бары да «спортивнай» хабааннаах эбиттэр дии. Хайдах эрэ барыта күрэхтэһии курдук. Эн мэлдьи кыайыылаах тахсарыҥ буолуо? – мин оҕо сааһым «Манчаарытын» утары көрөн олорон ыйытабын.

      – Ээ, оттон син… Атах оонньуутугар эҥин… – Уйгур хараҕа эмиэ уратытык чаҕылыйан ылбытын бэлиэтии көрөбүн.

      – Чэ, кэлиҥ, чэйдиэххэ! Уруккуну-хойуккуну түөһэн бардаххытый, онно туох үчүгэйи булуохха дылы. Хата, тоойуом, эн хайдах үөрэнэ сылдьаҕын, ону кэпсээ… – Өрүүнэ чаҥкынас саҥата биһигини ол үксэ күүһү-уоҕу, сымса буолууну сайыннарар оонньуулардаах ааспыт кэм оҕолорун олоҕуттан ороон таһаарар.

      Дэһэртиирдээһиҥҥэ эмиэ тиийбэтибит.

      Чэйдии олорон, чаанньык тумсун чааскыга төҥкөтөргө табыгастаах гына оҥоһуллубут хамсыыр мас олбоҕу сэргээбиппэр: «Оттон ыал буола охсууй, эйиэхэ эмиэ оҥорон биэриэм этэ буоллаҕа», – диэн Уйгур мүчүк-мүчүк гына олорбута.

II

      Дойдубут ыһыллыыта биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник силис тардыбыт урукку өйдөбүллэри сыыс от курдук харса суох турута тардар эрчимнээх, хорсун тыаллаах, салгыннаах этэ. Урут кэпсэммэтэх, кистэммит чахчылар көрүү-истии инники күөнүгэр тахсан, киин да, өрөспүүбүлүкэ да хаһыаттарын, сурунаалларын, тэлэбиисэр кэпсээнин баһылаан барбыттара. Хаайыылаах, дэһэртиир сүрүн дьоруойдаах суруйуулары дьон сырса сылдьан ааҕар буолбута. Үрүҥ бандьыыттар, «бурсууйдуу националистар» дэммит дьоммутуттан бастыҥнара саха кэскилин турууласпыт дьоруойдар буолалларын итэҕэтэр докумуоннар бэчээттэнэн барбыттара. Өктөөппүт өрөбөлүүссүйэтин күлүгү түһэрбэтэх күндэлэс күөнэ тиэрэ тардыллан, ис

Скачать книгу